Өймөкөөҥҥө туристическай кластер тэриллиитигэр куонкурус финала буолла
Уопсайа куонкуруска 22 хамаанда сайаапкаласта, ол иһигэр 12 биирдиилээн киһи уонна 36 хампаанньаттан 10 консорциум кытынна. Олортон финалга «ASADOV», «MLA+» уонна «BAZA14» хамаандалар аастылар.
Финалистар Өймөкөөн сиригэр-уотугар сынньанар бааза бырайыагын эспиэрдэр иннилэригэр бүгүн, атырдьах ыйын 30 күнүгэр, Дьокуускайга көмүскээтилэр. Хас биирдии хамаанда Саха сириттэн уонна Арассыыйаттан бииргэ үлэлэһэр дьонноох. Онон бииргэ оҥорбут маастар-былааннарыгар комплекс таһыттан саҕалаан тырааныспарга тиийэ толкуйдаабыттар, ырыппыттар.
Бастыҥ бырайыактааҕынан «ASADOV» диэн архитектурнай бюро салалталаах консорциум ааттанна. Кинилэр бырайыактарыгар Москваттан «KNIGHT FRANK», «RussiaDiscovery» тэрилтэлэр уонна Саха сириттэн “ЛСТК-Проект” хампаанньа үлэлээтилэр. Бу хамаанда үлэтэ Тымныы Полюһугар олох баар бары өртүн учуоттаабытын эспиэрдэр сыаналаатылар.
Кинилэр бырайыактарынан, туристар сынньанар баазалара Тымныы оҕуһун курдук быһыылаах буолуоҕа. Бу иһигэр гостиница, эрэстэрээн, лекторий, киинэ саала уонна мусуой баар буолара былааннанар. Бырайыак ааптардара иһитиннэрэллэринэн, кинилэр ордук экстремальнай спордунан уонна эспэдииссийэнэн дьарыктанар дьоҥҥо болҕомто уурбуттар.
Түмүктүүр бырайыактыыр үлэлэр 2022 сылга диэри ыытыллыахтара. Оттон 2023 сылтан тутуу саҕаланара, 2030 сылга түмүктэнэрэ былааннанар. Бырайыакка 1 млрд солк. көрүллүөҕэ.
“Өймөкөөн Арассыыйаҕа киэҥник биллибит бренд буолар. Сайдарга потенциал баар. Манна бүгүҥҥү күҥҥэ экстремальнай туризмынан дьарыктанааччылар интэриэстээхтэр. Ону тырааныспар, гостиница, сервис сайдыыта суоҕа атахтыыр”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ.