Клещтэн сэрэниҥ! Нэдиэлэ иһигэр тоҕус киһи ытыттарбыт

Ааптар: 
15.08.2017
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Роспотребнадзор иһитиннэрбитинэн, ааспыт нэдиэлэҕэ тоҕус киһи, ол иһигэр икки оҕо клещкэ ытыттаран быраастаммыттар.


Уопсайынан быйыл 320 киһи клещкэ ытыттарбыта бэлиэтэммит. Ордук Ленскэй уонна Алдан оройуоннарыгар – 75-тии, 73-түү киһи. Нерюнгрига 21, Аммаҕа 18, Дьокуускайга 33, атын улуустарга 15-тии, Бүлүүгэ, Горнайга, Кэбээйигэ биирдии киһи ытыттарбыта регистрацияламмыт. Ордук Алдан, Амма, Нам, Ньурба, Нерюнгри, Сунтаар, Ленскэй, Чурапчы, Өлүөхүмэ, Мииринэй, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Дьокуускай олохтоохторо сэрэнэллэригэр сүбэлииллэр.

Роспотребнадзор үлэһиттэрэ клещ энцефалитын утары быһыыны ыам ыйыгар ыларга сүбэлииллэр. Бу үөн туох ыарыылааҕын билээри, сайын устатыгар 210 клеһи сыныйан үөрэппиттэр. Итиэннэ Гигиена уонна эпидемиология Киинин лабораториятыгар быһаарбыттарынан, 2,4% энцефалит вируһунан сүһүрбүттэрэ биллибит. Дьолго инфекциялаах үөҥҥэ ытыттарбыт киһи өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥитэ суох. Маныаха өрөспүүбүлүкэбитигэр эмтиир-томтуур, ыраастыыр, профилактикалыыр тэрээһиннэр дьон-сэргэ үгүстүк мустар, оҕону чэбдигирдэр кииннэр сирдэригэр-уоттарыгар ыытыллаллара араҥаччылыыр.

Саамай кутталлааҕа диэн, клещ энцефалит курдук кутталлаах ыарыыны тарҕатааччынан буолуон сөп. Куруук чэгиэн-чэбдик буолар туһуттан, болҕомтолоох буоларга, үөнү-көйүүрү чугаһаппат араас сириэстибэни туһанаргытыгар, таҥаскытын-сапкытын көрүнэ сылдьаргытыгар, сиргэ-уокка мээнэ сыппаккытыгар, кыылы-сүөлү бэйэҕитин кытары тыаҕа илдьэ бардаххытына, түүтүн-өҥүн хайаан да бэрэбиэркэлииргитигэр сүбэлииллэр. Клещ булар түгэҥҥитигэр тута балыыһаҕа, травмпууҥҥа көрдөрөргүтүгэр этэллэр.

Николай БОРИСОВ, СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0