Таптал… Таптал туһунан кэпсэннэ ини, кэпсэммэтэ ини… Ол эрээри, хаһан даҕаны ситэ этиллибэт, ситэ кэпсэммэт курдук… Киһи диэн, дьэ, дьикти айыллыы.
Улуус ыһыаҕын күнэ сарсыардаттан туох эрэ дьикти айыллыахтааҕын курдук күндээрэ мичийэ оҋон тахсыбыта. Бу күн, тоҕо эрэ, дьон бары эдэригэр түспүт кэриэтэ буолар. Түһүлгэ ырыата-тоҋуга, оһуокайын дуораана ыраахтан кими баҕарар абылыыр, чэпчэкитик сэгэлдьитэр ураты күүстээх. Хонуу-сыһыы чэчик арааһынан туолбут, кулун ньургуһуна үрүҥ айыы санаа аанньалыныы дьоһуннук тоҥхоҥнуур, таҥара кийиитэ улуутуйан күөгэҥниир, нарын от кэрэ кыыһы сайыһардыы далбаатанар, хатыҥнар сайын ырыатын суугунаһа ыллыыллар.
Барыта сырдык, ыраас! Ыһыах алгыһын ылар кэмҥэ Сайнаара кулгааҕар олус дьикти чуолкайдык күөрэгэй чыычаах дьырылыы -дьурулуу туойара иһиллэн ааста.
Сайнаара дьүөгэтинээн өргө диэри ыһыах үөрүүтүгэр сырыттылар. Ол сылдьан, Саргы бииргэ үөрэммит табаарыһын Харысхалы көрсө түстүлэр. Харысхал омук массыыналаах, соҕотоҕун сылдьарын ким да муодаргыы барбата. Харысхал үөрэ-көтө кэпсэтэн барда:
— Эһигини ыраахтан көрөн, бу кэрэчээн чыычаахтар үчүгэйдик билбэт сирдэригэр аны тэһийиэхтэрэ суоҕа уонна көтөн хаалыахтара диэммин соруйан оҥостон кэллим,- диэн күллэ.
-Олохсуйбут түөлбэм дьонун-сэргэтин, сирин-уотун көрдөрүөхпүн баҕарабын,-Харысхал Саргылыын үөлээннээхтэрин туһунан кэпсэтиилэрэ ыраатта.
Өрүс кытылын устун ырыа аргыстаах хатааһылаатылар, ыһыахтыыр түһүлгэни кэрийдилэр, сөбүлээбит сирдэригэр хаартыскаҕа түһэн үөрдүлэр-көттүлэр.
Үрүҥ түүн үҥкүүтүн кэмигэр Сайнааралаах Саргы бэйэлэрэ хаалан, оргууҋ аҕай дьону көрөн, үҥкүүлээн, сценаҕа тахсан ыллааннар ытыс тыаһын ортотунан олус бэркэ сынньанан, дьүөгэлиилэр күһүн көрсүөх буолан арахсыбыттара.
Саһархай сэбирдэҕин суугуната оонньоон күһүн тиийэн кэлбитэ эрэ баар буолла. Сайнаара кыыс-дьахтар үлэтин үөһүгэр түстэ. Оҕо уһуҋааныгар кырачааннарын кытта көрсөрүн, кинилэр саҥаларын, ырыа-тоҋук аргыстаах күннэрин олус да ахтыбыт эбит. Саас ылан истэҕин аайы, арай, бу сыырынан бэйэм оҕолорбун сиэтэн тахсан иһэр буолуум диэн санаа сотору-сотору киирэр буолбута. Кини кэргэн тахсар туһунан хаһан даҕаны санаан көрбөтөҕүттэн соһуйар буолла. Баара этэ дуо оннук түгэн? Баара, ол эрээри Сайнаара, тоҕо эрэ, барытын киэр илгибит курдук, кими даҕаны чугаһаппакка, табаарыстыы сиэргэ салайар уратылаах эбит. Билигин кэлэн кэмсиммитин иһин, хайыыр да кыаҕа суох, ыал оҕолоругар ымманыйан олоҕун киэргэтэр.
