«Коммунтеплосбыт»: хомунаалынай өҥөнү дьиэттэн тахсыбакка эрэ төлүөххэ сөп

Бөлөххө киир:

Хомунаалынай өҥө иһин төлөбүр бытааннык барара биллэр.  Бу күннэргэ «Коммунтеплосбыт» тэрилтэ  исписэлиистэрэ иэстээх дьону кытта үлэни күүскэ ылыстылар.

2021 сыл тохсунньутуттан  саҕалаан балаҕан ыйыгар диэри  суукка 9 076 үҥсүү-сайабылыанньаны түһэрбиттэриттэн 4 611-гэр суут быһаарыыта тахсыбыт уонна ол сокуоннай сиилэтигэр киирбит. Ону олоххо киллэриигэ суут приставтара тустаах миэрэни ылан,  иэстэрин күүс өттүнэн сабар инниттэн  дьиэлэрин, тимир көлөлөрүгэр тиийэ туппуттар, бааҥҥа баар үптэрин ылан, тустаах тэрилтэҕэ тиийэрин хааччыйбыттар. Быраактыка көрдөрөрүнэн, бэрээдэги көрөөччүлэр өттүлэриттэн кытаанах миэрэ ылыллыбытын кэнниттэн  биирдэ эрэ иэстээх дьон туохха сыыспыттарын өйдүүллэр эбит.

Олоххо  баар араас балаһыанньаттан сылтаан дьон хомунаалынай өҥөнү төлөөбөттөрө эмиэ баар.  Соруйан анаан-минээн төлөөбөт дьон ахсаана аҕыйах.  Ол иһин «СӨ ОДьКХ» ГУП   хомунаалынай өҥөҕө мунньуллубут иэһи төлүүргэ аналлаах дуогабары түһэрсэн саҕалаата. Саамай сүрүнэ, куттаммакка, кэтэмэҕэйдээбэккэ, «СӨ ОДьКХ» ГУП  филиала  «Коммунтеплосбыкка»  тиийэн,  тустаах дуогабары түһэрсэргэ сайаапканы биэриэххэ наада. Бу улуустарга эмиэ сыһыаннаах.

Сайаапканы  өрөспүүбүлүкэбитигэр эпидемиологическай балаһыанньа уустугунан сибээстээн,   онлайн биэриэххэ  уонна тустаах төлөбүрү ыытыахха сөп:

«СӨ ОДьКХ» ГУП  http://jkhsakha.ru/ диэн  саайтыгар  тус кэбиниэт көмөтүнэн;

«СӨ ОДьКХ» ГУП  http://jkhsakha.ru/ диэн  саайтыгар   «Оплата ЖКУ» диэн түһүмэххэ киирэҕит уонна  баан каартатын талан,  төлөөччү счетун нүөмэрийэн суруйан баран, төлөнүллэр;

— JKHSAKHA диэн мобильнай сыһыарыыга киирэн, «СӨ ОДьКХ» ГУП  http://jkhsakha.ru/ диэн  саайтыгар  тус кэбиниэт көмөтүнэн төлөнүллэр. Сыһыарыыны PlayMarket-тан хачайдаа;

— Сбербаан-онлайн киирэн, «платежи» түһүмэх көмөтүнэн;

— Судаарыстыбаннай  өҥө портаалыгар (http://dom.gosuslugi.ru/) киириэххэ эмиэ сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0