Клещтэн хайдах харыстанабыт?

Ааптар: 
17.06.2021
Бөлөххө киир:

Итийдэ даҕаны айылҕаҕа тахсыы элбиир: ким сир астыы, оттуу, балыктыы, оттон ким эрэ көннөрү сынньана, сөтүөлүү. Айылҕаҕа тахсан араас үөҥҥэ-көйүүргэ ыстатыахха, тиктэриэххэ сөп. Олортон биир саамай кутталлаахтарынан клещ буолар.

Клещ ооҕуйдуҥулар кылаастарыгар киирсэр 4 мм  уонна сир дойду үрдүнэн киэҥник тарҕаммыт харамай буолар. Клещка ытыттарыы Лайм ыарыытын, клещ энцефалитын,  онтон да атын сүһүрэр ыарыыларга тириэрдиэн сөп.

Клещтэр ойуурга, толооҥҥо эрэ буолбакка, пааркаларга, саадка олохсуйалларын өйдүөххэ наада. Куоракка суол кытыытынааҕы үүнээйилэргэ, газоннарга, окко баар буолаллар. Ону тэҥэ клещ  тыаҕа кэтэ сылдьыбыт таҥаскар эбэтэр таһырдьаттан киирбит дьиэ кыылларын түүлэригэр олорсон, үргэммит сибэккини, миинньиги кытары дьиэҕэ эмиэ киирэр кутталлаахтар.

Клещ хайдах ытырарый?

Үгүс киһи клещ үөһэттэн түһэн ытырар диэн сыыһа өйдөбүллээхтэр. Клещ мас үрдүгэр ыттыбат, 50 см үрдүктэн үөһэ тахсыбат. Клещ ыстанар даҕаны, көтөр даҕаны кыаҕа суох, эбиитин көрбөт. Ол эрээри, сыты 10 м ыраахтан билэр кыахтаах.

Клещ сиэртибэтин сиргэ эбэтэр окко, сэппэрээккэ олорон күүтэр. Сиэртибэ ааһан истэҕинэ бэрт түргэнник инники атахтарынан хатана түһэр. Киһи саамай сымнаҕас миэстэтин моонньун, кулгаах кэннин, иһин, хонноҕун булан ыстыыр. Клещкэ ыстаппыт киһи үксүгэр сиэртибэ буолбутун билбэккэ хаалар, тоҕо диэтэр клещ ыстыырыгар сүмэһинин кытары ыарыыны суох оҥорор веществолары киллэрэр. Ытырбыт сиригэр 1 см курдук кытаран тахсар.

Клещ ытырбытын хайдах билэбит?

Ыстаабытын кэннэ 2-3 чаас буолан баран бастакы сибикитинэн тириигэ иһэлийии тахсар.
Клещ ыстаабыт бэлиэлэрэ:

— Тириигэ 1 см кэриҥнээх иһэлийии кытаран тахсар;

-Кыһыйар;
— Температура тахсар;
— Төбө ыалдьар;
— Хаан баттааһына намтыыр;
-Сүрэх тэбиитин тэтимэ күүһүрэр;
-Былчархайдар көбүөхтэрин сөп;
-Сэниэтэ суох буолуу бэлиэтэнэр.

Атын хамсыыр харамай ыстаабытыттан уратыта диэн киһи этигэр биир эрэ сиринэн иһэлийии баар буолар уонна хас чаас аайы кыһыйара бэргээн, иһэлийиитэ улаатан иһэр.

Энцефалиты тарҕатар клещ

Киһи олоҕор кутталлаах харамайынан энцефалиты тарҕатааччы клещ буолар. Оннук ыарыылаах клещкэ ыстатан баран кэмигэр эмтэммэтэххэ эт-сиин баралыыстыан сөп, тыынар уорганнар кэһиллэллэр, мэйии үлэтэ мөлтүүр уонна саамай кутталлааҕа — киһи олохтон туоруон сөп.

Өскөтүн энцефалита суох көннөрү клещ ыстаатаҕына, улахан куттал суоһаабат эрээри, аллергиялыыр дьоҥҥо, оҕолорго, аҕам саастаах дьоҥҥо син биир сэрэхтээх — ыстаммыт сиринэн ириҥэрэн тахсыан сөп, аллергияны көбүтэн Квинке иһэлийиитинэн ыалдьар куттал баар.


 Клещтэн харыстаныы — куттал суох буолуутун мэктиэлиир

Клещкэ ыстаппат наадатыгар бэрт судургу сүбэлэри тутуһуохха наада:

— Ойуурга, айылҕаҕа тахсарга итииттэн тутулуга суох бүтэй таҥаһы: сиэхтээх ырбаахыны бүрүүкэ иһигэр симтэн, бүрүүкэ үрдүнэн саппыкыны эбэтэр ыстааны наскынан туттаран, аһаҕас сир суох буоларын ситиһэр наада. Ырбаахы саҕатын тимэхтэнэр, моонньуну бүөлүүр таҥаһы таҥнар ордук. Төбөҕө хайаан даҕаны баттаҕы, кулгааҕы бүөлүүр бэргэһэ эбэтэр былаат кэтиллэрэ ордук.

— Хас чаас аайы бэйэни көрүнэ, кэтэнэ сылдьар ирдэнэр.

— Клещ утары спрейдэри, кремнэри инструкцияларын тутуһан туһанар ордук харыстыыр.

— Клещ дьаатын утары вакцинаны ылыы.

Ытыттаран баран ханна барабыт?

Клещкэ ытыттарбыккытын биллэххитинэ бэйэҕит тута оруурга бириэмэни бараабакка, чугастааҕы медпууҥҥа эбэтэр балыыһаҕа суһаллык тиийэргитигэр сүбэлиибит. Клещ энцефалиттааҕа,  суоҕа тас көрүҥүнэн быһаарыллыбат. Сүһүрдэр клещ ыстаабыт буоллаҕына быраас эрэ көмөтө абырыыр кыахтаах.

Клещ эккэ киирбитин, киһи анал көмөтө суох ороон таһаарыан сөп эрээри, сыыһа тутуннахха төбөтө иһирдьэ быстан хаалар кутталлаах. Ону тэҥэ сорох дьон куһаҕан сыттан тумнастан бэйэтэ тахсарыгар эрэнэн бензининэн, ацетонунан сотор идэлээхтэр эбит. Бу сыыһа, клещ куһаҕан сыты ыллаҕына, киһиттэн тахсыахтааҕар төттөрүтүн дириҥник батары киирэн, балаһыанньаны өссө уустугурдуон сөп. Анал көмөнү идэлээх миэдик оҥороро ордук. Оттон ытырбыт клещ сүһүрүүлээҕин  лаборатория эрэ быһаарар кыахтаах.

Надежда Ильина, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0