Быраас Светлана Конобулова: «Доруобуйа — киһи баар-суох баайа»
Сунтаар улууһун Элгээйи учаастактааҕы балыыһатын сэбиэдиссэйэ Светлана Конобулова хайдах эмчит буолбутун ахтар уонна аныгы быраас туһунан саналаарын үллэстэр.
— Светлана Пантелеймоновна, устудьуоннаабыт сылларын туһунан сырдат эрэ. Тоҕо чуолаан мэдиссиинискэй үөрэххэ туттарсарга санаммыккыный, тоҕо атын үөрэххэ туттарсыбатаххыный?
— Мин оҕо сылдьан быраас буолабын диэн быһаарыммытым. Ийэбит барахсан соҕотоҕун үс оҕону улаатыннарбыта. Кини ыалдьан хааллаҕына ыксыыр аҕай этибит. Ол иһин, быраас буолар баҕа санаам өссө күүһүрбүтэ.
Дьокуускайдааҕы мэдиссиинискэй училищеҕа үөрэнэн, 21 сааспар биэлсэр-акушер идэтин ылан тыаҕа үлэлии тахсыбытым. Үлэбин олус сөбүлүүрүм, кэлэктииппэр табыллыбытым. Балыыһа араас үлэтигэр биэлсэрдээбитим, акушеркалаабытым, дьону да солбуйбутум.
2004 сыллаахха старшай сиэстэрэнэн үлэлии сырыттахпына салайааччынан анаабыттара. 2004 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын мэдиссиинискэй институтугар кэтэхтэн үөрэнэ киирбитим. Ол үөрэммит кэмнэрбин олус истиҥник саныыбын.
— Бэйэҕин хайдах устудьуон этим диэн саныыгын? Ханнык биридимиэттэри ордук интэриэһиргиир, ордорор этигиний?
— Өрөспүүбүлүкэ балыыһаларын главнай сиэстэрэлэрин, старшай сиэстэрэлэрин кытта олус эйэлээхтик, айымньылаахтык, интэриэһинэйдик үөрэммиппит. Киэҥ билиилээх, ирдэбиллээх преподавателлэргэ үөрэммит дьолбут эбит. Кинилэри олус истиҥник саныыбын, махтанабын, түгэнинэн туһанан тус олохторугар, сыралаах үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Ол курдук, «Общественное здоровье и организация здравохранения» дьиссипилиинэҕэ үөрэппит Николай Семенович Дьячковскай, Людмила Дормаевна Неустроева, ВСО кафедратын старшай преподавателэ, дипломнай үлэм куратора Мария Ильинична Прокопьева үөрэхпин бүтэрбитим да кэнниттэн тиһигин быспакка мэлдьи күүс-көмө буолаллара элбэҕи кэпсиир. Үлэбэр ситиһиилэрим институтум биэрбит билиитигэр уонна преподавателлэрим үтүө сүбэлэригэр олоҕурар.
Ол курдук, 2008 сыллаахха «Менеджмент в совершенствовании деятельности Эльгяской участковой больницы Сунтарского района» диэн тиэмэҕэ дипломнай үлэбин туйгуннук көмүскээбитим уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска маҥнайгы миэстэни ылан, «За лучшую научную студенческую работу» диэн мэтээлинэн, дастабырыанньанан наҕараадаламмытым.
— Билигин үлэлии сылдьар кэлэктиибин туһунан кэпсээ эрэ.
— Үлэбин олус сөбүлүүбүн. Кэлэктииппит 45 киһилээх, бары олус түмсүүлээхпит, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьабыт. Сонун санаалары олоххо киллэрэргэ үөрэ-көтө ылсар үлэһиттэрдээҕим санаабар санаа, күүспэр күүс эбэр. Сунтаар улууһугар улуус киинин кэнниттэн саамай улахан нэһилиэнньэлээх бөһүөлэк буолабыт. Мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьабыт. Идэлээх сойуус күүскэ үлэлээн, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттабыт.
Кэллэктиибинэн сир астаан, эмтээх оту хомуйан, кыһыннары стационар ыарыһахтарыгар утах оҥорон иһэрдэбит. Балыктыырбытын сөбүлүүбүт, стационарбыт, амбулаториябыт иннигэр сибэкки арааһын олордобут. Аны тэрилтэбит иһигэр суунар хос, туалет оҥотторбуппут, онон ыарыһахтарбытын үөртүбүт.
— Эн санааҕар, миэдик киһи туох хаачыстыбалаах буолуохтааҕый? Мэдиссиинискэй үөрэххэ туттарсыан баҕалаах оҕолорго, үөрэнэ сылдьар устудьуоннарга тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Миэдик, дьону эмтиир киһи, эйэҕэс майгылаах, дьон кыһалҕатын өйдүүр, аһыныгас, этэргэ дылы, эмп-том суоҕар ыарыһах санаатын сэрэйэр, тылын ылыннарар психолог буолуохтаах. Хас биирдии ыарыһахха туһунан «подходтаах» буолуохтаах. Биир алҕаска этиллибит тыл дуу, сыыһа туттунууҥ дуу ыарыһахха куһаҕаннык дьайыан сөп, онон мин сөптөөх сыһыаны ирдиибин.
Доруобуйа — киһи баар-суох баайа. Чэгиэн доруобуйалаах киһи санаабытын барытын ситиһэр кыахтаах, олоҕун уйгутун оҥостор туруктаах буолар, бэйэтин курдук кэскиллээх ыччаттанар.
Бу идэҕэ үөрэнэр устудьуоннар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, билиини уонна сатабылы иҥэриниэх тустааххыт.
— Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаҕын?
— Иллэҥ кэммэр баайарбын, иистэнэрбин, ас астыырбын сөбүлүүбүн, үүнээйилэрбинэн дьарыктанабын, айылҕаҕа сылдьан сир астыыбын, айылҕа кэрэ кэмнэрин хаартыскаҕа түһэрэбин.
Кэргэним доруобуйа харыстабылыгар үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, үлэ бэтэрээнэ. Биир уол оҕолоохпут, ИДьМ бэтэрээнэ. Биэс сиэннээхпит.
edersaas.ru саайтка анаан Туяра Павлова.
Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.