Саҋнаара бэрт үчүгэйдик үлэлии сылдьан эмискэ ыалдьан балыыһаҕа киирдэ. Балыыһа чуумпу хоһо, дьон оргууҋ аҕай саҥарар саҥата, саатар, хоһугар соҕотох буолан кэпсэтэр да киһитэ суох курдук, онон олус чуҥкуҋда. Арай сөп буола-буола түлүпүөнүн хасыһар, сонуну билэрэ, сэлэһэрэ, биир тылынан эттэххэ, олоҕо биир түлүпүөнтэн тутулуктанна. Оҕо уһуйааныгар иитиллээччилэрэ күн аайы улаатан, тупсан, сайдан иһэллэрин көрө-көрө, ааҕа-ааҕа үөрэр.
Биир сарсыарда уһуктубута, арай, көһүппэтэх өттүттэн, Харысхалтан бассаапка сурук кэлбит. Тоҕо эрэ олус соҕотохсуйарын эппит, бука хардар диэн көрдөһүү бөҕөтүн көрдөспүт. Сайнаара, толкуҋдуу түһэн баран, киһини кытта кэпсэтэр баҕайыта дии санаан хоруҋдаата. Устунан сурук элбээтэ, аны видеокэпсэтиилэр бардылар. Иккиэн интэриэстэрэ да сөп түбэһэр буолан биэрдэ. Аны, Сайнаара саастаах киһи диэбитэ, бэйэтиттэн арыыйда аҕатын билэн соһуҋда даҕаны. Харысхал устунан таптал тылларын быктаран суруйар, ардыгар таһырдьа тахсан быыстала суох эрийэн кэпсэтэр, биир кэм атаҕын тыаһа хаарга хаачыргыыра иһиллэр. Ол ааҋы Сайнаара бастаан күлүөх курдуга. Тыл киэнэ минньигэһин сибигинэйэ былаан этэн, куолас уонна тыл кутунан Сайнаара этин-сиинин устун айанныырыттан кыбыстан, бассаабын арааран кэбиһэн турар. Сонно тута түлүпүөнэ тырылыы түстэ:
— Сайнаара, бука баалаама. Сиргэнимэ…. Кэргэннээх диэн киэр илгимэ… Ис иһигэр киирдэххэ, мин олус соҕотох киһибин, сүрэҕим олус соҕотохсуйар… Иһит даа, чуумпуран, бука диэн сиилээмэ…- Харысхал ааттаһар-көрдөһөр саҥатын истэн эмиэ да аһынна, бассаабын холбообутун бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Ити курдук нэмнэрин билсэн истилэр. Бу маннык наар саарбахтыыр санаалаах сылдьан, баҕалаах оҕобун да булунуом суох. Аны оҕолонор күннээх да буоллахпына аҕатын кытта көҥүл көччүтэр кыаҕым суох диэн санаата эмискэ этиҥ этэринии кыйдаммыта. Арай Харысхал букатын кэргэнэ суох киһи курдук кэлэр-барар, суруйар, төлөпүөннүүр. Сайнаара да кэтэһэр, биир-икки күн сибээскэ тахсыбатаҕына эбэтэр кэлиэхтээх кэмигэр кэлбэтэҕинэ суохтуур буолан барда. Биир көрсүһүүгэ Сайнаара эмискэ:
—Бу кэнниттэн кэргэниҥ сирэйин хайдах утары көрүөххүнүҋ?-диэбитигэр, Харысхал:
— Тоойуом, саатар таптыыр кэммэр санатыма дуу, киһини хаҕыннаран кэбиһэҕин,- диэн үрдэ суох уураан-сыллаан «баарым-суоҕум, үҥэр хотунум, мин таҥарам, мин чэчигим, өр көрдөөбүт көмүһүм, мин чоппуускам, эҋигин санаатым да тугу барытын сүргэҋиэх курдукпун» онтон да атын тылларынан таптаан ымманыйар, имэҥ уотунан Сайнаара тулатыгар туох буоларын төрүкү умуннара сыһар.
Бу курдук икки аҥар сыл биллибэккэ ааһан хаалла. Биир күн Харысхал:
-Эйигин төһөнөн билэн истэҕим аайы, соччонон бэйэм кыччаан иһэр курдукпун… Хайдах эйигин эрдэ көрсүбэтэҕим буолла?.. Көрсүбүтүм буоллар, ытатан да туран кэргэн ылан тэйиэм этэ. Эйигин бэйэм дойдубар илдьэн хаамтаран наскылдьыта сылдьыбыт киһи баар ини… Я люблю тебя!-диэн тоҕо эрэ, нууччалыы тылы кыбытара.
Саҋнаара бэйэтин быһыытын сүрүргүүр да буоллар, тоҕо эрэ, тоҕо эрэ, бобуулаах күндү, хааччахтаах минньигэс дииллэринии, оҋохтоох киһи имэҥэр ууллубутун бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Эр киһи, ханнык да түгэҥҥэ, кэргэнигэр, оҕолорун ийэтигэр төннөр диэни биллэр даҕаны, кэллэҕинэ үөрэ-көтө көрсөр. Атааран баран, улахан толкуҋга түһэр, хас да киһи эрэйдэниэн кэриэтин, биир бэйэм эрэйдэниим диэн, мэлдьи тэйитэр, саарбахтыыр санаатын бассаапка тиһэн ыытар.
— Эн курдук миигин өҋдүүр дьахтар түбэһиэ дии санаабат этим. Бэйэм да дьикти майгылаах буоламмын , ылбычча киһи өҋдөөбөт киһитэбин. Миэхэ оҕо бэлэхтиириҥ буоллар үс бүк дьоллонуом, бэйэм да көрүөм этэ,- диэн Харысхал соһуччу арааһы тыллаһан да турара. Кини оҕолоро кыргыттар, төһө да уолланыан баҕардар, ол баҕата үҋэтигэр туолбатын билэрэ. Ол да буоллар, тылынан ыраланара кэмэ суох. Оттон Сайнаара ону бастакы чугасыһар түүннэригэр билбитэ. Билиҥҥи үҋэҕэ элбээбит саахардаах ыарыы содулуттан эпэрээсийэлээх киһи, төһө да кыбыһыннар, таптал имэҥин биэрэр, тиэрдэр кыахтааҕа:
— Дьикти имэҥ-дьахтаргын. Эн аттыгар чугаһаабыт эр киһи туох эрэ биллибэт күүһүнэн иитиллэр курдук. Хайдах баччааҥҥа диэри соҕотох сылдьыбытыҥ буолла? — диэн Харысхал иэҋэн-куойан турара.
Сайнаара кини кэргэнин, олох билбэт дьахтарын аһынара:
— Мин буруйдаах курдук сананабын. Кэргэниҥ күүтэрэ буолуо, аны миэхэ кэлимэ. Санаа аалан кэргэниҥ ыалдьыа, харыстыаҥ этэ,- онуоха Харысхал:
-Саатар миэхэ баспытаатал-иитээччи буолума, миэхэ тапталлаах эрэ буол,-диэн уураан-сыллаан барара.
Сайнаара кыһын ийэтин улууска көһөрөн аҕалла. Онон Харысхал киниэхэ сылдьара хааччахтанна. Аны Сайнаара кини улуус киинигэр айаннаан иһэрин сүрэҕинэн таайар, сэрэйэр буолла. «Кистэлэҥ арыллар кэмнээх дииллэр… Хаһан эрэ ким эрэ иннигэр кыбыста-кыбыста эппиэттии турар буоларым буолуо… Ол эрэн кэргэннии дьон сыһыаннарыгар туох эрэ итэҕэс буоллаҕа, оттон мин туохха да быраабым суох»-диэн санааттан Сайнаара эбии буорайда. Сайнаара атын улууска көспүт киһи дуу диэн толкуйга түстэ. Биир сарсыарда Харысхал саҥата төлөпүөҥҥэ иһилиннэ:
— Дорообочоон, сайаҕас санаалааҕым. Тугу да саҥарбакка иһит, сэгэрим оҕото. Кэргэмминээн бииргэ олорботохпут, биир ороҥҥо утуйбатахпыт ыраатта. Атын да сиргэ көстөргүн син-биир булуом.
