Кореяҕа эмтэнии уратылара

11.10.2021
Бөлөххө киир:

Искэн ыарыылаах дьон элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр. Сорохтор Кореяҕа эмтэнэ баралларыгар харчы хомуйаллар. Онно эмтэнии чахчы туһалаах дуо? Туох ымпыга-чымпыга баарый?

Бу туһунан “КореяМедТур” тэрилтэ исписэлииһэ Эльвира Михайлованы кытта кэпсэттибит. Кини Кореяҕа үөрэммитэ, онтон кэриэй тылын преподавателинэн үлэлээбитэ, бу тэрилтэҕэ 5 сылын үлэлиир.

Күндү бириэмэҕитин сүтэримэҥ”

— Бу үлэҕин хайдах саҕалаабыккыный?

— Биллэн турар, киһи тус олоҕор ыарахан түгэҥҥэ түбэстэҕинэ, быыһанар суолу көрдүүр. Биһиги уолбут саахалга түбэспитигэр бары үүтү-хайаҕаһы көрдөөн, Кореяҕа эмтэнэр кыаҕы үөрэппиппит эрээри, кэмигэр кыайан көмөлөспөтөхпүт… Бу кэнниттэн дьоҥҥо информация наада диэн, ис-иһигэр киирэн, элбэҕи үөрэтэн, билбиппин үллэстэр этим. Онтон бу үлэҕэ ыҥырбыттара.

Аҕыйах сыллааҕыта, быһа рейстэр баар эрдэхтэринэ, ый аайы отуччалыы киһини ыытар этибит. Онно хас биирдии киһини батыһа сылдьан, бырааска киирсэн, ымпыгын-чымпыгын билсэн, хайдах эмтииллэрин көрөн-истэн, элбэххэ үөрэнэн, уопутуран испитим. Күн бүгүнүгэр диэри үөрэнэбин.

— Эһиги туох өҥөнү оҥороҕутуй?

— Бастаан миэхэ кэлэн, босхо сүбэ-ама ылаллар. Манна туох баар анаалыстарын, докумуоннарын илдьэ кэлэллэр, ол түмүгүнэн салгыы бырааһы кытары көрсөн сүбэлэтэр наадатын-наадата суоҕун быһаарабыт. Корея бырааһын кытары видеокэмпириэнсийэ көмөтүнэн тылбаасчыттаах олорон кэпсэтэллэр, бу кыра төлөбүрдээх буолар. Бу манна туохтара ыалдьыбыта, салгыы хайдах эмтэнэллэрэ, Кореяҕа бараллара-барбаттара быһаарыллар.

Үксүгэр искэн туһунан истэн баран, киһи уолуйан, ыксаан, тугу да толкуйдаабат, быһаарсыбат буолан хаалар. Быраас эппитинэн сылдьар, кэтэс диэтэҕинэ – кэтэһэр, тугу да гыммат. Барыта тардыллан, уһаан хаалар, онон хаарыаннаах бириэмэтин ыытан кэбиһэр.

Искэн ыарыыта уорбаланнаҕына, саамай сүрүнэ, күндү бириэмэҕитин сүтэримэҥ диэн сүбэлиэм этэ. Аан бастакыттан ыксаабыты-уолуйбуту аһарынан, бэйэ бодотун тардынан, хас да сиринэн сүүрэн, хас да быраас санаатын истэн, тэҥнээн көрөн, бары кыаҕы туһаныахха, үүтү-хайаҕаһы көрдүөххэ наада. Бу маннык барар-кэлэр сири билбэккэ, тула кулахачыйан хааллахха, биһиэхэ кэлэн сүбэлэттэриэххэ сөп. Хайаан да Кореяҕа барыахтааххын диэн буолбат, бу эйгэҕэ уопуттаах, бастыҥ бырааһы кытары кэпсэтэн, киэҥник көрөн, уопсай хартыынаны быһаарсыы, сүбэлэтии да улахан буоллаҕа. 2 күн иһинэн тугу гыныахтааҕын чуолкай билэн тахсар.

Үксүгэр манна чинчийии үчүгэйдик барбакка, ыарыыны баалатан кэбиһии түгэнэ элбэх. Кореяҕа барабыт диир дьоҥҥо докумуоннарын бэлэмниибит, визаны оҥорторобут. Икки сылтан бэттэх, Кореяҕа тахсыы визалаах буолла. Визаны мээнэ биэрбэттэр, ыарахан ыарыһахтарга, уустук эппэрээссийэни барар дьоҥҥо эрэ биэрэллэр. Аны тиийдэхтэринэ, 2 нэдиэлэ харантыыҥҥа олоруохтаахтар. Быһа рейстэр суохтар. Пандемия саҕаланыаҕыттан итинник уустуктар бааллар.

Антах тиийдэхтэринэ, биһиги исписэлииспит көрсөр, арыаллыыр, тылбаасчыт быһыытынан сылдьар. Аны биһиги пациеннарбыт “батсаап” бөлөхтөөхтөр, онно сүбэ-ама, өйөбүл баар буолар, бэйэ-бэйэлэрин булсаллар, көмөлөһөллөр. Нэдиэлэ аайы “зумунан” мунньах оҥоробут.

Чинчийиигэ, эмтээһиҥҥэ үрдүк көрдөрүүлээхтэр”

Кореяҕа эмтэнии атын дойдуларга, киин куораттарбытыгар да эмтэнэртэн уратыта тугуй?

— Аан дойдуга искэни эмтээһиҥҥэ 4 дойду инники күөҥҥэ сылдьар: АХШ, Германия, Израиль, Корея. Бу үс инники ааттаммыт дойдуларга эмтэнии бас быстар сыаналаах, аны пандемиянан сибээстээн, онно барар кыаллыбат буолла. Ону тэҥэ, Израильга кэмиэрчэскэй килииникэлэр олус элбэхтэр. Ол эбэтэр, кыайан үтүөрдүбэттэрин биллэллэр да, син биир ыҥыраллар. Ити дойдуларга чинчийэр аппарааттара барыта “Самсунг” хампаанньа гиэнэ буолла, ол, биллэн турар, Кореяҕа оҥоһуллар.

Онон Корея мэдиссиинэ аппаратууратын, уопут, быраастар квалификацияларын, эмтээһин өттүнэн бастыҥнар истэригэр сылдьар. Сыанатынан, чугаһынан, бары өттүнэн табыгастаах.

Бэлиэтээн этиэххэ наада, биһиги судаарыстыбаннай мэдиссиинэ тэрилтэлэрин кытары үлэлэһэбит. Кинилэр кыайан эмтээбэт буоллахтарына, ылбаттар, сымыйанан эмтиэхпит диэбэттэр. Ол чааһыгар хонтуруол улахан, рейтиннэрин көрөллөр.

Кореяҕа бэйэтигэр искэн ыарыылаахтар син биир элбэхтэр, ол эрээри, технологиялара үчүгэй буолан, эрдэ булан, эмтээн үтүөрдэллэр, өлүү суоҕун кэриэтэ. Чинчийии чааһыгар олус үрдүк, чуолкай көрдөрүүлээхтэр. Онон элбэх дойдулартан кэлэн эмтэнэллэр.

— Билигин Кореяҕа эмтэнии сыаната, ортотунан ыллахха, төһө буоларый?

— Уруккунан 1 мөлүйүөн кэриҥэ диэх этим, ол эрээри, виза, обсерватор, о.д.а. эбиллэн, билиэт сыаната ыараан, ортотунан 1,5-2 мөлүйүөн солкуобай буолар. Сороҕор, мантан кыра, сороҕор элбэх буолуон сөп. Манна чинчийии, эмтэнии, олоруу барыта киирэр. Сыанатын барытын эрдэ ааҕан биэрэллэр, киһи барыан иннинэ сууматын билэр.

Дьон доруобай буоларыгар көмөлөһүү – олоҕум суола”

— Эн бэйэҥ күннэтэ ыксаабыт, санаалара түспүт, ардыгар муҥур уһукка тиийбит ыарыһахтары кытары алтыһаҕын. Бу уйулҕа өттүнэн олус ыарахан буолбатах дуо? Ону хайдах аһарынаҕын?

— Уйулҕа өттүнэн ыарахаттардаах, судургу үлэ диэтэххэ, албын буолуо. Син биир киһи буоллаҕым, чугастык ылынабын. Ол эрээри, итэҕэллээх буоллахха, Үрдүкүлэр быһааралларын ылыннахха, син чэпчиир. Миэхэ бу киһини Үрдүкү Күүстэр мээнэҕэ ыыппатахтар, онон информацияны көрдөөн, булан, сүбэлээн-амалаан, муҥутуурдук көмөлөһө сатыахтаахпын. Бу кэнниттэн барарын-барбатын бэйэтэ быһаарар. Барар буоллаҕына, эмиэ сүүрэн-көтөн, докумуон хомуйсан көмөлөһөбүн. Салгыы быраастар үлэлэрэ саҕаланар, онтон, дьэ, Үрдүкүлэр быһаараллар. Бу киһини үтүөрэригэр көмөлөстүн диэн ыыппыт буоллахтара, онон эрэллээх сылдьаҕын. Ол эрээри, киһи Дьылҕатын ыйааҕынан, куһаҕан да буоллаҕына, син биир бэлэмҥин, ол аата Үрдүкүлэр быһаарыыларын утарбаккын, ылынаҕын…

Онтон ыарыһах ытыырын, араастаан иэйэрин-куойарын эмиэ тулуйаҕын – ол эмиэ үлэм сорҕото, олоҕум анала буоллаҕа… Төһө кыалларынан элбэх дьоҥҥо доруобай буолалларыгар көмөлөһүү – бу тус бэйэм уонна хампаанньа миссиябыт биир. Олоҕум бүтүннүү — үлэбэр диэтэхпинэ, сымыйа буолбата буолуо. Оччоҕо эрэ үлэ түмүктээх буолар.

Биир эмит өйгөр хатанан хаалбыт түбэлтэҥ баар дуо?

— Блохин аатынан институкка 7 сыл эмтэммит киһи баара. Онтон бүтэһик, 4-с стадиятыгар тиийбит диэн аккаастаан ыыппыттар, олороро 2 ый хаалбыт диэбиттэр. Чахчы, кыайан хаампат буолбут, кэлээскэҕэ үтэ сылдьаллара. Оҕолоро кэлэн көрдөспүттэригэр, бастаан аккаастана сатаабытым. Москвалар, анал институт аккаастаабыт буоллахтарына, кэриэйдэр да көмөлөһөллөрө саарбах дии санаабытым эрээри, оҕолоро туруорсаллара бэрдиттэн, ийэлэрин кытары илдьэ барбытым.

Онно тиийэн чинчийбиттэрэ, отой да онкология суох эбит. Олус күүстээх эмтэн уҥуоҕа некроз буолбут, ол иһин хаампат, кыаммат. Онуоха тута эппэрээссийэ оҥорон, уҥуоҕар тимир быратыас уган биэрбиттэрэ. Киһибит бэйэтэ торуосканан хааман кэлбитэ. Ол 3 сыллааҕыта этэ. Билигин оҕолоро оттуу, хаалыктаах хаама сылдьар хаартыскатын ыыталлар, махтаналлар.

Эмтэммит дьоммутун кытары сибээспитин тутабыт. 3 сыл устата миэхэ сылга үстэ анаалыстарын, рентгеҥҥэ түспүттэрин ыыталлар. Өрөбүлү, күнү-түүнү да аахсыбакка, сибээһи тутан олоробун. Билигин уонча киһи Кореяҕа эмтэнэ сылдьар. Биэс сыл иһигэр тыһыынчаттан тахса киһи баран эмтэннэ.

Туох кыалларын барытын оҥоруҥ”

Эльвира Андреевна, дьоҥҥо сүрүннээн тугу сүбэлиэ этигиний?

— Ыарахан диагноз турбутун да иһин, киһи эрэлин сүтэриэ суохтаах. Бүтэһик уһукка диэри олоххо тардыһа, тугу эрэ гына сатыахтаах. Чугас дьонугар бу эмиэ сыһыаннаах. “Туох эрэ кыалларын оҥорбокко, билбэккэ хаалбыппыт” диэн санаа киһини үйэтин тухары кэрбиир. Онон бириэмэни сүтэрбэккэ, бары кыаҕы туһанан, маннааҕы, Москва, омук быраастарын санааларын тэҥнээн көрөн, кыалларынан эмтэнэ сатыахха наада.

Биһиэхэ консультацияҕа сылдьан баран, “тоҕо эрдэ билбэтэхпитий?” диэччилэр. Быраас этэрин күүтэ сылдьыбыппыт дииллэр. Холобур, биһиги быраастарбыт “миоманы” эмтээбэттэр, кэтээн көрөллөр. Улаатар, оччоҕо эппэрээссийэлээн, уорганын кытта ылан быраҕаллар, эбэтэр, сүлүһүннээх искэҥҥэ кубулуйан хаалар. Онон “миоманы” кэтээн көрүү, таах кэтэһэн олоруу кутталлаах. “Миома” — бу искэн илдьитэ, доруобуйаҕа кэһиллии тахсыбытын көрдөрөр, онон кэлим чинчийии, көрдөрүнүү хайаан да наада.

Оттон “онкомаркеры” буортулаах анаалыс диибин, тоҕо диэтэр, үксүгэр метастаз бөҕө тарҕаныар диэри “үчүгэй” диэн көрдөрөр. Искэн үксүгэр туох да сибикитэ суох ыарытар. Онон эрдэттэн бэрэбиэркэлэнэ сылдьыллыахтаах.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: «КореяМедТур».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0