Колымаана эһэчээнэ сахалыы ааттаныаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сыл аайы олунньу 27 күнүгэр Аан дойдутааҕы үрүҥ эһэ күнэ бэлиэтэнэр – International Polar Bear Day. Үрүҥ эһэ туһунан кэпсиир-сырдатар, кинилэри араҥаччылыырга уопсастыба болҕомтотун тардар сыаллаах бу күн тэриллибитэ.

Учуонайдар бэлиэтииллэринэн, Россиянан, Норвегиянан, Канаданан, Гренландиянан, Алясканан бүгүҥҥү күҥҥэ, быһа холоон, 20-25 тыһыынча үрүҥ эһэ баара биллэр, 2008 сыллаахха ыам ыйыгар сүтэн эрэр көрүҥ быһыытынан “Кыһыл кинигэҕэ» киирбитэ. Россияҕа үрүҥ эһэни бултааһын 1957 сылтан бобуллар.

Варвара Попова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Тыйыс айылҕа усулуобуйатыгар үрүҥ эһэ 25-30 сыл олорор эбит. Оттон дьон көрүүтүгэр сылдьар эһэ үйэтэ уһуур. Ол курдук, 45 сааһыгар диэри тиийбитэ биллэр.
Бүгүҥҥү күн чэрчитинэн, биһиги ыалдьыттарбыт — «Орто дойду» зоопаркатын олохтоохторо Колымана, Ломоносов уонна кинилэр эһэчээннэрэ.
Эдэр аҕа аатын сүгэр атыыр эһэ ааспыт сыл сэтинньитигэр биэс сааһын томточчу туолла. Кини Ленинградтааҕы зоопарк (Санкт-Петербург) аатырбыт Меньшиков уонна Услада диэн үрүҥ эһэлэригэр уон бэһис оҕонон тереебүтэ. Нуучча чулуу учуонайа Михаил Ломоносов төрөөбүтэ 300 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх ыйын баттаһа күн сирин көрбүт буолан, Ломоносов диэн сүрэхтээбиттэрэ. Услада барыта холбоон 16 эһэчээнэ аан дойду араас муннуктарыгар, Австралия, Япония курдук дойдулар зоопаркаларыгар тиийэ баар. Билигин Ленинградтааҕы зоопаркаҕа биир үрүҥ эһэ — Ломоносов ийэтэ Услада эрэ баар. Хомойуох иһин, атыыр эһэ Меньшиков 27 сааһыгар сылдьан, ааспыт сыл алтынньы 4 күнүгэр өлбүт.

Ломоносов бэһис ыйыгар сылдьан арҕаҕыттан саас муус устарга эрэ тахсыбыт буоллаҕына, ааспыт сыл ахсынньы ый саҕаланыыта төрөөбүт эһэчээн арҕахтан хаһан тахсыай? «Орто дойду» үлэһиттэрэ сабаҕалыылларынан, Колымана оҕотун кулун тутар ый иккис аҥаарыгар «дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүө». Билигин эһэ оҕото тыһы, атыыр буолара биллэ илик. Ол да иһин бүгүҥҥү күҥҥэ диэри аата суох. Зоопарка научнай-сырдатар отделын начальнига Наталья Сафонова кэпсииринэн, эһэ оҕотун сахалыы ааттыыр санаа баар. «Эбэтэр аат толкуйдуурга куонкурус биллэриэхпит», — диэн кини этэр.

Ааҕааччылары бастакы эһэ оҕотун дьылҕата олус долгутар. Тоҕо төрөөбүт дойдутугар хаалбакка, ийэтин кытта олохсуйбакка, атын куоракка ананан барарый диэн үгүстүк ыйыталлар. Кырачаан эһэ үүтүнэн аһылыктанар кэмигэр (өссө сыл аҥаара кэриҥэ, эбэтэр арыый уһуннук) ийэтин кытта бииргэ буолуоҕа. «Орто дойду» зоопарка ыалдьыттара эһэ оҕотун сайын, күһүн устата көрүөхтэрэ. Оттон Ломоносов дьиэ кэргэнин кытта биир вольерга олорор кыаҕа суох. Айылҕа сокуонун быһыытынан, кини кыра эһэҕэ кутталы үөскэтэр.
Зоопаркаҕа төһө кыыл олохсуйара усулуобуйаттан тутулуктаах. Барыларын олохсутарга тус-туспа вольер ирдэнэр. Маны таһынан, сэдэх кыыллары үйэтитэргэ, ууһатарга Россия үрдүнэн анал бырагыраама баар. Ол бырагыраама үрүҥ эһэни эмиэ хабар. Бу бырайыак чэрчитинэн, тустаах куратор кыыллары зоопаркаларынан тарҕатар, түҥэтэн биэрэр эбээһинэстээх. Маннык дьаһал бу көрүҥ салгыы сайдарыгар, тэнийэригэр төһүү күүс буолар.
Билигин Колыманалаах Ломоносов бастакы эһэчээннэрэ биллэ улааппыт, атаҕар эрэллээхтик турар, оонньуур, арҕаҕыттан тахсыан баҕарар. Онуоха ийэтэ арҕах аанын бэйэтинэн бүөлүүр. Бүгүҥҥү бырааһынньыгынан кинилэр сөбүлүүр балыктарыттан, эттэн, оҕуруот аһыттан бэлэмнэниллибит бырааһынньыктааҕы торду амсайыахтара.

Варвара Попова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0