Колымана аһаата

Бөлөххө киир:

   Бүгүн батсаабынан «үрүҥ эһэ Колымана арҕаҕыттан таҕыста» диэн сурах тарҕанна. «Эдэр саас» сайт кэрэспэдьиэнэ  «Орто дойду» зоопаркаттан официальнай комментарий ыллыбыт. Зоопарка  «Сымыйа сурах» диэтэ. Эһэ муннун быктаран, балыгы ылан сиэбит. Колымана төрөөн баран, бүгүн бастакы аһааһына буолар. Санатар буолахха, үрүҥ эһэ быйыл тохсунньу ортото ийэ буолбута.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Наталья Сафонова, «Орто дойду» зоопарка научнай үлэҕэ методиһа:

Үрүҥ эһэ өссө таһырдьа тахса илик. Кулун тутар саҥата эбэтэр ортото тахсыаҕа диэн сабаҕалыыбыт. Кырачаан эһэ ийэтиттэн адьас харыс да халбарыйбат, аттыгар сылдьар. Барыта этэҥҥэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0