Степан — сахалартан аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыттыбыт маҥнайгы кондитер-устудьуон
Соторутааҕыта Абу-Даби куоракка ВорлдСкиллс (WorldSkills) аан дойдутааҕы чөмпүйэнээтигэр “кондитер дьыалата” компетенцияҕа медальон ылбыт Степан Кириллин, Дьокуускайдааҕы торговай-экономическай кэллиэскэ орто анал үөрэх устудьуоннарын кытта көрүстэ, ыйытыыларга хоруйдаата. Көрсүһүү кэнниттэн талан ылбыт идэтин, инники былааннарын туһунан туоһуластым.
edersaas.ru
-Степан, бэйэҥ тускунан билиһиннэрэ түс эрэ.
-Хаҥалас улууһун Кыһыл Үрүйэ сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Тохсус кылаас кэнниттэн Покровскай куоракка үөрэнэ киирбитим. Оскуоланы 2015 сыллаахха онно бүтэрбитим.
Ханна даҕаны үрдүк эҥин үөрэх кыһаларыгар докумуоммун биэрбэккэ, чопчу Дьокуускайдааҕы торговай-экономическай кэллиэскэ “технолог продукции общественного питания” салааҕа биэрбитим.
-Тоҕо?
— Ханнык идэни баһылыырбын олох эрдэттэн быһаарыммытым. Бу кэллиэһи ким даҕаны рекламалаабатаҕа. Бэйэм булбутум, онтон ийэбин Матрена Спартаковнаны кытта сүбэлэспитим. Үрдүк үөрэҕи уруккуттан сэҥээрбэппин. Мин көрдөхпүнэ, үлэ да булар уустук быһыылаах. Орто үөрэх кэнниттэн ханна, хантан баҕарар үлэ булуохха сөп.
-Тоҕо асчыт буоларга санаммыккыный?
-Эһээлэрим иккиэн олус үчүгэй асчыттар этэ. Кыра эрдэхпиттэн кинилэри көрөн улааппытым. Ол иһин эр киһи даҕаны аска сыстаҕас буолуон сөп диэн өйдөбүл баара.
-Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан төһө астыыр этигиний?
-Ийэбэр мэһэйдэһэн арыт мөҕүллэр этим. Ол да буоллар син биир тэйбэтэҕим. Бастакы бүлүүдэбин тугу астаабыппын бу диэн өйдөөбөппүн эрээри, санаабар, төрүөхпүттэн астыыр курдукпун. Арааһа, саамай судургуну — сымыыты буһардаҕым буолуо.
-Санкт-Петербурдааҕы кэллиэскэ үөрэнэр эбиккин дии, сорохтор университекка дэһэллэр.
—Университет иһинэн кэллиэс. Санкт Петербурдааҕы Судаарыстыбаннай торговай-экономическай университет аска экономическай-технологическай кэллиэһэ дэнэр.
-Дьокуускайтан тоҕо көспүккүнүй?
-Балаҕан ыйыттан үөрэнэн саҕалаабыппыт. Онтон сэтинньигэ сүүмэрдээһин буолбута. Региональнай күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кыттан, салгыы Хабаровскайга Уһук Илин уокурук финал аҥаарынааҕы күрэхтэһиитин ааһан, Москваҕа финалга тиийэн, Россия сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбитим. Итиннэ кыттааччылар олус күүстээхтэр этэ, бэйэбит испитигэр эмиэ сүүмэрдээһини ааспыппыт. Ол түмүгэр, компетенциябытыгар иккиэ буолан хаалбыппыт. Мин балачча өр кэм “дублер” быһыытынан сылдьыбытым. Онтон эмиэскэ кыттааччы буолбутум.
Санкт-Петербурга Саҥа дьыл кэнниттэн көспүтүм. Тренердэрим баран, дьарыктанарбар уустуктар бааллара. Эбиитин, хас сырыы аайы Дьокуускайтан Москваҕа көтөрбөр сөмөлүөккэ олус элбэх харчы барара. Айан төлөбүрүттэн сылтаан, хамаандаттан “көтө” сыспытым. Ол иһин, кыһалҕаттан Санкт-Петербурга көһөргө санаммытым.
-Хайдах быһыылаахтык үөрэнэҕитий?
-Сарсыарда кэлээт икки эҥин чаас курдук сыбаан оҥорорго (лепкаҕа) эрчиллэбит. Онтон былааммытын толкуйдуубут. Ол былааммыт хаһан табыллыар диэри дьарыктанабыт. Барыта баҕарбыт хоту табыллан испэт. Холобура, биир эмэ пирожнайы астыырга сорунабыт, дьиҥэр, судургутук астаан кэбиһиэххэ сөп буоллаҕа. Ол эрээри, күрэхтэһиигэ, кэлин үлэҕэ даҕаны хайдах усулуобуйа күүтэрэ биллибэт. Ол иһин, араас уустук барыйааннарын талан буһарабыт.
-Степан, тоҕо “кондитерскай дьыала” компетенцияны талбаккыный?
-Повар идэтигэр үөрэнэ киирдэҕим дии. Ону сэргэ кондитерскай дьыаланы үөрэтиэхпин баҕаран, куруһуокка суруйтарбытым. Салгыы WorldSkills киирэн, кэлин кондитерскай өттүгэр оҕуннум.
-Студеннары кытта көрсүһүүгэ, чөмпүйэнээккэ киһи сынньанар диэн аһарбытыҥ? Тоҕо?
-Сылы быһа бэлэмнэммит билиигин барытын чөмпүйэнээккэ тиийэн көрдөрөҕүн. Номнуо түмүктүүр түһүмэх буолар. Сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирэн бэлэмнэнэр сылаалаах. Син биир спортсменнар эрчийэр-үөрэтэр түмсүүгэ (сборга) бэлэмнэнэллэрин кэриэтэ. Сороҕор сууккаҕа 18-тыы чаас дьарыктанар түгэннэр эмиэ баар буолааччылар. “Физически” сылайбаккын эрээри, организмыҥ сылайар, кыраттын да ыалдьыахха сөп.
-Үөрэххин бүтэрдэххинэ салгыы үөрэнэр санаалааххын дуо?
-Санкт Петербурга хаалан үлэлээбит, өссө уопутурбут киһи диэн баҕалаахпын. Чопчу быһаарына иликпин. Бэйэбин профессионалбын дэммэппин, элбэх быраактыка наада. Иннибэр өссө да үгүс үлэ күүтэр. Кэлин, иҥэриммит билиибин дойдубар кэлэн тарҕатыам этэ, кондитерскай сыах да арыйыахха сөп. Ол эрээри, Саха сиригэр бородуукта (сырье) булар уустук. Барытын сакаастаан аҕалтарыахха наада. Аны, манна кэлиэр диэри сыаната төһө үрдүүрэ биллибэт. Онон оҥорбут бородууксуйа, сыаната эмиэ үрдээн тахсар.
-Манна баар кондитерскайдар оҥоһуктарын амсайан көрөөччүҥ дуо? Хайдах сыаналыаҥ этэй?
-Биллэн турар, ылан амсайабын. Ол эрээри, “бу үчүгэй”, “бу куһаҕан” диир кыаҕым да, быраабым даҕаны суох. Хас биирдии астан бэйэбэр тугу эрэ саҥаны иҥэринэ сатыыбын.
-Ил Дархан Гранын ылан баран төһө үөрбүккүнүй, хайдах туһанар санаалааххыный?
-Москваҕа кэлэн утуйа сыттахпына, сарсыарда эрдэ төлөпүөннээн иһитиннэрбиттэрэ. Олус соһуччу этэ, маҥнай өйдүү охсубатаҕым. Билигин туһаныахпын баҕарбаппын. Кэлин, бэйэм дьыала арыннахпына, оборудование ылынарбар туһаныам этэ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru