Кластердаах оскуола уопутун саҕалаата

20.09.2017
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһун Болугур нэһилиэгэ быйылгыттан бырайыагынан үлэҕэ киирэн, бөһүөлэктэрин кластер ньыматынан сайыннарарга ылыста. Оскуола кэллэктиибэ кластерга көхтөөх кыттыыны ылар. Быйыл үөрэнээччилэр агроном Елена Диодорованы кытары үгүс оҕуруот аһын, ол иһигэр баклажан, арбуз хас да көрүҥүн, тыква, дыня, патиссон, ону сэргэ атын дойдуттан кэлбит сүөһүлэргэ анаан турунуопус (турнепс) олортулар.

edersaas.ru.


Оскуола дириэктэрин э.т. Сергей Абрамов иһитиннэрбитинэн, “Араскы” сынньалаҥ-үлэ лааҕырыгар 3 сезоҥҥа 15-тии оҕо сылдьыбыт. “Быйыл улууска балаакканан лааҕырдар аһыллыбыттара. Онон базаҕа тахсан балаакканан сытан үлэлээтибит. Барыта 45 оҕо сырытта. Ону сэргэ 3 сезонунан үлэ былаһааккатыгар сылдьан оҕолор күнүс кэлэн уу кутан бараллар”, — диэн бэлиэтиир Сергей Сергеевич.
Бу үлэлэринэн эдэр оҕуруотчуттар оҕо экспериментальнай уопутун көрдөрөр өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-куонкуруска кыттан, отонноох култуураны үүннэриигэ иккис, быыстапканы киэргэтиигэ үһүс миэстэни ылбыттар. Ону таһынан улууска буолбут “Бааһына күнүгэр” бастакы миэстэҕэ тахсыбыттар. “Оҕолор оҕуруоттарын арассаадаттан саҕалаан бэйэлэрэ тутан-хабан көрбүт буоланнар, интэриэстэрэ улахан. Үүннэрбит арбузтарын лааҕыр оҕолоруттан диэн Билии күнүгэр хас биирдии кылааска бэлэх быһыытынан түҥэттилэр”, — диэн этэр Сергей Абрамов.
Оскуола агронома Елена Диодорова “Эйгэ” кэпэрэтиип (оскуола иһинэн тэриллибитэ) сүрүн үлэһитэ. Оскуолаҕа 2002 с. үлэлиир. Быйыл бааһыналарыгар 3 га сиргэ турунуопус, 3 гааҕа – хаппыыста, 3 гааҕа – хортуоппуй үүннэрдилэр. “Биһиги бэйэбит биригээдэбитигэр төрдүөбүт. Сүрүн оҕуруотчуттарбыт – оҕолорбут. Олунньуттан арассаадаттан саҕалаан көмөлөспүтүнэн бараллар. Сайыҥҥы лааҕырдарыгар бааһынаҕа тахсан үлэлииллэр. Манна кинилэргэ “Кустук” лааҕырдар, ону сэргэ оскуола үлэһиттэрэ уонтан тахса киһилээх туспа биригээдэ тэринэн көмөлөһөллөр. Былырыын үүнүүбүт соччото суох буоллаҕына, быйыл үчүгэй. Ити турунуопуһу “Мындаҕаайы” ТХПК кэлии сүөһүлэригэр анаан боруобаҕа ыһан көрдүбүт. Уонна биһиэхэ үүммэт арбуз, тыква, дыня, патиссон курдук астары уопукка диэн үүннэрдибит. 2017 с. саҕалаан үс сыллаах былааммыт барыта суруллан турар буолан, үлэлииргэ үчүгэй. Сылын аайы былааммытын эбэн иһиэхтээхпит”, — диэн этэр Елена Егоровна.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0