Бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, аан дойдуга саамай аатырбыт гаастаах утах «Кока-кола» төрөөбүт күнүн бэлиэтиир эбит. Бу утаҕы 19-с үйэ бүтүүтэ, 1886 сыллаахха, Атлантаҕа олорор фармацевт Джон Пембертон диэн киһи айбыт. Оччолорго коланы эмп диэн аптекаҕа күҥҥэ тоҕустуу бокалынан эрэ атыылаан саҕалаабыттар.
Ол сылга «Кока-кола» бастакы рекламата тахсыбыт. «Пейте „Кока-кола“! Прекрасную и освежающую!» диэн слоганнаах утах кылгас кэм иһигэр Америкаҕа тарҕана охсубут. Ол төрүөтүнэн босхо биир бокал коланы иһэргэ диэн мөлүйүөнүнэн купон тарҕаммыт. Итиэннэ рекламалаах халандаардар, магниттар, тэриэлкэлэр атыыга тахсыбыттар.
Аны 20 сыл ааспытын кэнниттэн өстүөкүлэ бытыылкалаах кола тахсыбыт. Бытыылканы оччолорго муодаҕа кэлбит годе дьууппа быһыытынан оҥорбуттара биллэр. 1931 сыллаахха «Кока-кола» дьиҥнээх бренд буолан, аан дойду ырыынагар бүтүннүү тарҕанар. Маныаха хампаанньа сирэйинэн Санта Клаус бэйэтинэн буолар. Оттон Саҥа дьыл аайы бары күүтэр «Праздник к нам приходит» диэн ырыалаах грузовиктаах рекламабытын 1987 сыллаахха устубуттар эбит.
«Кока-кола» туһунан 20 интэриэһинэй чахчы:
- «Кока-коланы» аан бастаан депрессияттан уонна ньиэрбэ араас ыарыытыттан быыһыыр эмп диэн атыылаабыттар.
- Бастакы кола састаабыгар кола, ванилин сэбирдэхтэрин уута, лайм, лимон, мускатнай эриэхэ арыылара, апельсин элексирэ уонна кофеин киирэрэ. Гааһа суоҕа.
- «Кока-коланы» рекламылыыр бастакы щиты 1904 сыллаахха туруорбуттара. Ол билигин да миэстэтигэр турар.
- «Кока-кола» 1960 сыллаахтан эрэ тимир бааҥкаҕа кутуллан атыыланар буолбут. Ол иннинэ маннык иһиттээх утаҕы саллааттарга эрэ түҥэтэллэрэ.
- Икки лиитэрэлээх пластиковай бытыылкалаах утах 1977 сылтан атыыланар буолбут.
- «Кока-кола» хампаанньа 1928 сылтан Олимпийскай оонньууларга спонсор быһыытынан үлэлиир.
- Аан дойдуга хас сөкүүндэ аайы балтараа тыһыынча лиитэрэ «Кока-коланы» иһиллэрэ биллэр.
- Дойду аайы кола хаачыстыбата уларыйыан сөп. Ол кутуллар сирин уутуттан тутулуктаах.
- Саахара суох кола 1982 сылтан атыыланар.
- 0,33 лиитэрэлээх кола бааҥкатыгар 11 кыра ньуоска саахар киирэр.
- 1985 сыллаахха кола куйаарга «көппүт».
- «Кока-кола» хампаанньа кола эрэ утаҕы оҥорон таһаарбат, аан дойдуга биллэр өссө 500 кэриҥэ бренди айбыт.
- АХШ-га оҥоһуллар алюминий алта гыммыт биирэ «Кока-кола» бытыылкатын оҥорууга барар.
- «Кока-кола» хампаанньа аан дойду үрдүнэн рекламаҕа саамай элбэх харчыны барыыр тэрилтэнэн биллэр.
- Аан дойду үрдүнэн коланы кутар собуоттарга күннэтэ 300 млрд ыраас ууу баранар.
- Коланы саамай «иһэр» дойдуларынан Исландия уонна Мексика буолаллар.
- Индияҕа оҕуруоту араас үөнтэн харыстаан коланы куталлар эбит. Тоҕо диэтэххэ, онно кола сыаната чэпчэки уонна араас сириэстибэлэри кытта биир дьайыылаах.
- Кола чопчу ырысыаба — чып кистэлэҥ.
- Санта Клаус билиҥҥи уобараһа «Кока-кола» рекламатыгар анаан толкуйдаммыт.
- «Кока-кола» логотиба — аан дойдуга саамай биллэр логотип.
Сүрүн хаартыска — inance.bigmir.net саайтан.