Эдэр ырыаһыттары барыларын ааттарын үчүгэйдик билбэппин эрээри, сахаҕа бастакы регги толорооччу KitJah Субудай Айыы-Арчылаан Дьулустаан уола атыттарга майгыннаабатын, бэйэтэ туһунан хатыламмат хайысхалааҕын бэлиэтии көрбүтүм. Кини ырыалара киһини уһугуннарар тэтимнээхтэр, биирдэ истэн баран ону умнубаккын, иһиттэххинэ, ойон туран тэҥҥэ имигэстик хамсаныаххын баҕараҕын. Рэп тэтимнээх-эрчимнээх ырыаларыгар сахалыы оһуохай дорҕоонноро, былыргы өбүгэлэрбит куоластара ыраахтан иһиллэн ааһаллар, этническэй колориты эбэн биэрэллэр. Үгүстэр кини «Бууйа-бууйа» диэн хайа баҕарар түүҥҥү кулуубу хамсатар ырыатын өйдүүргүт буолуо.
edersaas.ru
Алгысчыт, Аан Дархан этээччи сиэнэ
KitJah рэп, регги тылларын барытын бэйэтэ суруйар, инникитин режиссер идэтин баһылыыр санаалаах. Музыкатын табаарыһа Вадим Борисов оҥорор. Эдэр ыччакка сахалыы регги сулуһа Бүлүү Сыдыбыл нэһилиэгиттэн төрүттээх. Эһэтэ Саха сиригэр биллэр Аан Дархан этээччи, алгысчыт Семен Иннокентьевич Иванов, аҕата 90-ус сылларга биллэ сылдьыбыт ырыаһыт, сахалартан бастакы рэп хайысхатын саҕалаабыт Дьулустаан Иванов. KitJah бу сайын Ньургуйаана Яковлева салайааччылаах «Zavod» үҥкүү бөлөҕүн кытта бэрт үрдүк, мин көрдөхпүнэ, европейскай таһымнаах «2.0» видеоклип устан аан дойду ситимигэр уктулар. Билигин Москва куоракка «Новая звезда» күрэххэ кытта сылдьаллар. Кинилэргэ улахан ситиһиини баҕарыаххайыҥ.
«Чараас эйгэни кытта ситимҥэ киирдэхпинэ…”
Киһи сөҕүөх, эдэр уол диэтэххэ, халыҥ харчыга харбыаласпат, олоххо дириҥ философскай көрүүлээх. «Ардыгар чараас эйгэни кытта ситимҥэ киирдэхпинэ, бу кэпсэтэ олорор киһим ааспыт олоҕун, билиҥҥитин, кинини туох күүтэрин көрөбүн. Сорох дьон харахтарыттан уу тахсыар диэри баар кырдьыгы этэбин», — диир кини.
Биэс оҕону соҕотох ийэ атахтарыгар туруорбут буолан, KitJah дьон кыһалҕатыгар олус болҕомтолоох. Кэнсиэртээбит харчытынан элбэх оҕолоох ыалга сакалаат, фрукта уонна туохха наадыйалларын ыйыталаһан илдьэн биэрэр үтүө санаалаах, амарах, аһыныгас дууһалаах.
KitJah Сааскылаахха олохтоох дьаһалтаҕа тиийэн, ыйыталаһан, 9 оҕолоох ыалга маҕаһыынтан сыаналаах бородуукта ылан биэрэн, соһуччу бэлэх оҥордо. Хоту дойдуга биир киилэ хортуоска 250 солк., фрукта туһунан этэ да барыллыбат, ячейкалаах куурусса сымыыта 500-600 солк. Онон урут хаһан да алтыспатах киһилэриттэн бэлэх ылбыт дьон, ордук оҕолор, минньигэскэ үөрбүт буолуохтаахтар.
Бу соторутааҕыта Анаабыр улууһугар пародист Александр Бурнашеву кытта гастролга, биһиги командировкаҕа сылдьан биир гостиницаҕа түһэн, киэһэ аайы түмсэн олорон син элбэҕи кэпсэттибит.
Оҥорор үлэҕит үйэлээх буоллун,
Тугу сатыыргытынан аат оҥостуҥ!
«Икки этээстээх чааһынай дьиэ, сыаналаах массыына, муодунай таҥас-сап барыта күннээҕи, ол баай буолбатах. Киһи оҥорор үлэтэ үйэлээх буолуон наада. Тугу сатыыргынан аат оҥостоҕун. Холобур, уостан уоска сылдьар, дьону үчүгэйдик эмтиир ытыктанар быраас, тутааччы, суруйааччы. Суох буолбутуҥ да кэннэ эн үтүө аатыҥ үс үйэ тухары ааттана турарын курдук. Ол иһин дьоҥҥо үтүөнү оҥоруохха наада. Хардатын күүппэккэ эрэ.
