Конституция — дьон туһугар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Арассыыйа дьоно-сэргэтэ Конституцияҕа киирбит уларыйыылары этинэн-хаанынан билиэх тустаах», — диэн Владимир Путин Федерация Сэбиэтин чилиэннэрин кытта көрсүһүүтүгэр эттэ.

edersaas.ru

“Конституцияҕа уларытыылары киллэрэргэ сүҥкэн үлэни ыыттыбыт. Нэһилиэнньэ бигэ туруктаах олоҕун түстүүр докумуон тосхоллоро сокуону оҥорууга киирэрин ааһан, норуот олоҕор дьэҥкэ көстүөхтээх”, — диэн туран, Владимир Путин Арассыыйа парламенын үрдүкү палататын күһүҥҥү мунньаҕар көрүллэр сокуоннарга Конституцияҕа киирбит көннөрүүлэргэ олоҕурар пууннары болҕойорго ыҥырда.

«Дьон баҕата, ирдэбилэ бэдэрээлинэй бүддьүөккэ хайаан да киириэхтээх”, — диэн дойду салайааччыта тоһоҕолоон эттэ.

Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенко сокуоннар дьон туһугар, норуот туһугар туһуланаллар диэн эттэ: “Билиҥҥи кэмҥэ дьон бигэ туруктаах олоххо тардыһар буолла. Дьиэтэ-уота, дьиэ кэргэнэ, чугас дьоно инникигэ эрэллээх буолуон, эрэх-турах сылдьыан, олох укулаата өйдөнүмтүө буолуон баҕарар. Конституцияҕа киирбит уларытыылар сүрүннээн онно ананан оҥоһуллубуттар. Чахчы дьиҥнээх, дьон туһугар үлэ барда”.

Манна даҕатан эттэххэ, Төрүт сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэрэргэ 70-тан тахса араас идэлээх дьон үлэлээбитэ. Манна аҥардас парламентарийдар уонна салалта буолбакка, араас эйгэ дьоно хабыллыбытын бэлиэтиир тоҕоостоох.  Бүтүн дойду “мэйиилээх” дьоно сүбэлэрин холбоон, судаарыстыба тутулун, олох-дьаһах бары эйгэтин хабан, үөрэтэн, сыныйан, бу билиҥҥи сокуон барылын силигин ситэрбиттэрэ.

Ирина Ханды, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэт ситмиттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0