Коммунальнай өҥө 6% үрдүөҕэ

Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ РФ премьер-миниистирэ Дмитрий Медведев 2017 сыллааҕы коммунальнай өҥө тарыыптарын бигэргэттэ.

Официальнай докумуоҥҥа сурулларынан, Москва олохтоохторугар коммунальнай өҥөлөр 7%-нан, Санкт-Петербурга, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна Камчаткаҕа 6%-нан улаатыаҕа.

Атын регионнары көрдөххө, Кемеровскай уобаласка – 5,9%, Башкортостаҥҥа – 5,8%, Тюмеҥҥэ – 5,4%, Приморской кыраайга уонна Свердловскай уобаласка – 5% үрдүөҕэ.

Онтон Хотугу Осетияҕа – 2,5%, Кабардино-Балкарияҕа – 3,3%, Дагестаҥҥа – 3,3%, Карачаево-Черкессияҕа, Чечняҕа уонна Адыгеяҕа – 3,4% улаатыаҕа.

Саҥа тарыыптар 2017 сыл от ыйын 1 күнүттэн олоххо киириэхтэрэ.

Анивера АКИМОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0