Клим Федоров: «Хамаандам дьоно — амарах санаа аанньаллара»

Ааптар: 
12.01.2021
Бөлөххө киир:

Хамсык харантыына саҕаланаатын кытары Клим Федоров онлайн кэнсиэрдэри ыытан дьон-сэргэ сүргэтин көтөхпүтэ.

Көр көрүнэн, кэнсиэр кэнсиэринэн — ол эрээри харахпын симэн туран Клим Семенович дьон уйулҕатын эмтиир, киһини арыйар, сырдыкка кынаттыыр, бэл, бүдүрүйбүтү көннөрөр, кыһалҕалаахха көмөлөһөр дьоһун хамсаныылары оҥорор үтүө сүрэхтээх киһи диэтэхпинэ сыыспаппын. Бүгүн кинилиин сэһэргэһиибин саас сааһынан арааран эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабын.

«Харантыын кэмигэр сэргэхситэр» биэрии

Бу саас Америкаттан кэлэн баран ый аҥаарын курдук үлэлээбиппит кэнниттэн, харантыын саҕаламмыта. Үлэ «күөстүү оргуйа туран» эмискэ тохтоон хаалбыта. Кытайга дьаҥ турбутун кэнниттэн батсаап ситимин нөҥүө «дьон оптуобус тохтобулугар туран эрэ сууллан түһэллэр уонна өлөн хаалаллар» диэн, онтон да атын араас дьулаан сурахтар кэлэллэрэ. Ону ааҕан баран, «өскөтүн бу ыарыы биһиэхэ кэлэр түгэнигэр, чахчы ыарахан олох иһэр эбит, онон сэрэниэххэ, бэлэмнэниэххэ наада» диэн санаалар киирбиттэрэ. Бэйэбин кытта үлэлии сылдьар эдэр уолга «Үчүгэйэ суох олох иһэр, хаһаастаах буол, хамнаскын мээнэ туттума, бөҕү-саҕы ылыма, харчыгын уурунан ис, кэнники наада буолуо» диэн сүбэлиирим. Өскөтүн харантыын оҥордохторуна бэйэбит үлэлээн хамнастанар дьоҥҥо ыарахан буолуоҕун билэн, эрдэттэн бэлэм буоларга толкуйдаммытым. Туох баар улуустар кулууптара барыта сабыллан хаалар, оччоҕуна хайдах буолабытый? Бу ыарахан кэмҥэ дьону-сэргэни хайдах сэргэхситэбитий? «Уустугу, санаа түһүүтүн саатар кыратык умуннара түһэр гына тугу гынабытый?» диэн ыйытыылар үүйэ-хаайа туталлара. Сылдьарым тухары өрүү ону толкуйдуур, тобула сатыыр этим. Тобулар толкуй тосхойор түгэнэ үүммүтэ маннык этэ.

Үс күн хоспор сыттым. Туох да суох — хабыс хараҥа, иннибэр ханан да сырдык тыкпат. Толкуйдуу сатыыбын туох да кэлбэт, тэлэбиисэргэ биир кэм барыта «дистанционно», «дистанционное обучение» буолан хаалла. Арай, оннук сытаммын «дистанционно» конкурстары оҥордохпуна хайдаҕый диэн санаа күлүм гынна. Онно тута «Инстаграм нөҥүө ырыа күрэһин оҥоробун, кыайыылаахха бачча бириис» диэн биллэрии суруйааппын кытары, сайаапка бөҕө киирбитинэн барда. Мин ороммуттан ойон турдум, остуолга баран олордум даҕаны испииһэк оҥорбутунан бардым. Онтон саҕалаан араас хабааннаах күрэс бөҕөнү оҥордум. Уопсайа сүүстэн тахса ырыаһыт, биир оччо үҥкүүһүт, араас талааннаах дьон — барыта хас эмэ тыһыынча киһи күрэстэргэ кытынна, дьон санаата көнньүөрэн, үөрүү-көтүү сэргэхсийии бөҕө буолла.

Биирдэ ырыаһыт Саина күүлэйдии кэллэ. Онуоха мин: «Саина, быһа биэриинэн кэнсиэр көрдөрүөҥ дуо, дьон-сэргэ сэргэхсийдин» диэн этии киллэрдим. Ол иннигэр быһа биэриинэн подписчиктарбын кытары кэпсэтэ-кэпсэтэ ыллаан, кэнсиэрдии сылдьыбытым. Саинам сөбүлэһэн, кэнсиэр көрдөрдө. Дьон астыныы бөҕө буолла. Оннук араас сулустар, ырыа кэһиилээх ырыаһыттар ыалдьыттаан, ыллаан-туойан, дьону-сэргэни кытары ирэ-хоро кэпсэтэн барар буоллулар.

Мин хамаандам …

Кэнсиэрдэри сэҥээрэн дьон махтанар үтүө тыла күн аайы кэлэ турар. Күн аайы «Клим, ким ыалдьыттыыр?» дииллэр. Инстаграмҥа сурутааччым элбээтэ. Урукку өттүгэр 52 тыһыынча киһи миигин көрөр, ааҕар эбит буоллаҕына, бу харантыын кэмигэр 57 тыһыынча киһи эбилиннэ, онон 109 тыһыынча киһи суруйтарда. Мин көрөөччүлэрим кимнээҕий? Оскуола, уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан Арассыыйа араас куораттарыгар, ону тэҥэ тас дойдуга олорор саха дьоно буолаллар.

Дьэ сүүс тыһыынчаттан ордук киһини туохха муспуппунуй? Мээнэ көрүнньүккэ, көргө-нарга эрэ буолбатах. Бастатан туран бу мин хамаандам буолар.

Мин бу хамаандабын иитэбин-үөрэтэбин, кинилэри илдьэ олох устун айанныыбын. Хайдах сиэрдээх буоларга, үчүгэйи өрө тутарга, иирсибэккэ-кыыһырсыбакка сылдьарга сүбэлэри биэрэбин. Киһи өйүн-санаатын үтүө өттүгэр уларытабын, бэйэҕэ эрэллээх буоларга үөрэтэбин. Үөрэхпин өйдөөбөт, ылыммат, көрбүтүн үөхсэ, барытын таҥнарытын этэ олорор дьону «блоктуубун». Кинилэр өрүү дьон куһаҕанын ырыталлар. Ырыаһыт кэлэн ыллыы турдаҕына, ол ырыаһыты үөҕэ олороллор. Оннук дьон миэхэ наадата суохтар. Кинилэри тута бэлиэтиибин уонна этиһэ дуу, үөхсэ дуу барбакка, туох да тыла суох «блоктаан» кэбиһэбин. Өйдөөбөт киһи өйдөөбөт. Дьон ортотугар араас майгылаахтар-сигилилээхтэр уонна мөкүгэ, куһаҕаҥҥа атыттары сутуйааччылар элбэхтэр. Оннук дьону туоратан, хамаандам ырааһыран, киһи үтүөҕэ үөрэтэр тылларын истэн, ылынан санааларын үчүгэй өттүгэр уларыппыт дьон хаалаллар.

Аһымал санаа аанньаллара

Бэйэм олус аһыныгас дууһалаах киһибин. Аһымалтан хаһан даҕаны туора турбаппын. Хамаандабын эмиэ кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөр гына ииттим. Кыһалҕалааҕы таах көрөн эрэ кэбиспэккэ, «Оо, барахсан» диэн аһынан баран ааһа турбакка — көмөҕө кыттыһарга уонна онтон үөрэргэ үөрэттим.

Атын блогердарга эмиэ этиэм этэ, мээнэ көрүнньүк дьону умнан баран олорумаҥ, үөрэтэрим крдук бөлөхтөн таһааран иһиҥ, этиһэ барымаҥ. Хамаандаҕытын иитиҥ-үөрэтиҥ, дьоҥҥо туһалаах гына салайыҥ, оччоҕуна эн хамаандаҥ олус туһалаах буолар.

Мин хамаандам амарах сүрэхтээх, аһыныгас дууһалаах дьонтон турарын билэбин, онтон олус үөрэбин. Сэтинньи тоҕус күнүгэр Москубаттан Дьокуускайга кэлээри сылдьан Бурнашовтар диэн эдэр ыалы көрсүбүтүм. Кинилэр кыһалҕаларын кэпсээбиттэригэр, истэн эрэ кэбиспэккэ көмөлөһөр сыаллаах, тута подписчиктарбар тахсыбытым. Көмөҕө ыҥырыыбын быһа гыммакка, икки күн иһигэр мөлүйүөн тоҕус сүүс харчыны хомуйдубут. Ити олох үчүгэй рекорд. Туһааннаах көмөнү тута оҥорбут барытын өйдүүр үтүө санаалаах дьон мин хамаандам буоларыттан үөрэн хараҕым уутун туттумматым… Биһиги оҕолорбут уонча хонук эмтэнэн, сэтинньи сүүрбэтигэр Дьокуускайга кэлбиттэрэ.

Дьокуускайга кэлбитим кэнниттэн, оһоллонон атаҕа быстыбыт Юлиан Юмшановы миэхэ ыыт да ыыт буолуллар. Быһа гыммакка, бу оҕоҕо тиийэн, кинини кытары кэпсэтэн, быһа биэриинэн подписчиктарбар таһаардым. Киһи харах уута суох көрбөт түгэнэ буоллаҕа. Ытаһан, оҕону аһынан ким төһөнү кыайарынан мунньан мөлүйүөн кэриҥэ харчыны хомуйан биэрдибит.

Суруналыыс доҕорум, «Арчы» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Людмила Ноговицына быһа биэриилэрбин көтүппэккэ көрөр. Интэриэһинэйин иилэ хабан ылан хаһыакка таһаарар. Кини Юлиаҥҥа эмиэ улахан көмөнү ыытан, Ил Түмэн дьокутааттарыгар тахсан, кинилэр нөҥүө Судаарыстыбаннай Дума дьокутаатын Федот Семенович Тумусовы кытары сибээстэспитэ. Федот Семенович балаһыанньаны бэйэтин илиитигэр ылан, оҕобутугар көмөлөспүтэ, биһиги быһа биэриибит биир үтүө түмүгэ буолар. Харыстаана диэн кырачаан кыысчааҥҥа аҕыйах күн иһигэр мөлүйүөнтэн тахса  хомуллан эмтэнэ сылдьар. Ону тэҥэ батсаап ситимин нөҥүө тарҕаммыт оҕо «ийэбин быыһааҥ» диэн ыҥырыытын бары истибиккит, бу ийэни кытары быһа биэриигэ тахсан харчы хомуйбуппут. Билигин даҕаны кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөбүтүн оҥоробут.

Эн бэйэҥ хамаандаҕын тэриммит, ону сатаан салайар буоллаххына — тугу барытын кыайар кыахтааххын. Өскөтүн көрүнньүккэ эрэ дьону түмэр буоллаххына, онтон туһа тахсыбат. Дьону түмэн, сөпкө иитэн, салайан, биир хамаанда буоларга дьулуһуохха наада.

Бэйэм амарах дууһалаах, аһыныгас санаалаах хамаандабар — подписчиктарбар, Сахам сирин дьонугар үтүө санааҕыт иһин махтанабын!

Сырдыкка суолу арыйыы

«Сырдыкка суолу арыйыы» диэн бырайыагым үлэлээбитэ балачча буолла. Олохтон бүдүрүйбүт, аһыы утахха убаммыт ийэлэри кытта үлэлиирим. Элбэх ийэни арыгы алдьархайыттан арааран, бэттэх аҕалан, билигин элбэх ийэ чөл олоҕунан олорор. Олортон биирдэстэрин быһа биэриигэ таһааран көрдөрбүтүм, бу иннинэ эмиэ көрдөрбүтүм. «Саха» НКИХ «Сардаана» биэриигэ таһаарбытым. Намтан төрүттээх кыргыттар биэриигэ олохторун кэпсээбиттэрин истэ олорон, киһи хараҕын уутун кыайан туттуммат этэ. Хайдах маннык дьэбэрэ олоҕор олорбуттарын, онтон хайдах тахсыбыттарын, онно мин тугу көмөлөспүппүн барытын кэпсээбиттэрэ.

Онтон бу аҕыйах хонуктааҕыта Тааттаҕа үлэлии сылдьан сыанаҕа таһаарбыт киһибин Ыйдаҥа Маргарита Уйбаан кыыһын көрсө түстүм. Кини уон сыл устата БОМЖ олоҕунан олорбутун уонна онтон хайдах тахсыбытын туһунан биэрии оҥорбуппут. Онно Маргарита кыһыннары-сайыннары олорор, хонор сирэ суох ханна түбэһиэх иһирдьэнэн-таһырдьанан хонон-өрөөн сылдьыбытын итэҕэтиилээхтик кэпсээбитэ. Аан бастаан хайдах аһыы утаҕы амсайбытын, барыта биир үрүүмкэттэн саҕаланарын, арыгыны иһэригэр туох сылтах буолбутун, арыгы хайдах түргэнник хам ыларын, төһөлөөх атаҕастабылы ылан ытаабытын-соҥообутун туһунан дууһатын арыйбыта. Ол сылдьан Таҥараттан көрдөспүтүн, Таҥара киниэхэ көмөлөспүтүн, сырдык олоххо хайдах хардыылаабытын уонна киниэхэ кимнээх көмөлөспүттэрин дьон иһийэн олорон истибитэ.

Бу биэриини көрүнньүк курдук оҥостубакка, арыгыны көр оҥостон саҥа иһэн эрэр эдэр ийэлэргэ анаан «Арыгынан оонньоомоҥ, арыгы дьаата бэйэҕитинэн оонньуоҕа» диэн сыаллаах көрдөрдүбүт. Өйдөрүгэр тугу эмэ ырыҥалыыр дьон хайаан да көнө суолу тутуһуохтара, куһаҕан дьаллыктан тэйиэхтэрэ, оттон арыгы номнуо ылбыт дьоно маны кыайан өйдөөбөттөр. Өссө хам ыллараннар таҥнары түһүүгэ бара тураллар. Онон син элбэх киһиэхэ туһалаах буолбута буолуо, дьон өйүн-санаатын уларыппыттара буолуо диэн эрэнэбин. Итинник хабааннаах үлэлэри элбэхтэ ыыппытым.

Социальнай үлэһиттэри кытары кэпсэтэн баран нэһилиэктэргэ тахсан, арыгыттан тэйиэн баҕалаах ийэлэри, кэрэ аҥардары кытары биирдиилээн үлэлиибин. Онно кэрэ аҥар бэйэтэ сөбүлэҥин биэрэр уонна арыгы дьаатыттан арахсыан баҕарар буолуохтаах диэн ирдэбиллээхпин. Биллэн турар, дэбигис ээх дииргэ ыарахан буоллаҕа. Мин кинилэрдиин хас биирдиилэрин кытары кэпсэтэн, олус элбэх мэһэйи туораан, элбэх харгыһы алдьатан кинилэр ис бэйэлэригэр киириэхпин, ис дьиҥнэригэр тиийиэхпин наада. Кинилэр этэр тылбын истэн, миэхэ итэҕэйэн сөбүлэҥнэрин биэрдэхтэринэ үлэлэһэн барабын. Үчүгэйэ диэн мунньан биэрбит кыргыттарын барыларын кытта үлэлээбитим. Биир бырыһыан аккаастанан тахсыбыта, тоҕус уон тоҕуһа сөбүлэһэн көнөр суолга үктэммиттэрэ.

«Ыллыыр мыраан» 15-һин туолар

«Ыллыыр мыраан» лааҕырбыт 2006 сылга саҕаламмыта. Мин бу лааҕырбын дьоллоох оҕо саас диэн ааттыыбын. Тоҕо диэтэххэ, манна кэлэн оҕолор дьоллоох оҕо сааһы ылан бараллар. Кыбыстанньаҥ, бэйэтигэр бүгэн хаалбыт, санаатын сатаан эппэт, төрөппүттэрин тылын истибэт, доҕоро суох соҕотохсуйбут, күнү супту көмпүүтэргэ олорор, дьонун кытары тапсыбат о. д. а. араас майгылаах-сигилилээх, араас характердаах оҕо бөҕө кэлэн ааспыта. Биһиэхэ кэлэн арыллан, олоҕу атын харахтарынан көрөн барбыттара. Билигин номнуо олоххо киэҥник хардыылыы сылдьар дьон. Лааҕырбыт үлэлээбитэ эһиил уон биэс сыла буолар. Ол тухары «Ыллыыр мырааҥҥа» алта-сэттэ тыһыынча кэриҥэ оҕо кэлэн барда. Биирдэ даҕаны тэлэбиисэргэ, араадьыйаҕа, хаһыакка биллэрии биэрбэккэбит «этэрбэс араадьыйатын» көмөтүнэн истиһэн кэлэр этилэр. Оҕо майгыта уларыйбытын атын дьон бэлиэтии көрөн, ханна сырытта диэн туоһулаһан элбэхтэ кэлбиттэрэ. Оҕолор номнуо улааттылар. Биир кыыс алта оҕолоох ийэ, биир уолум Саха тыйаатырын артыыһа, биир оҕом Ньурба народнай тыйаатырын артыыската, элбэх оҕом судаарыстыбаннай  филармония ырыаһыттара, ону тэҥэ элбэх оҕом ырыа учууталынан, культура эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар дьон.

Клим Федоров аһымал санаа аанньаллара буолбут хамаандатын дьонун кытары кыһалҕалаахтарга көмөлөспүттэрэ дьоһун уонна хайҕаллаах быһыы. Үтүө үтүөнэн үс төгүл үрдээн, уон оччонон улаатан төннөрүгэр баҕарабын. Киһи киһитэ Клим Федоров саха дьолугар төрөөбүт киһи.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0