“Норуоттан тахсар киэн туттар дьону – эдэр суруйааччылары, артыыстары, худуоһунньуктары иитии туһунан дириҥ ис хоһоонноох үлэ барбат. Саха интэлигиэнсийэтин хайдах иитэбит?” диэн ыйытыыга Духуобунас академиятын чилиэннэрин санаалара маннык.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоднай суруйааччыта Николай Лугинов: Бу түөрт киһи бары бу боппуруоһунан дьарыктанабыт. Сотору эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтара буолуоҕа. Талааннаах суруйааччылар кылам гыналларын кэтиибит, тула өттүттэн өйүүргэ бэлэммит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннай сүбэһитэ Андрей Борисов: Дьиҥнээх учуутал үөрэнээччилэрин кэннигэр саһыахтаах. Туох баар киинэҕэ, тыйаатырга режиссердар, артыыстар, сценаристар, олоҥхолуу эттэххэ, оруобуна 99 үөрэнээччилээхпин. Туох баар бэстибээллэри кыайар, киинэҕэ уһуллар дьон – мин үөрэнээччилэрим.
Норуот маастара Борис Неустроев-Мандар Уус: Мин үөрэнээччилэрбин аахпатаҕым. Ол эрээри, Саха сирин хайа баҕар нэһилиэгэр тиийдэхпинэ миэхэ үөрэммит, дьарыктаммыт дьон бааллар. Ону этэбин ээ, уус даҕаны, ханнык баҕарар талааннаах киһи даҕаны, үөрэхтээх киһи иннигэр-кэннигэр тэҥҥэ ылахтаһар ыччата суох киһи – кэскилэ суох киһи. Саамай ылахтаһар ыччаттардаах, оҕолордоох киһи – ол инникилээх.
edersaas.ru