Кистэлэҥ доҕор

Ааптар:  Елена Прокопьева
29.12.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска https://pxhere.com/ru/photo/916448 ылылынна

Карина бүгүн эрдэ уһугунна. Бэйэтэ да сөҕөр: өрөбүл күн ааттаахха утуйа да түһэн туруохха баара. Атын күннэргэ муҥ сорунан, ийэтэ хаста эмит кэлэн сыллаатаҕына эрэ турааччы.

Улаханнык абыраан! Кыыс бэйэтэ да сонньуйар: » Үчүгэйдик атаахтаан тарайыы, маамам туһугар үөрэнэр курдукпун!». Оттон бүгүн, өрөбүл күн, Карина кимиэхэ да уһугуннартарбакка, бэйэтэ турда. Дьэ дьикти!
Ол дьиктитэ биллэр. Карина дьыссаат саҕаттан Ахмет диэн омуктуу ааттаах, хап — харанан чоҕулуччу көрбүт уолу сөбүлүүр. Сөбүлүүр диэн кыра, таптыыр! Сүрэхчээнин сыыһын туох баар бары устурууҥкатынан! Оттон Ахмет кинини таптыыра буолуо дуо? Дьэ саарбах. Таптыыра буоллар син хайдах эмит биллэриэ эбитэ буолуо. Ону баара тугунан да биллэрэ илик. Кини биитэр наһаа сэмэй, биитэр бэйэтин билиммит буолан, ким да диэки көрүөн баҕарбат! Карина көрдөҕүнэ, кылаас кыргыттара бары даҕаны Ахметы таптыыр , кининэн эрэ олорор курдуктар! Оннооҕор үнүрүүн манту туруора оскуолаҕа кэлэ сылдьыбыт сиэстэрэ кыыс , Ахметы көрөн баран, хайдах эрэ буолан хаалла ээ!
Ити туох ааттаах киһини барытын магнит курдук бэйэтигэр тарда сылдьар уол эбитэ буолла? Эчи, ааппыт да эриэккэһэ бэрт, Ахмет буола-буола! Ханнык эрэ омуктар ааттара дии! Арба даҕаны, Ниночка обургу билбитэ-көрбүтэ эрэ баар: паапата флотка бииргэ сулууспалаабыт доҕор уолун аатын биэрбит диэбитэ.

Карина санаатын ситимин, хоһугар ийэтэ өҥөйөн, быһан кэбистэҕэ үһү!
— Хайа, тоойуом, тоҕо бачча эрдэ турдуҥ? Өрөбүлгэ баҕас үчүгэйдик уугун хана утуйуоххун.
— Ээ, оттон уһуктан хааллым дии. Салгыы утуйа сатаатым да, кыайан утуйбатым, сэргэхсийэн хааллым.
— Эмиэ да оннук ээ. Уһуктан баран, тугу мээнэ сыт да сыт буолуоххунуй, турбутуҥ үчүгэй.
— Хата, инньэ диэ. Маамам барахсан, миигин эн наһаа өйдүүгүн, мин наһаа дьоллоох кыыспын ээ, эн курдук маамалаахпыттан.
— Ии, оҕом сыыһа, наһаа да үчүгэй тыллары этэҕин.
— Чэ, ийээ, чэйдиэххэ. Аһылык кэнниттэн маҕаһыыҥҥа бара сылдьыам этэ.
— Тугу ылыаххын баҕараҕын?
— Ээ, кистэлэҥ доҕорго бэлэх оҥоруохтаахпын.
— Ол эмиэ туохпутуй, кистэлэҥ доҕор диэн?
— Короче, маама, оскуолаҕа итинник оонньуу курдук ыытыллар тэрээһин буолар. Онно биир саамай астынар киһигэр бэлэх оҥороҕун, ааккын эҥин суруйбаккын, ол да иһин «Кистэлэҥ доҕор» диэн. Оҕо да буолуон сөп, учуутал да буолуон сөп.
— Дьэ дьикти оонньуу эбит! Аныгы оҕолор ону-маны толкуйдааннар. Эн кимиэхэ биэрээри сылдьаҕын?
Карина ийэтэ итинник ыйытыахтааҕын билэр буолан, сирэйэ тэтэр гына түстэ уонна:
— Эн билэҕин ээ, маама, кимиэхэ биэрэрбин, — диэтэ.
— Ээ, биллим-биллим, Ахмеккар бөҕө буоллаҕа!
— Таайдыҥ! Эн санааҕар хайдаҕый? Киниэхэ биэрэбин дуо?
— Биэр-биэр, тоойуом, Ахмет да , бука, эйиэхэ биэрэрэ буолуо.
— Ону эн хантан билэҕин?
— Каринушка, быыкаа эрдэххититтэн бииргэ сылдьаҕыт, доҕордуу дьоҥҥут. Мин санаабар, кини эйигин талара буолуо.

Карина оннук буолуон туохтааҕар да ордук баҕарар. Арай маамата эппитэ уот харахха буоллун! Оо, оччоҕо Карина саҕа дьоллоох кыыс бу орто дойдуга суох буолуо этэ!
Кистэлэҥ доҕор бэлэҕин ылаары оҕолуун-учууталлыын кэлэр субуотаны кэтэстилэр да этэ!

Өр да өр кэтэһиннэрэн күүтүүлээх субуота күн үүммүтэ. Карина кистэлэҥ доҕоругар бэлэҕин — аҕата Владивостоктан аҕалбыт морской кортигын бэркэ кичэйэн суулаан, бэйэтэ тутан — хабан оҥорбут хоруопкатыгар укпута уонна саалаҕа тардыллыбыт уһун остуоллартан биирдэригэр илдьэн уурбута. Ити кортигы бэлэхтииригэр, биллэн турар, ийэтэ сүбэлээбитэ.
Оттон бэйэтэ эмиэ сэмээр киниэхэ кимтэн эрэ кэлиэхтээх бэлэҕи күүтэрэ…
Ийэ барахсан сүрэҕэ сэрэйбитин курдук, Карина «кистэлэҥ доҕорунан» Ахмет буолбута! Кини наһаа үөрбүт уонна бэлэҕин астыммыт этэ уонна ол киэһэ Каринаҕа саамай — саамай күндү үс тылы эппитэ.

Елена Прокопьева

+1
2
+1
2
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1