КЛОУН-Кулуон

Ааптар: 
03.04.2022
Бөлөххө киир:

Аҕыс сыллааҕыта кыра кыыспар оҕоломмутунан, табаарыстара ыт оҕото бэлэхтээбитэрэ.

Мин сөбүлээбэтэҕим. Овчарка оҕото курдуга. Онтубут төрүт улааппат. Бэрт кыралаан эбиллэрэ. Түүтэ кылгас, сыста сылдьар этэ. Кулгааҕа налыгырас, чочуонай төбөлөөҕө. Кыһын кэлбитигэр дьоммут ыттарын таһырдьа туппуттара. Мин аһынан уйатыгар угуҥ диэн кууллаах от биэрэрим. Ытым киҥэ сүрдээх, миигин ытырыах курдуга.

Улахан тымныылар түспүттэрэ. Ол кэмҥэ дьоммут эдэр дьон аһаталлара кэмчитэ дуу диэн эрэммэккэ күн аайы ааһан иһэн аһатар этим. Ол оннук доҕордоспуппут. Бэйэм лайка ытым өлөн хаалбыта. Онон аны бу кыыһым ыта миэхэ көспүтэ. Кинилэр төрүт да көспүттэрэ. Даачабар дьиэтийбитэ. Таһырдьа хаһаайын кини буолбута. Күһүөрү биир эмэ тииҥ кэллэҕинэ аттынааҕы маска таһаарара. Тыһы буолан төрөөн барбыта.  Аттынааҕы хохуол ыалым куруук баайыыга турар лаайка ыттаахтар. Модьу таҕа улахан ыт. Биирдэ эмэтэ босхо бардаҕына миэхэ кэлээччи. Сымнаҕас ыт. Ытым киниттэн оҕоломмута. Биир ураанньыктаах оҕо хаалбыта. Онон икки ыттаммытым. Иккис сылыгар ийэтэ өлбүтэ.  Ытым тыһы. Оҕоломмута. Биир атыыр ураанньыктаах ыты хаалларбытым. Онтум биирин туолуута ийэтэ Нита ыалдьан өлбүтэ.  Тыһы оҕо уҥуоҕунан намыһах буоллар да, булка барыан баҕарара. Ийэтэ Нита, онтон кини Моойторук диэн ааттаммыттара. Баайбат этим. Бөһүөлэккэ барарбын билэрэ, батыспата. Уонча миэтэрэ атаараат, сирэйбин-харахпын көрөөт тохтуура, төннөрө. Дьоҥҥо сымнаҕас этэ, ол да буоллар үрэрэ. Киһи кэлбитин биллэрэрэ.

Биир күһүн уоппуска ылан чугастыы тыаҕа хаамарым. Дьэ, онно атын киһи буола түһэрэ хааман-сиимэн ыстаҥалаан бугуһуйбуттуу буолара. Киис суолун суоллаан барара. Биирдэ үрбүтэ. Маска таһаарта. Хаар түһэн халыҥаан барбыта. Баран истэхпинэ иннибэр киис элэс гына харааран суолу быста. Ыппын ыҥыран суолугар үҥүлүппүтүм. Сотору кииһи маска таһааран үрбүтэ. Тыаҕа наар үөһэ ыстаҥалыыра тугу эмэ көрдөрбүн диэн. Кини кулгааҕа  хороҕор буолбатаҕа. Биирдэ эмэтэ хоройоро. Бү күһүн оҕоломмута. Биир оҕо хаалбыта. Дьүһүнэ ойуччутун иһин хааллартым. Оҕото үлэбэр барбыппар батыспыта. Оҕото миигин батыспытын иһин, ийэтэ эмиэ батыспыта.  Ол барыытыгар өлбүтэ. Атараабалаах аһы сиэн. Докумуоннаах, кулгааҕар анал бэлиэлээх этэ. Быһыыны барытын ылара. Оҕото тыыннаах. Кыстаата. Акаары курдук күүлэйдии сылдьан сүтэрэн кэбиһэбин. Дьүһүнэ ураты буолан көстөр. Ол курдук клоуннуҥу дьүһүннээх өҥнөөх төбөлөөх.  Аатын Клоун диэнтэн сахатытан Кулуон диэн ааттыыбын. Миэнэ оннук буолбатар. Сымнаҕас. Син бөдөҥ буолуох чинчилээх. Атахтара суон. Кулгааҕа хороҕор. Алта ыйын туолан ааһан эрэр. Урукку ыттарым астара кэмчи, кыра аһастаахтар этэ. Бу элбэҕи аһыыр. Хааччахтан таҕыстаҕына ыттарга тиийэн эйэҥэһэлээри гыннаҕына сорох хадьырыйдаҕына куттанар, куотар. Били, кыратыгар сүтэрин биир билэр булчутум оҕо ыт кыратыгар барыҥныыры эккирэтэр диэбиттээх. Дьүһүнэ ураты буолан сүтэрэн буларбар чэпчэки этэ.

Эбэтэ такса боруода аҥаардаах этэ. Эһэтэ лайка. Аҕата улахан туга биллибэт ыт. Сайыны быһа үүрүллэ-үүрүллэ кэлэрэ.

Дьэ, оннук Кулуон диэн ааттаах ыттаахпын. Быһыы, пааспар  ылыахпыт.

Алаас Уола,

Хаандыга

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0