Клеопатра кистэлэҥэ

Ааптар:  Татьяна Павлова
08.05.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Египет бүтэһик сарыыссатын олоҕун, тапталын кистэлэҥнэрэ дьон-сэргэ өйүн-санаатын абылаабыттара тыһыынчаттан тахса сыл буолла. Бу билиҥҥэ диэри таайыллыбат таабырын буолбут дьахтарга киһи аймах улуу классик суруйааччылара Шекспир, Пушкин, Бернард Шоу бүтүн айымньылары анаабыттара. Оттон билиҥҥи кэмҥэ Клеопатра туһунан кинигэлэр быыстала суох тахсаллар, араас научнай чичийиилэр суруллаллар, экспедициялар ыытыллаллар, улуу киинэлэр уһуллаллар, кини уобараһа аан дойду саамай бастыҥ театрдарын сценаларыттан түспэт.

Хаһыаттар, сурунааллар итинтэн эмиэ хаалсыбаттар — ыстатыйалар тохтоло суох субуллаллар. Бу туох ааттаах улуу дьоллоох дуу, улуу сордоох дуу дьахтар баччааҥҥа диэри дьон санаатын аймыы сылдьарый? Бу боппуруоска эппиэти судургутук булар кыаллыбат. Египет бүтэһик сарыыссата үһүйээҥҥэ кубулуйан ханан кырдьык баара, ханан омуннааһын кэлэрэ биллибэт да буолан барда.

Үһүйээн саҕаланыыта

Клеопатра VII, Египет бүтэһик сарыыссата, Александрияҕа биһиги эрабыт иннинэ 69 сыллаахха төрөөбүтэ. Кини бэйэтин кэмигэр улахан үөрэхтээх дьахтар этэ. Классическай үөрэҕи бүтэрбитэ, хас да тылы тэҥҥэ үчүгэйдик билэрэ, суруйара, ааҕара. Олус оҕуруктаах өйдөөх, мындыр толкуйдаах, кытаанах санаалаах дьахтар дьону бэйэтигэр тардар, абылыыр дьикти күүстээҕэ. Былыргы Греция философа Плутарх кини туһунан маннык суруйан хаалларбыта баар: « Бу дьахтары киһи оннук сөҕө-махтайа көрөр кэрэ сэбэрэлээх дии санаабаккын. Ол эрээри дьоҥҥо олус ылбаҕай сыһыана, ылыннарыылаах тыла-өһө, хас биирдии хамсаныытыгар, саҥатыгар биллэр абылыыр күүһэ ким баҕарар кутун тутара. Кулгааҕы сымнатар кэрэ куолаһа, ханнык баҕарар дорҕооҥҥо сөп түбэһэр кыахтаах элбэх кыллаах инструмент кэриэтэ дьүрүһүйэ кутуллар тыла-өһө дьикти күүстээхтэр».

  • Клеопатра 18 саастааҕар ыраахтааҕы бөрөстүөлүгэр тахсыбыта уонна өлүөр диэри (39 сааһыгар) бэйэтин былааһын оннунан хаалларар, Египет көҥүл буоларын, Рим империятыгар киирбэтин туһугар турууласпыта. Ол сыалын-соругун ситиһэргэ кини дьахтар да, политик да быһыытынан туох баар саталын барытын уурбута.

Кини Египеты 21 сыл салайбыта. Бииргэ төрөөбүт икки быраатын кытта аатыгар эрэ холбоһон олоро сылдьыбыта (оччолорго дьахтар соҕотоҕун былааска тахсара сатаммат этэ). Кэлин бырааттарын уонна балтын өлөрүүгэ быһаччы кыттыһан баран, былааһы Цезартан төрөппүт уолун кытта тутан олорбута.

Кини эр дьону таптыыры сатыыра уонна кинилэр имэҥнэрин хайдах уһугуннарары эмиэ үчүгэйдик билэрэ. Оттон политик быһыытынан, хас хардыытын эрдэттэн ааҕан-суоттаан бэлэмниир оҕуруктаах өйдөөҕө. Онон кини олоҕор секс уонна политика, орон уонна судаарыстыба интэриэһэ бииргэ хатыһа сылдьаллар.

Клеопатраны оччотооҕу кэм улуу дьоно Рим диктатора Гай Юлий Цезарь уонна Рим империятын бастыҥ полководеһа Марк Антоний уҥа-таала таптаабыттара даҕаны элбэҕи этэр. Оттон Египет сарыыссата кинилэри кырдьык таптаабытын дуу эбэтэр кинилэри бэйэтин эрэ сыалыгар туһана сатаабытын дуу туһунан мөккүөр билиҥҥэ диэри уҕараабат.

Цезарь уонна Клеопатра

Гражданскай сэрии кэмигэр Цезарга кыайтарбыт Рим полководеһа Помпей Египеккэ куотан кэлэн кинини саһыаралларыгар көрдөһөр. Ол эрээри харса-хабыра суоҕунан аатырар Цезары утары баралларыттан куттанар египтяннар кинини өлөрөн кэбиһэллэр. Сотору буолан баран Помпейы өлөрбүттэрин төрүт сөбүлээбэтэх Цезарь Александрияҕа бэйэтинэн тиийэн кэлэр. Клеопатра Цезары кытта көрсөргө сананар. Кини аҕата олус кыаҕыран олорор Римы кытта куруук доҕордуу сыһыаннаах этэ. Ол доҕордуу сыһыаны Цезары кытта салгыыр сатаныа дуо? Оччотугар өстөөх харабылларын нөҥүөлээн дыбарыаска киириэххэ наада. Дьыала сатамматаҕына, өлөрүөхтэрин да сөп. Клеопатра ити санаатын толорорго быһаарынар.

…Арай Цезарь хоһугар санныгар орон таҥаһын угар куулу сүкпүт кулут киирэн кэлэр. Цезарь дьиибэргээн көрөн турар. Итинник куулу сүкпүт дыбарыас үлэһиттэрэ күнү быһа төттөрү-таары хаамсар буоланнар, харабыллар бу кулукка болҕомтолорун уурбакка хаалаллар. Куултан орто уҥуохтаах эдэр кыыс тахсан кэлэр. Ырбаахытын көннөрүнэр, ыһыллыбыт баттаҕын хомунар. Ол кэнниттэн чоноччу туттан туран олус минньигэстик мичээрдии-мичээрдии лыҥкынас куолаһынан Цезарга этэр: «Мин — Египет сарыабынатабын». Кыыс кэрэ дьүһүнэ, олус ылбаҕай сыһыана, хорсун санаата, булугас өйө улуу полководеһы тута абылыыр, сүрэҕэр таптал уота умуллубатыы саҕыллар. Клеопатра сааһа сүүрбэ иккитэ эрэ. Оттон Цезарь биэс уон үһэ.

Историктар кэпсииллэринэн, таптал уотугар умайбыт Цезарь сэриилэһэ сылдьарын да умнан, Клеопатраны кытта икки ый устата Египеккэ олоро хаалар. Кини Рим соҕотох баһылыгынан буолар, Клеопатраны кэргэн ылар уонна тэҥҥэ салайсар кыаҕы биэрэр ыра санаалааҕа. Цезарь бу былаана туолбута буоллар, бэйэтин бэйэтэ бас билинэр кыахтаммыт Египеккэ Клеопатра былааһа туругуруохтааҕа. Ол эрээри Цезарь бэйэтин кэргэнин кытта арахсар санаата суох этэ. Ол оннугар аан дойду баһылыга нэһилиэнньиктэри төрөтөр туһугар хас баҕарар ойохтонуон сөбүн туһунан сокуон бырайыагын оҥорбутун туһунан сурах тарҕаммыта. Клеопатра киниттэн уол оҕону төрөппүтэ.

Улуу Цезары өлөрүү Клеопатра ыра санаата олоххо киирэрин тохтоппута эрээри, санаатын тоһуппатаҕа. Клеопатра оччотооҕу Рим биир саамай чулуу сэрииһитин Марк Антоний диэки хайыспыта уонна Цезары өлөрүүнү Египеккэ Рим сабыдыала кыччыырыгар туһаммыта.

+1
9
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0