Киһи бу орто дойдуттан бараары төрүүр. Ол барар кэмҥэр эн ааккын сүгэр уолуҥ, эбэтэр уолуҥ уола кэлэн махтал тылларын эттэҕинэ – бу туохтааҕар да күндү. Эн баайыҥ – сиэннэргэр, хос сиэннэргэр, аатыҥ салҕана турарыгар. Иккистээн оҕолоргунан, сиэннэргинэн эргийэҕин. Киһи – сервер, мэйии, ген. Сылдьан эрэ хайдах даҕаны сүтэн хаалбаккын. Хос төрүү тураҕын. Маннык кэпсээтэххэ, дьон бырахтарбыт дии саныыллар, ол эрэн, бэйэлэрэ бырахтаран баран сылдьаллар. Баай диэн тимири сыаналыыллар», — диэн дьээбэлээх соҕустук күлэ-күлэ этэр.
Уол оҕону 5 сааһыгар диэри бобумаҥ, улаханнык саҥарымаҥ
KitJah тапталы саҥа олох төрүтэ диэн сыаналыыр, Адиль диэн Аммаҕа уол оҕолоох. «Уол оҕо 5 сааһыгар диэри бобуллуо, улаханнык саҥарыллыа суохтаах. Охтубатын, итиини тыыппатын эрэ диэн кэтиигин. Бэйэтэ хаһан быраҕыар диэри ийэтин үүтүн эмиэхтээх.
Оҕо мэһэйдээбэтин диэн гаджет, смартфон, планшет туттаран кэбиһэр, мультик көрдөрөр, кинини кытта кэпсэппэт олох сыыһа. Холобур, уһана сырыттаххына кэлэн мэһэйдэстэҕинэ, киниэхэ эмиэ үлэлиир тэрил биэриэххэ, үлэлии үөрэтиэххэ наада. Үгүс ийэлэр улааппыт оҕолорун сүрэҕэ суох дииллэр. Ис дьиҥэ, оҕо сырыттаҕына бобон-хаайан, илиитин-атаҕын баайан баран этэллэр. Оҕо биэс сааһыгар диэри тулалыыр эйгэтин тутан-хабан көрөн сайдар, ону мөҕөн, бобон инники ааннарын сабан кэбиһимэҥ.
Кыра сааһыттан оҕо хамнастаах буоллаҕына, үлэлии үөрэнэр. Босхо туох да кэлбэт диэн өйдөбүл баар буолуохтаах. Биэһин аастаҕына номнуо өйө олорбут оҕо. Кини оонньуурдарын хомуйдаҕына, туох эрэ кыра дьиэ үлэтин оҥордоҕуна, кыратык да харчы биэрэн хамнастааҥ.
Оҕону хамнастаан, үлэлии үөрэтиҥ
Маҕаһыыҥҥа киирэн ону-маны көрдөөтөҕүнэ, бэйэтин харчытынан ылыннын. Үлэтин оҥорботоҕуна – минньигэс, оонньуур ылбат. Ымсыырара элбээн, улаатан истэҕин аайы үлэҕэ тардыһыыта эмиэ күүһүрэн иһиэ. Тахсан үлэлээ, мин хамнастыам диэбэккин, бэйэтэ баҕаран туран үлэлиэхтээх. Билигин үлэ эрэ элбэх, улааппыт оҕо сайыҥҥы кэмҥэ харчылаһан, онтун эбинэн ымсыырбыт тэрилин ылыныан сөп. Аҕа саастаах дьону өйдүүрүн, ытыктыырын курдук иитиэххэ, аҥаардастыы бэлэмҥэ, халлаантан босхо түһэргэ үөрэтэр төрөппүт сыыһата», — диэн бу отуччатын да туола илик эдэр киһи сүбэлиирэ, олус муударай олоҕу олорбут курдук этэрэ дьэ, дьикти.
Киһини уһугуннарар регги
Киниттэн саастаах да киһи элбэххэ үөрэнэр, кэпсэтэ олорон олох хайа эрэ өрүттэригэр саҥаны арыйар. Урут хаһан даҕаны регги истиили интэриэһиргээбэт бэйэм аны истэр, сэргиир буолуом диэн санаа кэллэ KitJah-ны кытта кэпсэтэн, кэнсиэригэр сылдьан баран.
Эһиги эмиэ ютубка киирэн, KitJah клиптэрин көрүөххүтүн, сыаналыаххытын, сэргиэххитин сөп.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru