Корея “DOUBLE EIGHT” поп-бөлөҕө Дьокуускай килиэбин сөбүлээтэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр бастакытын ыытыллар “UNITY-2017” саха-корейскай култуура бэстибээлин чэрчитинэн, Соҕуруу Кореяттан сылдьар “DOUBLE EIGHT” поп-бөлөх бүгүн уонна сарсын “Триумф” спортивнай комплекска сыанаҕа тахсыахтара.


Биэс эдэр киһиттэн турар бөлөх Арассыыйаҕа бастакы гастрола буолар. Кинилэр бу иннинэ ордук хотугулуу-илиҥҥи Азиянан кэнсиэртээбиттэр. Саха сириттэн ураты, Арассыыйа атын куораттарыгар сылдьар былааннара суох. Фестиваль чэрчитинэн ырыаһыттар Дьокуускайга биир нэдиэлэ буолуохтара. Тэрийээччилэр кинилэри саха культуратын, норуотун билсиһиннэрэр сыаллаах кэрэхсэбиллээх сирдэринэн сырытыннарыахтара. Поп-бөлөх кыттыылаахтара мамонт туһунан үгүһү билиэхтэрин, сыарҕалаах ытынан хатааһылыахтарын баҕараллар. Бэҕэһээ көтөн кэлбит артыыстар Саха сирин тымныытын, хараҕы саататар сырдыгын уонна минньигэс килиэбин бэлиэтээтилэр.
Тэрийээччилэр: «Со5уруу Корея ыалдьыттара бэйэлэрин кытта сылаас күнү-дьылы аҕаллылар, кулун тутар 12 күнүттэн төттөрү тымныйыаҕа», — диэн «билгэлииллэр».

Варвара Попова, edersaas.ru, «Саха сирэ» хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0