Өлүөхүмэ улууһун Дьаархан национальнай нэһилиэгин олохтоохторо 2017 сыллаахха эдэр, кэскиллээх биир дойдулаахтарын Николай Копылову баһылыгынан талбыттара.
– Николай Анатольевич, токколор дьэ хайдах олордугут?
– Кэминэн олоробут. Билигин Олоҥхо ыһыаҕар, Кыайыы 75 сылыгар бэлэмнэнэбит. Маныаха Токко уонна Уолбут кулууптара үлэлэһэллэр, нэһилиэнньэ көхтөөх. Кэлэктииптэринэн бэстибээл былырыыҥҥыттан саҕаламмыта. Өйдөбүнньүктэри сөргүтүөхтээхпит. Ааспыт сылга ыһыахтыыр сирбитин оҥостубуппут, 120 миэстэлээх хаххалаах тырыбыналаах. Олус үчүгэй миэстэҕэ турар, ыһыаҕы эрэ буолбакка, туох баар сайыҥҥы тэрээһиннэри итиннэ ыытабыт. Олоҥхо ыһыаҕар биһиги намнары көрсүөхтээхпит. Нэһилиэнньэ талааннаах дьоно, маастардар олбоҕуттан саҕалаан мас иһитигэр, таҥаһыгар-сабыгар тиийэ бэлэмнииллэр, үлэ барар.
ТУТУУ
– Нэһилиэккэ тутуу төһө барарый?
– Былырыын нэһилиэккэ аан маҥнайгы таас тутуу – 50 миэстэлээх уһуйаан уонна хочуолунай үлэҕэ киирбитэ. Оттон чааһынай өттүн этэр буоллахха, ИЖС бырагырааматынан үс дьиэ, биирдиилээн ыал түөрт дьиэни туттубута. Ону таһынан, хаһаайыстыбаннай тутууну ыыталлар. Икки сыл субуруччу икки-үс ыйга уһатан төлүүргэ кэпсэтэн, тутуу матырыйаалын ыллылар. Онон дьон олбуорун-хаһаатын, хаһаайыстыбаннай тутуутун саҥарта. Дьиэни-уоту толору хааччыйыыга (благоустройство) үлэ ыытаары толкуйдана сылдьабыт, атын нэһилиэктэр уопуттарын үөрэтэбит. Саастаах дьоммут дьиэлэригэр киллэрэргэ бүддьүөтү таһынан үлэлэһэн көрүөхпүт. Аны нэһилиэнньэ киин ититэр систиэмэҕэ холбонору ирдиир. Токко тэнийэн олорор нэһилиэк. Онон түөрт хочуолунайдаахпыт. Ол иһин ититиигэ холбуурга уустуктардаах соҕус. Күн бүгүн биир даҕаны чааһынай дьиэ киин ититэр систиэмэҕэ холбоно илик. Быйыл саҥа былааннанабыт. Оттон толору хааччыллыылаах сүүрбэччэ чааһынай дьиэ баар. Чугастааҕы сылларга культурнай-спортивнай комплекс тутуутугар үлэлэһэ сылдьабыт.
ОСКУОЛА БААР – ДЬОН ОЛОХСУЙАР
– Оскуола тутуута былааннанар дуо?
– Сорох атын нэһилиэктэргэ холоотоххо, оскуолалаахпыт эрээри, тымныы, аныгы ирдэбилгэ эппиэттэспэт диэн туруорсабыт. Оскуолабыт инвестиционнай бырагыраамаҕа 2023 сылга былааҥҥа киирбитэ. Быйылгыттан үлэни ыытар былааннаахпыт. Оскуолабыт интэринээттээх. Ол курдук, алын кылаастаах Бэс Күөлтэн, тоҕус кылаастаах Тээнэттэн, Киндигиртэн уонна чугас нэһилиэктэртэн олорон үөрэнэллэр. Онон хайаан даҕаны интэринээттээх буолара ирдэнэр. Оскуолаҕа күн бүгүн 138 оҕо үөрэнэр, оттон интэринээккэ 27 оҕо олорор. Уолбут оскуолатыгар түөрт уонча оҕо үөрэнэр. Токко уһуйааныгар – 77, Уолбукка отучча иитиллээччилээхпит.
УРБААҤҤА – БИИР БАСТЫҤНАР
– Урбаан эйгэтигэр улууска бастакынан ылсыбыт нэһилиэктэртэн биирдэстэрэ буоллаххыт.
– Оннук. Улууска урбаан эйгэтэ сайдыбыт нэһилиэктэртэн биирдэстэрэ диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Улууска 700-тэн тахса киһи урбаанынан дьарыктанар эбит буоллаҕына, Токкоҕо итинтэн араас хайысхаларынан 40-ча киһи үлэлиир. Холобур, суолу оҥорууну, тутууну бэйэбит дьоммут ыыталлар. Өҥө, атыы-эргиэн, маһы бэлэмнээһин, таҥастааһын, суолунан, уунан дьону таһыы… Араас хайысханы барытын хабан олорор буолан, үлэлэһэргэ үчүгэй. Нэһилиэнньэ даҕаны үлэлээх курдук. Арай, сыанабыт үрдүк соҕус. Олохтоох дьаһалта сыана быһар, модьуйар бырааппыт суох, сүбэлиэхпитин эрэ сөп. Ол да буоллар, күрэхтэһиигэ барар дьону кэмиттэн-кэмигэр босхо илдьэн-аҕалан, аҥаарын төлөтөн дуу өйүүллэр. Аны тэрээһиннэргэ даҕаны успуонсардыыллар. Эрдэттэн да этэр этим, сыананы күрэстэһии быһаарыахтаах. Дьон кэлин син үөрэннэ. Холобур, Өлүөхүмэ куоракка диэри айан төлөбүрүн 1000-1200 солкуобайга туруорсубут эбит буоллахтарына, билигин 650-700 солкуобайга тэҥнэһэр. Оннооҕор чугас нэһилиэктэргэ 1000 солкуобайга таһаллар. Биһиги дьоммут, үчүгэйэ диэн, лиссиэнсийэлээхтэр, билиэт биэрэллэр.
ҮЛЭНЭН ХААЧЧЫЛЛЫЫ
– Оччотугар нэһилиэккэ үлэнэн хааччыллыы хайдаҕый?
– Статистика көрдөрөрүнэн, үлэлиир дьоммут ахсаана – 658 киһи. Быйыл учуокка турарынан, үлэтэ суох 14 киһи баар. Улуустааҕы үлэлээх буолуу киинин кытта күүскэ үлэлэһэбит. Араас тэрээһиннэргэ, кууруска, үөрэххэ ыыталыыбыт. Ол курдук, былырыын иис, асчыт, суоппар уонна бульдозерист идэлэригэр ыытан үөрэттэрбиппит. Быстах кэмҥэ үлэ, бэйэ дьыалатын саҕалааһын бырагыраамаларыгар эмиэ кыттыһабыт.
ИНТЭРИНИЭТ, СИБЭЭС
– Урукку сылларга суол – хорук тымыр диир эбит буоллахтарына, аныгы үйэҕэ олохпут укулаата уларыйан, дьон интэриниэккэ улаханнык наадыйар курдук. Эһиэхэ хайдаҕый?
– Интэриниэт – аныгы кэм ирдэбилэ. Күн бүгүн үс мобильнай оператор баар эрээри, мөлтөх. Ону таһынан, ТЦТР уонна «Стриж» вай-фай ханааллара бааллар. Күн бүгүҥҥэ диэри дизельнэй электростанциянан уоттанан олоробут. Бу чааһыгар өрүс уҥуоргу нэһилиэктэри кытта үрдүк күүрүүлээх уот ситимин туруорсабыт. Чааһынай дьиэлэрбитин маһынан оттон олоробут. Гаас киирэрэ былааннаммат, икки өрүһү туоруон наада. Ол иһин уотунан сылытыы өттүгэр үлэни ыытарбыт ирдэнэр.
САПЫРААПКАЛААХ НЭҺИЛИЭК
– Нэһилиэккитигэр сапыраапкалаах эбиккит дии.
– Сапыраапкалыыр ыстаансыйалаахпыт. “Саханефтегазсбыт” тэрилтэ сайыҥҥы, кыһыҥҥы өттүгэр толору хааччыйар. Өрүс барыытын кэмигэр тиийбэккэ хаалааччы. Биһигиттэн чугас сытар Кэс Күөл, Киндигир нэһилиэктэрин олохтоохторо күһүнүн, сааһын биһигиттэн кэлэн ылаллар. Аны сыллата тырааныспар ахсаана эбиллэ турар. Токколортон массыынанан, катерынан Дьокуускайга дьону таһааччылар элбээтилэр. Ол иһин быйыл өссө эбии биир емкость туруоран, бэнсиинин эбэн биэриэхтээхпит. Ону таһынан, каартанан атыылаһарга анал тэрили туруоруохтаахтар. Күн бүгүн, холобур, АИ-92 бэнсиин сыаната 56 солкуобай 80 харчыга тэҥнэһэр.
ҮҮТ ТУРААН БУОЛБАТАХ
– Истэ олордоххо, барыта үүт тураан курдук. Ол эрээри, син кыһалҕалар баар буоллахтара.
– Сыллата нэһилиэнньэ ортотугар ыйытык ыытабыт. Онно туохха болҕомто уурары, туох этиилээхтэрин туоһулаһабыт, биэс сүрүн кыһалҕаны ыйарга этэбит. Быйыл үс сүүстэн тахса киһи кыттыбыта. Социальнай ситимҥэ “Приемная главы” диэн икки бөлөхтөөхпүн. Онно араас тыын боппуруостарын суруйаллар, туруорсаллар. Исписэлиистэрбит эмиэ ити чааһыгар кэмигэр эппиэттэһэллэр. Биирдиилээн боппуруостар элбэх буоллахтара. Дьаһалта үлэһиттэрэ, дьокутааттар бары түмсэн быһаарарга турунабыт. Мин үлэлии кэлэрим саҕана нэһилиэнньэ уулуссаларга уоту тардыыны туруорсар этэ. Уолбукка толору тартыбыт. Токкоҕо былырыын аҥаарын хааччыйбыппыт, быйыл бүтэрэр санаалаахпыт. Ону таһынан, суол буоппуруоһа турар. Нэһилиэк иһигэр, уопсайа, 24 килэмиэтир суоллаахпыт. Уонна улуус таһымнаах Даппарай – Токко учаастагар үлэни ыытабыт. Суол өттүгэр анал тиэхиньикэбит суоҕа атахтыыр. Ол иһин автогрейдер атыылаһаары үлэлэһэбит.
ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУБАР ТУҺАЛААРЫ
– Николай Анатольевич, эдэр киһи киин сиргэ, Дьокуускай диэки эҥин талаһыах эбиккин дии. Тоҕо тыа сиригэр кэлэргэ санаммыккыный?
– Элбэх киһи инньэ диир. Урут-уруккуттан нэһилиэкпэр төннөн кэлэн үлэлиэм, туох эрэ туһаны оҥоруом диэн толкуйдаах этим. Дьокуускайга үөрэнэ даҕаны сылдьан биир дойдулаах ыччаттарбытын түмэн үлэни ыытарга туруммуппут. Биллэн турар, табыллыбатах өрүттээх эрээри, эмиэ уопут буоллаҕа. Улуус дьаһалтатыгар үлэлии сылдьан бэйэбин сыаналанан, ыараҥнатан көрөн баран, нэһилиэкпэр баран үлэлиэххэ диэн быһаарыммытым. Билигин сөптөөх быһаарыыны ылыммыппын дии саныыбын.
Ыспыраапка
Өлүөхүмэ улууһун Дьаархан национальнай нэһилиэгэр Токко, Уолбут, Дьаархан сэлиэнньэлэрэ киирэллэр. Нэһилиэнньэтин ахсаана – 1 282 киһи. Икки оскуола, икки уһуйаан, икки кулууп, уо.д.а. тэрилтэлэр үлэлииллэр.
Н.А. Копылов 2009 сыллаахха Токко оскуолатын бүтэрбитэ. ХИФУ биологияҕа-географияҕа факультетын бүтэрэн баран, Солянка нэһилиэгин дьаһалтатыгар исписэлииһинэн, Улуустааҕы урбаанньыттары өйүүр кииҥҥэ салайааччынан, 2017 сылтан баһылыгынан талыллан үлэлиир. Улуус эдэр баһылыга. Кэргэннээх, икки оҕолоох.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru