СӨ Роспотребнадзорын чахчыларынан, Саха сиригэр 2016 сыл ыам—атырдьах ыйдарыгар киһини клещ ытырыытын 360 түгэнэ бэлиэтэммитэ (2015 с. – 235). Ол иһигэр, Алдаҥҥа – 102, Нерюнгрига – 64, Өлүөхүмэҕэ — 45, Ленскэйгэ – 35, Сунтаарга – 28, Чурапчыга — 10, Мирнэйгэ, Аммаҕа – 9, Хаҥаласка – 6, Дьокуускайга — 33.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай эпидемиолога Дарья Адамова эппитинэн, кэнники 4 сылга клещ энцефалитын вируһа 13 оройуоҥҥа – Алдаҥҥа, Аммаҕа, Намҥа, Ньурбаҕа, Нерюнгрига, Сунтаарга, Ленскэйгэ, Чурапчыга, Өлүөхүмэҕэ, Мирнэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Хаҥаласка, Дьокуускайга бэлиэтэннэ. Алдан улууһугар икки киһиэхэ «клещевой боррелиоз» диагноз туруоруллубута.
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ сыл аайы клещ энцефалитын бопсор 3500 вакцинаны атыылаһар. Оттон быйыл икки төгүл элбэҕи –6500 вакцинаны ылла. Ону таһынан, суһал быһыыга-майгыга аналлаах иммуноглобулин атыылаһылынна.
Ыарыы бэлиэлэрэ
Клещ ытырыыта «клещевой энцефалит» эбэтэр «клещевой борреолиз» диэн ыарыыларга тириэрдиэн сөп.
Клещевой энцефалиты энцефалит вирустара көбүтэллэр. Инфекция үөнтэн-көйүүртэн уонна ыалдьар сүөһү үүтүн туһаныыттан бэриллэр.
Ыарыы бэлиэлэрэ араастар, чопчу быһаара охсор уустуктардаах. Ол гынан. бары көрүҥнэрэ ньиэрбэ систиэмэтин ыарыталларынан маарыннаһаллар.
Инфекцияны, чуолаан, 15-тэн тахса араас иксодовай клещ тарҕатар. Бу клещ кыылы-сүөлү уонна киһини 5-6 миэтэрэ ыраахтан билэр. Үөн киһи тириитигэр сыстар уонна хааҥҥа клещевой энцефалит вируһун киллэрэр.
Ыалдьыбыт киһи түөрт-алта күн устата температурата 38-40° тахсыан, төбөтө ыалдьыан, мэйиитэ эргийиэн, биир-икки күн устата хотуолуон, утуйбат буолан хаалыан, моонньун, үөһээ өттүнээҕи эттиктэр былчыҥнара ыалдьыан сөп. Сэниэ эстиэн, сылайыан, көһүйүөн, быччыҥнара тартарыан сөп.
Оҕолор ардыгар өйдөрүн сүтэрэллэр, түлэкэдийэллэр, күүрэллэр, иҥиирдэрэ тардар. Конъюктивит көстүүтэ баар буолуон сөп.
Хаһан кутталлааҕый?
Ордук сааскы-сайыҥҥы кэмнэргэ кутталлаах. Атырдьах ыйыгар клещ куттала эмискэ уҕарыыр, сэтинньигэ уонна ахсынньыга куттал суоҕун кэриэтэ. Клещтэр ордук сарсыарда уонна киэһээ актыыбынайдар, күлүктээх, сииктээх сирдэри сөбүлүүллэр. Сырдык сиргэ олохсуйбаттарын кэриэтэ. Кыыл-сүөл, ол иһигэр кутуйахтар, сылдьар ыллыктарын таһыгар мусталлар. Сүөһү мэччийэр, кэрдиллибит уонна бүтэй сирдэри сөбүлүүллэр. Олус итиигэ уонна ардахха саһаллар, саба түспэттэр.
Клещтэр киһи этигэр-сиинигэр алларааттан үөһээ сыылаллар. Мастартан эбэтэр үрдүк сэппэрээктэртэн саба түһэллэр дии санаамаҥ. «Бултарын» ойуурга аллараа үүнэр үүнээйилэр тастарыгар тоһуйаллар (чуолаан 1 миэтэрэ үрдүккэ).
Бастакы көмө
Клещ ыарыыта суох ытырар. Ол иһин, биир эбэтэр икки суукканан эрэ биллэн барар. Ытырбыт сиригэр ардыгар ириҥэлээх баас тахсар. Баас күүскэ кыһытар уонна бытааннык үтүөрэр.
Клещ ытырбытын биллэххинэ, үөнү бэйэҥ тардан ылыаххын сөп уонна эчэйии пуунугар эбэтэр поликлиникаҕа бараҕын.
Үөнү хайдах таһаарабыт?
Аптекаҕа атыыланар күрүчүөк курдук анал тэрилинэн, пинцетинэн, кытаанах иҥнэнэн, тарбахтаргынан (испиир суурадаһынан сотон баран) таһаарыахха сөп. Клещ номнуо эккэр дириҥник киирбит буоллаҕына, үүнээйи арыытын, вазелины таммалатыахха сөп.
Үөнү икки өттүгэр сэрэнэн хамсата-хамсата, аа-дьуо тардан ылыллар. Тумса быстан тириигэ хааллаҕына, уокка уган ылыллыбыт уонна сойутуллубут иҥнэнэн, мас киирбитин таһаарар курдук, ылыллар. Үөнү ситэри таһаарбатаххына уонна тириигэ тумса хааллаҕына даҕаны, интоксикация бытааннык барар. Үөн ытырбытын кэннэ хараҕыҥ салыҥнаах бүрүөтүн, айаххын уонна муннугун таарыйбат буола сатаа.
Хостообут үөҥҥүн тарбаххынан баттаан өлөрө сатаама, инфекцияны киллэриэххэ сөп. Клещ ытырбыт сирин йодунан, зеленканан сот уонна илиигин мыылалаах уунан кичэллээхтик суун. Үөнү бэйэтин лабораторияҕа (сыстыганнаах инфекциялааҕын билээри) илдьэр кыаҕа суох буоллаххына, умат эбэтэр итии уунан саба кут. Онтон лабораторияҕа илдьэргэ үөнү кыратык ууга илитиллибит баатанан тутан, кыра өстүөкүлэ иһиккэ угуллар.
Анаалыска ханна илдьэбит?
Үөҥҥэ инфекция баарын-суоҕун быһаарар чинчийии Гигиена уонна эпидемиология киинигэр оҥоһуллар. Киин Дьокуускай куоракка Петр Алексеев аатынан уулусса 60/2 дьиэтигэр баар. Төлөпүөннэрэ: (84112)226370.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru