“Дьон-сэргэ агрокластер диэн тылы олус түргэнник ылынна. Норуот дьиҥ-чахчы ылыммыт дьыалатын аан бастаан аатынан ылынар”, — диэн кэпсиир Чурапчы улууһун баһылыга Андрей Ноговицын “Мындаҕаайы бөһүөлэгин кластер ньыматынан сайыннарыы” диэн бырайыак туһунан кэпсэтиибит кэмигэр.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайт.
Санатан эттэххэ, бу кластер өрөспүүбүлүкэҕэ бырайыагынан үлэҕэ киирбит 7 бырайыактартан биирдэстэрэ буолар. Муус устарга Ил Дархаҥҥа көмүсктээбиттэрэ.
Кластерынан сайдыы хайысхатын туһунан кылгастык билиһиннэрдэххэ, Чурапчыга бу ньыманан сайдыы оҥкулун оҥоруу 2011 сыллаахтан саҕаламмыта. Оччолорго улуус баһылыгынан үлэлии олорбут Семен Яковлев “федеральнай суолга олорорбутун таба туһаныахтаахпыт” диэн кластер бырайыагын оҥорон, урукку аэропорт сиригэр-уотугар үлэ күөстүү оргуйбута. Бу үлэҕэ ордук “Чурапчы” ТХПК күүскэ ылсыбыта. Салайааччы Андрей Ноговицын идеяны иилэ хабан ылан, бородууксуйаны атыылыыр маҕаһыын, ыраас уу сыаҕын, ону сэргэ оҕуруот аһын хаһаанар сири тутан олоххо киллэрбитэ. Онтон улуус баһылыгынан талыллаат, бу саҥа ньыманан нэһилиэктэри сайыннарыахха сөп эбит диэн агрокластердары тутууну саҕалаабыта.
“Агрокластердар сүрүн сыалларынан тыа сиригэр ыччаты олохсутуу, олохтоохтор бэйэлэрин бэйэлэригэр үлэ миэстэтин таһааран дохуоттаналларын ситиһии буолар. Онуоха аҥардас тыа хаһаайыстыбатын эрэ сайыннарыы буолбакка, эдэрдэр олорор дьиэлэриттэн-уоттарыттан саҕалаан нэһилиэккэ бүтүннүүтүгэр сайдыы барыахтаах”, — диэн бэлиэтиир Андрей Тимофеевич.
Бырайыак бастакы хараҥаччыларынан 2013 с. үс нэһилиэк, Мугудай, Төлөй уонна Мындаҕаайы, талыллыбыт буоллахтарына, мугудайдар эдэрдэри интэриэстээн чааһынайынан үлэлээһини киллэрэн, бырайыактарын тута үлэлэппитинэн барбыттара. Манна 10 эдэр ыал кэлэн ким ынах, сылгы ииттэн, ким сүөһү аһылыгар ылсан үлэлэрин саҕалаабыттара. Баар бырагыраамаларга киирсэн, дьиэ-уот, хотон туттубуттара, сүөһү-ас ылыммыттара. Андрей Ноговицын бэлиэтииринэн, бу кластерга кыра хотоннорунан баран хааланнар, билиҥҥи үйэ сиэринэн толору хааччыллыылаах механизация кыайан киирбэт эбит.
“Кластерга диэн биир да солкуобайы ылбатахпыт. Баар бырагыраамаларга киирсэн, олору барытын биир сиргэ түмпүппүт. Ол түмүгэр эдэр ыалларбыт тыа хаһаайыстыбатын чэрчитинэн үлэлиир усулуобуйаларын тэриммиттэрэ, олорор дьиэлэрин туттубуттара, коммунальнай хаһаайыстыба нөҥүө киин ититэр систиэмэҕэ холбоммуттара. Биир итэҕэһэ диэн кластер чэрчитинэн, кыра хотоннор тутуллан хааланнар, аныгылыы улахан оборудованиелар кыайан киирбэттэр. Уруккулуу үлэлииллэр. Ол эрээри киһи бэйэтэ дохуот аахсар буолан, бу ньыманы атын нэһилиэктэр эмиэ ытыс үрдүгэр түһэрэн ыллылар. Билигин Одьулуун, Чакыр, Хайахсыт, Хатылы, Хоптоҕо, о.д.а. нэһилиэктэр кыра агрокластеры тэринэн үлэлээн эрэллэр. Манна эбэн эттэххэ, агрокластерга киирбит дьиэлэр бары хайаатар да киин ититэр систиэмэҕэ холбонуохтаахтар. Ити кластер солбуллубат сокуона. Онон агрокластер хайа да өттүнэн нэһилиэги сайыннарыыга табыгастаах”, — диэн этэр улуус баһылыга.
Өскөтүн Мугудайга чааһынайынан барбыт буоллахтарына, Мындаҕаайыга былаан быһыытынан, кооперациялааһын нөҥүө сайдыы барыахтааҕа. Онуоха “Мындаҕаайы” ТХПК сүрүн күүс буолуохтааҕа уонна производствоны кытары нэһилиэк тэҥҥэ сайдыахтааҕа. Кластерга кэлбит эдэр дьон, мугудайдар курдук, бас билэр хотону туттубакка, саҥа тутуллубут комплекска үлэлиэхтээхтэрэ.
“Бу үлэбитин оҥоро сырыттахпытына, былырыын өрөспүүбүлүкэбитигэр бырайыагынан үлэ диэн киирбитэ. Бырайыакпыт бу үлэ ньыматыгар оруобуна сөп түбэһэн хаалла. Онон муниципальнай бырайыак оҥорон (ааптартан: бу бырайыагынан үлэҕэ киирбит өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы соҕотох муниципальнай бырайыак буолар), анал бөлөх тэринэн былырыын кыһыҥҥыттан үлэлээн эрэбит. Үлэбитин барытын түөрт түһүмэххэ араардыбыт. Бастакытынан, научнай-методическай хайысха, иккиһинэн, тыа хаһаайыстыбатын кооперативтарын кытары үлэ, үсүһүнэн, инвестиция, тутуу эйгэтин хайысхата, төрдүһүнэн, олохтоохтору кытары үлэ. Бу түөрт бөлөҕү бырайыак офиһа иилээн-саҕалаан үлэлэтиэхтээх. Манна 12 киһи үлэлиир. Салайааччынан улуус баһылыгын экономикаҕа, инвестиционнай сайдыыга солбуйааччы Иннокентий Матвеев анаммыта. Оттон өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кураторбыт бастакы вице-премьер-тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Петр Алексеев. Билигин биһиги киин бырайыактыыр офиһы кытары тэҥҥэ үлэлэһэ олоробут”, — диэн иһитиннэрэр түмүккэ Андрей Тимофеевич.
Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайт.