“Комсомол – мин дьылҕабар” кинигэ сүрэхтэннэ

Бөлөххө киир:

Быйыл муус устарга хомсомуол историятыгар биир бэлиэ күнү күүтэбит. Ол курдук, Саха сирин хомсомуола төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх күнэ үүнүөҕэ. Үөһээ Бүлүү оройуонун хомсомуолун бэтэрээннэрэ бу үбүлүөйү көрсө бэлэмнэниини саҕалаан, «Комсомол — мин дьылҕабар» диэн кинигэ сүрэхтэниитигэр муһуннубут.

edersaas.ru

«Бу кинигэҕэ хомсомуол араас көлүөнэ үлэһиттэрин, холкуос, сопхуос босхоломмут комсомольскай сэкиритээрдэрин, ону таһынан райкомол үлэһиттэрин, бюро чилиэннэрин, араас кэмнээҕи кэмпэриэнсийэлэргэ, пленумнарга уопсай түспүт 390 ахсааннаах хаартыскалар түмүлүннүлэр. Саҥа кинигэни билиһиннэриинэн сиэттэрэн, эдэр саас кэмнэрин, оччотооҕу үлэһит дьоммутун, ыччат пиэрмэлэрин, звенолары, кэлэктииптэри ахтан-санаан аастыбыт», — диэн “Комсомол – мин дьылҕабар” кинигэни хомуйан оҥорбут Маргарита Степанова (Акимова)  иһитиннэрдэ. Кинигэ-альбом улуус салалтатын үбүлээһининэн, 150 ахсаанынан “Дани-Алмас” типографияҕа бэчээттэннэ. “Комсомол – мин дьылҕабар” кинигэни Дьокуускайга уонна Үөһээ Бүлүүгэ сүрэхтээтилэр

Быһаарыы:
Маргарита Ивановна Степанова (Акимова) уруккута хомсомуол үлэһитэ. Баара-суоҕа 18 сааһыгар түөрт отделениены түмэр, оройуоҥҥа саамай ыраах сытар «Боотулуу» сопхуос босхоломмут сэкиритээринэн үлэтин саҕалаабыта. Үлэһит, эппиэттээх кыыһы хомсомуол райкома «Исидор Барахов» аатынан саамай улахан сопхуоска анаан эмиэ үлэлэппитэ. Эбэн эттэххэ, хомсомуол үлэтигэр биир дьиэттэн хомсомуол икки сэкиритээрэ баара сэдэх көстүү этэ. Ол курдук, бииргэ төрөөбүт убайа Иван Иванович эмиэ сохпуос хомсомуолун сэкиритээринэн үлэлээбитэ.
Маргарита Ивановна билигин элбэх кинигэ ааптара. Бу – онус кинигэтэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0