Коллектордар иэстээхтэргэ нэдиэлэҕэ иккитэ эрэ эрийиэхтэрэ
Россия үрдүнэн иэстээх дьону ирдэһэр анал үлэһиттэр (коллектордар) дьону эчэтиилэрэ, араастаан сордууллара, сорох ардыгар кинилэр үлэлэриттэн өлүү-сүтүү да тахсара элбээн, былырыын олунньуга Госдумаҕа иэстээх киһи (биирдиилээн чааһынай дьон, предпринимателлэр буолбатах) быраабын көмүскүүр сокуон барыла киирбитэ. Сокуон быйыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирдэ.
Былырыын тохсунньуга Ульяновскайга коллектор иэстээх киһини ирдэһэн чааһынай дьиэҕэ умайа сылдьар бытыылканы быраҕан, икки саастаах оҕону уонна кини эһэтин эчэппитэ. Олунньуга Петрозаводскайга биир коллектор оҕо саадыгар теракт оҥоруом диэн куттаан, сэбиэдиссэйи ууга-уокка түһэрбитэ. Бадаҕа, бу кэнники икки улахан быһылааннар бу маннык сокуон тахсарыгар төрүөт буоллулар быһылаах.
Билигин аны сокуон тахсан, коллектордар маннык быһыыланаллара, дьону эчэтэллэрэ, күүс өттүнэн өттөйөллөрө, араастаан куттаан иэстэрин төлөттөрө сатыыллара, бобулунна. Бу сокуоҥҥа этиллэринэн, коллектор иэстээх киһини кытары нэдиэлэҕэ биирдэ көрсөрө, төлөпүөнүнэн сууккаҕа биирдэ, нэдиэлэҕэ иккитэ кэпсэтэрэ көҥүллэнэр. Коллектор иэстээх киһи аатын-суолун, иэһин үһүс киһиэхэ кэпсиирэ эмиэ бобулунна.
Коллектордар үлэлэрин анал боломуочуйалаах уорган бэрэбиэркэлиэҕэ, хонтуруоллуоҕа. Бу уорган коллектордар агентстволарын испииһэгин оҥоруоҕа. Бу испииһэккэ киирбэтэх агентстволар үлэлииллэрэ сокуонунан бобуллар. Манна даҕатан эттэххэ, кирэдьиит биэрэр дьоҕус тэрилтэлэр бэйэлэрэ иэстээх киһини эккирэтиһэллэрэ эмиэ сокуонунан хааччахтанна, онон анал үөрэхтээх коллектордар эрэ дьарыктаныахтара.
Коллектордар агентстволарын тэрийиигэ төлөбүр уон төгүл үрдээн 100 тыһ. солк. тиийиэҕэ. Оттон сокуону кэһии иһин ыстараап 2 мөл. солк. диэри үрдүөҕэ.
Аграфена КУЗЬМИНА.