Коркин турнирыгар Кеничи Юмото үс иитиллээччитин аҕалан туһуннарыаҕа

Ааптар: 
28.09.2017
Бөлөххө киир:

Улуу тириэньэрбит Дмитрий Коркин кэриэһигэр көҥүл тустууга быйыл онус төгүлүн ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга, Арассыыйаны аахпакка туран, сүүрбэ алта дойду күүстээх бөҕөстөрүн ыытарын номнуо бигэргэтэн олорор. edersaas.ru

Япония сүүмэрдэммит хамаандатын тириэньэрэ, Пекиннээҕи Олимпиада боруонса призера Кеничи Юмото Дьокуускайга үс бөҕөһү аҕалан туһуннарыа – Тошихиро Хасегаваны (57 кг), Тайши Нарикунины (61 кг) уонна Кей Йонезаваны (65 кг). Төһө да киэҥ эйгэҕэ биллэ илик буоллаллар, эдэр японецтар дойдуларыгар уонна Азия күрэхтэһиилэригэр боччум ситиһиилэрдээхтэр.

Ол курдук, Тошихиро Хасегава Япония чөмпүйэнээтин үрүҥ көмүс призера, аан дойду чөмпүйүөнэ Юки Такахаши кэнниттэн ыйааһыныгар иккис нүөмэринэн сылдьар.

19 саастаах Тайши Нарикуни Азия уолаттарга чөмпүйэнээтин 2014 сыллааҕы иккис призера, былырыын уонна быйыл Япония чөмпүйэнээтигэр үһүс миэстэлэрдээх, Дейв Шульц быйылгы мемориалын боруонса призера.

Кей Йонезава Япония 2016-2017 сс. чөмпүйэнээтин үрүҥ көмүс призера, устудьуоннарга күрэхтэһиитин быйылгы кыайыылааҕа.

Кинилэри тириэньэрдэрэ 2020 сылга Токиоҕа ыытыллар сайыҥҥы Олимпийскай оонньууларга сыаллаан бэлэмнииллэрэ сэрэйиллэр.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа: Пекиннээҕи Олимпиада боруонса призера Кеничи Юмото

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0