«Колмар» металлургическай корпорацияны кытта үлэлэһиэҕэ

10.09.2018
Бөлөххө киир:

IV Илиҥҥи экономическай форумҥа таас чоҕу хостуур «Колмар» хампаанньа, Саха өрөспүүбүлүкэтэ уонна «Baosteel Resources» Кытай металлургическай корпорацията бииргэ үлэлэһиини салгыы ыытар туһунан сөбүлэһии түһэрсиэхтэрэ.  Өр кэмнээх стратегическай былаан быһыытынан, «Колмар» хостуур кокска кубулуйар техническэй сыаннастаах таас чоҕун Кытайга таһаарыахтара. Кокска кубулуйар таас чоҕу үксүн энергетикэҕэ уонна бырамыысыланнаска тутталлар.

edersaas.ru

Baosteel улахан хампаанньа массыына бырамыысыланнаһыгар тимири, дьиэҕэ туттуллар электрическэй тэриллэри, ньиэп-гаас эйгэтигэр, уу тырааныспарын оҥорууга, тутууга уо.д.а үрдүкү технологиялаах бородууксуйаны оҥорон таһаарар.

Таас чоҕу хостуур «Колмар» хампаанньа «Соҕуруу Саха сирэ» урутаан сайдар сир сүрүн резиденэ. 2021 с. диэри таас чоҕу хостооһун уонна переработка 20 мөл. туоннаҕа тиийиэхтээх. Билигин 12 мөл. туонна кыамталаах «Инаглинская-2» диэн үһүс фабрика тутулла турар. Оттон Хабаровскай кыраай Мучка бухтатыгар аныгы таас чох терминала тутуллан, сылга 24 мөл. туонна бородууксуйаны хааччыйыаҕа.

«Колмар» таас чох атыытынан муҥурдаммакка, аан дойду ырыынагар бэйэтин эрэллээх партнер быһыытынан көрдөрөргө дьулуһар. Сыл ахсын оттугу тиэйэргэ хампаанньа өр кэмнээх хантыраак түһэрсэр.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0