«Бу кинигэлэри таһааран дьонум-сэргэм өйүн-санаатын үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһыннарарга ытырым да санааны укпут буоллахпына, ол – мин дьолум. Суруйууларбын саҕалыырбар манан түмүктүөм, туочука туруоруом диэн санаабатаҕым. Ол толкуйбуттан билигин да аккаастаммаппын. Доруобуйам эрэ баар буоллар, кэрэ, үтүө дьон туһунан ахтыыларбын суруйуоҕум, ыччакка сэһэргиэҕим», — диэн биһиги бары ытыктыыр киһибит, судаарыстыбаннай уонна общественнай деятель, Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэттэрин, Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрэ, бырабыыталыстыба бастакы вице-премьерэ, Ил Түмэн бастакы, иккис, үһүс ыҥырыытын дьокутаата Климент Иванов 80 сааһын көрсө таһаарбыт «Олоҕум суола» уонна «Олоҕум аргыстара» диэн кинигэлэрин сүрэхтии туран эппитэ.
Кини ити суруйууларыгар: «Көлүөнэлэр утумнаһыылара, биир көлүөнэ ситиһиитин нөҥүө көлүөнэ дьон инники сайдалларыгар төһүү буолар, аҕа көлүөнэ дьон билиҥҥи эдэр көлүөнэ салайааччылар, үлэһиттэр дьоҕурдаах, ситиһиилээх буоллахтарына – ол эмиэ биһиги дьолбут», — диэн көлүөнэлэр алтыһыылара сайдыы суолугар ураты суолталааҕын ааҕааччы өйүгэр-санаатыгар иҥэн киирэр гына дьоһуннук, ол эрээри бэрт судургутук этэн кэбиһэр. Ити санааны хас биирдии суруйуутугар, ахтыытыгар баар. Ол баҕар кини айымньыларын ааҕа олорон дьэдьэннээх хонууга киирбит кэриэтэ сананаргыттан буолуо.
Итини этэн туран, бүгүн эһиэхэ Климент Егоровичтыын кэпсэтиибититтэн быһа тардан, ордук тыа сиригэр үлэлээбит сылларын ойуччу тутан, (кини олоҕун суолун биир балаһаҕа баҕарбыт да иһин кыайан киллэрбэппит) билсиһиннэрэбин.
«Буспут-хаппыт сирим – Абыйым»
— Улуустарга үлэлээбит сылларбын олус истиҥник ахтабын, — Климент Егорович кэпсэтиибитигэр киириэн иннинэ киинэ лиэнтэтин эргитэн эрэрдии мин үрдүбүнэн истиэнэҕэ ыйанан турар халандаары чочумча одуулаһан ылла. — Абыйга үлэлии тиийэрбэр (ааптартан: кини 1968 с. Абыйга Партия райкомун иккис сэкирэтээринэн, кэлин бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ) отут биирдээх этим. Бу иннинэ комсомолго үлэлээбит, партийнай оскуоланы бүтэрбит киһи, син хайа эрэ өттүнэн бэлэмнээҕим. Ол эрээри ити багааһым оройуон салалтатыгар ситиһиилээхтик үлэлииргэ төрүт эрэ буолбуттара.
Ити сылларга үлэҕэ сүрдээх дьоҕурдаах, үлэлиир баҕалаах, үтүө дьону кытары алтыһан үлэлээбитим инники олохпор ураты суолтаны ылбыттара, салайааччы быһыытынан үүнэн тахсарбар кинилэр олук буолбуттара. Ол курдук, партия обкомун бастакы сэкирэтээринэн Анастасия Никифоровна Степанова диэн Абыйга райсэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, Сэбиэскэй Сойуус Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, оройуоҥҥа улахан аптарытыаттаах киһи үлэлии олороро. Кини үлэтин-хамнаһын олус үчүгэйдик билэрэ, оройуон сайдар кэскилигэр сөптөөх былааннардааҕа, итиэннэ киһи быһыытынан олус муударай этэ. Бу санаатахха, бэйэм толоруохтаах функцияларбын этэн баран, хаһан да ыкпат-түүрбэт, күн аайы кэлэн ону хонтуруоллаабат этэ, бэйэм кыахпын таһаарарга, айымньылаахтык үлэлииргэ дьулуһарбар кыһаллыбыт эбит. Уопсай сыалы-соругу туруоран баран, бэйэбиттэн таһааран, эбэн-сабан үлэбин ордук тэтимирдэн биэрэрбин сөбүлүүр этэ. Ол иһин да буолуо, кинилиин олус тапсан үлэлээбиппит.
Аны мин кэлбит сылбар райсэбиэт исполкомун бэрэссэдээтэлинэн ол саҕана атын улуустарга элбэхтик үлэлээн уопутурбут эрчимнээх, үлэҕэ уопуттаах, ирдэбиллээх Николай Никитич Яковлев диэн киһи үлэлии кэлбитэ. Киниттэн хаһаайыстыбаннай үлэни, ордук коммунальнай сулууспаны, тыа хаһаайыстыбатын, капитальнай тутууну, баһылыырга-көһүлүүргэ үөрэммитим.
Онон эдэрдэргэ этиэх тустаахпын, — блокноппар сурунарбын одуулуур уонна диктант суруйтаран эрэрдии тылларын бытааннык этэр, — Киһиэхэ наставник оруола наһаа улахан суолталаах. Бастыҥ үлэлээх, уопуттаах каадырдар киһи олоҕор сүрдээх улахан өҥөлөөхтөр. Кумааҕыттан, сыыппараттан буолбакка, киһи оннук дьонтон холобур ылан үөрэнэр. Онон бэйэ билиитинэн муҥурдаммакка, бэйэни үрдүктүк туттубакка, аттыгар баар дьонуҥ үтүө уопуттарын ылынан, олору холобур оҥостор буоллаххына, салайааччы, үлэһит быһыытынан түргэнник сүһүөххүн уйунаҕын. Киһи киһиттэн үөрэнэр айылгылаах.
«Өссө сүүрбэччэ сыллааҕыта киллэриэхтээх этибит»
— Олохтоох салайыы биһиэхэ хойутаан киирбитэ. Итиннэ биһиги бэйэбит буруйдаахпыт. Дьиҥэр, Төрүт Сокуоммутунан 1993 с. саҕалаан олохтоох салайыныыны киллэриниэхтээх этибит. Ол эрээри ити сылларга Ил Түмэҥҥэ биир санааҕа кэлбэккэ, бу хамсааһын киирбэккэ хаалбыта. Дьон да онно бэлэмэ суоҕа. Кэлин, 2000 с. эрэ олохтоммута. Биллэн турар, ити хойутааһын үөрүйэҕи иҥэриигэ, уопуту ылыныыга охсубута, — сэһэргэһээччим үлэлээбит сылларын эмиэ хат эргитэн ылла быһыылаах, чочумча саҥата суох олордо, сылаас чэйин истэ. Манна ааҕааччыларбар санатан ылыым, Климент Егорович улуустарга (Абыйга, Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ) үлэлиир сылларыгар тыа хаһаайыстыбатыгар ойуччу суолтаны уурбута.
— Холобур, сир боппуруоһун ылыахха, — салгыы сэһэргиир, — Россияттан саҕалаатахха, биһиги, дьиҥэр, регионнартан бастакынан күүскэ туруорсан, 1992-93 сс. сиргэ бас билиини киллэрэргэ сокуон барылын оҥорон Россия салалтатыгар киллэрбиппит да, ити сылларга Аграрнай партия сир боппуруоһугар үгүс мөккүһүүнү таһааран, кыайан ылыныллыбатаҕа. Кэлин хойутаан 2000 с. Сир кодекса диэн ылыныллыбыта. Онтон нөҥүө сылыгар 2001 с. сири туһаныы туһунан сокуон оҥоһуллан тахсыбыта.
Оттон биһиэхэ Саха сиригэр ити 1992-93 сс. сокуон ылыныллыбатаҕын иһин, президент ыйааҕынан сири туһаныыга докумуон тахсыбыта. Нэһилиэнньэ сири ылыытыгар сөптөөх хардыылар оҥоһуллубуттара. Ити ордук 1995-99 сыллардаахха этэ. Ол гынан баран, аны Сир кодекса ылыныллыбытын кэннэ сири үллэрии боппуруоһа хаттаан турбута. Ити быыһык кэмҥэ сири түҥэтиини бэрээдэктээһиҥҥэ күүстээх дьаһаллар ылыныллыбаккалар, хойутаан хаалбыппыт. Ол содула билиҥҥэ диэри көстөр дии, сирбит үгүс өттө кураанах турар.
«Хайа кыалларынан барытын үллэстэн кэбиһиэҕиҥ»
— Климент Егорович, ити этиигиттэн сиэттэрэн, Уһук Илин регионнарга бэриллэр биир гектар туһунан ыйытыам этэ. Бу сокуон туһунан туох санаалааххыный, сири билигин үллэстэрбит хайдаҕый? — мин тутуу былдьаһан ыйытабын. Дьиҥэр, кини ыйытыахтаах боппуруостарбын бөрүөт сэрэйэ олордор, миэхэ ыйытыы биэрэрбэр суол аһан биэрэр. Эдэр киһи быһыытынан, мин онтон астынабын.
— Мин санаам биир: хайа кыалларынан биһиги бэйэбит сирбитин үллэстэ охсон кэбиһиэхтээхпит. Олунньуга диэри. Билигин Кытайы кытта Уһук Илин регионнарын сайыннарыыга ылсыахтара. Онно сир боппуруоһа бастакынан туруоҕа диэн сэрэйэбин. Онон билигин мөккүһүүгэ бириэмэни ыыппакка, төһө кыалларынан олохтоох дьон ылыаҕыҥ. Ол саамай сөптөөх уонна бэйэбитин көмүскэнэр дьаһалбыт буолуо этэ. Сир – хаһаайыннаах буолуохтаах. Сир – чааһынай бас билиигэ барыахтаах.
«Санаабытын уларытыаҕыҥ»
— Норуот өйө-санаата (менталитета) диэн баар. Биһиги урукку санаабыт уларыйа илик, хаҥас диэки таттара сылдьабыт. Ол өттүнэн бытааннык сайдан иһэбит. Ити биһиэхэ эрэ буолбакка, аан дойдуга барытыгар баар. Киһи куруук ааспытын өйдүү сылдьар, ааспытым ордук диэн өйдөбүлгэ киирэн хаалар. Ол иһин бу санааны уларытарбытыгар элбэх үлэ наада. Онуоха билигин оҥоһулла сылдьар өрөспүүбүлүкэбит 2030 с. диэри сайдыытын стратегиятыгар дьон өйүн-санаатын уларытыыга болҕомто ууруллубута хайҕабыллаах.
Билиҥҥи ыччат дьоҕурдаах, олох-дьаһах тупсан иһэр. Билиҥҥи көлүөнэ салайааччылар сөптөөх суолга тураллар. Аҕалара саҕалаабыт дьыалаларын сөпкө илдьэн иһэллэр. Аҕа көлүөнэ дьон онтон үөрэбит, — диэн түмүккэ Климент Егорович бар дьонугар хаһыат нөҥүө бүччүм санааларын тириэрдэр.
Оттон мин түмүккэ этиэм этэ, Климент Егорович, бу курдук, бэйэҥ этэргинии, ытырым санааларгын, биһиэхэ, ыччакка, тириэрдэ, кэпсии-ипсии, уопуппут оҥоойугун өссө да өр сылларга толорсо сырыт. Аҕа көлүөнэттэн үтүө үгэһи ылыннарбыт, санаабытын ситэриннэрбит, сүһүөхпүтүгэр бигэтик туран, бу олоххо эрэллээхтик үктэниэ этибит.
Аграфена КУЗЬМИНА.