Харысхал устунан куоракка уролокка көрдөрбүтүн кэпсээтэ. Уролог эмтэн, сиэкис көмөлөһүө диэбитин эмиэ да итэҕэҋэрдии, эмиэ да итэҕэҋбэттии этэн баран:
— Эйигинниин эрэ, чыычаах, мин чоппуускам барахсан,- диэни истээт Сайнаара төлөпүөнүн хам баттаан кэбистэ. Бачча саастарыгар диэри өҋдөммөт, оҕолуу уолҕамдьы санаалаах буолар дьон бааллар диэтэхтэринэ, уруккута буоллар, итэҕэҋиэ суох этэ.
Бассаап суруктара, видеокэпсэтиилэр, кистээн көрсүһүүлэр салҕанан истилэр… Эмиэ ыһыах күнэ, дьону бииргэ түмэр күн үүннэ. Дойду үрдүнэн туга да биллибэт ыарыы өрө туран күргүөмнээх бырааһынньык буолбата. Харысхал олохтоох дьаһалта баһылыгын тиэйэн, кырдьаҕастары дьиэнэн кэрийэн эҕэрдэлээһин кэнниттэн улуус киинин диэки көтүттэ. Кини этиэхтээх тылларын төбөтүгэр сааһылыы истэ, бүгүн хаһан да умнуллубат күнү Сайнааратыгар бэлэхтиир баҕалаах, бугуһуҋбут санаатын нэһиилэ кыатанан, уруулун эрийэ тута олордо. Сайнаара бу күн эрэ билбитэ, Харысхал кэргэнэ улуус киинигэр олорорун. Биирдэ эмиэ пааркаҕа күүлэйдэтэ илдьэ сатаабытыгар буолумматаҕа, оттон бүгүн сөбүлэһэн Харысхалы үөртэ, киэһэриитэ киһитэ миэхэ барыахха диэтэ. Сайнаара көссүү эрээри, хайдах дьиэтигэр киириэхпиний, дьиэлээх хаһаайканы букатыннаахтык түһэрии диэн сөбүлэһимээри гыммыта. Онуоха Харысхал :
— Эппитим дии, биһиги кэргэннии дьон сиэринэн олорботохпут хас да сыл буолла, көрөн итэҕэҋиэҥ. Уонна билигин кини суох, куораттан сарсыарда көтөн кэлэр.
Сайнаара бүгүн бүтэһиктээхтик быһаарсар санаалаах сөбүлэстэ. Дьиэҕэ киирэн Харысхал бу мин оронум, остуолум диэн кыараҕас хоһун, ааҕа сылдьар кинигэтин көрдөрдө. Ааҕар киһи аҕыйах кэмигэр, элбэҕи да ааҕарын Сайнаара сөхтө. Бу икки хостон бииригэр кэргэнэ кыра кыыһынаан олорор эбит. Иккиэн икки аҥы хоско олороллоро, кырдьык даҕаны, биллэр эбит. Харысхал манна кэллэҕинэ, оҕолорун, кэргэнин көрсөр, олохторун-дьаһахтарын дьаһайсар, утуйуу буоллаҕына гостиница курдук бэйэтин хоһугар киирэрин кэпсиир.
-Саҋнаара, туохтан да долгуҋума. Ким да тугу да билбэт, билиэхтэрэ да суоҕа. Бүгүн эн биһикки иккиэбит эрэ, аттыбытыгар ким да суох. Бүгүн эн миигин кэргэммиттэн уор, көрдөһөбүн…
— Суох, мин уоруйах буолбатахпын,- диэн оргууҋ тас таҥаһын төттөрү ылыах курдук гыммытыгар, Харысхал сэрэммиттии илиититтэн тутта:
— Сыыһа өйдөөтүҥ, мин Далбар Хотунум. Бу түүн эйигин бэйэбэр уоран аҕаллым. Ити алҕас этиини атыннык өҋдөөмө, көрдөһөбүн. Мин-Эн, Эн-Мин, бу түүн эн биһикки иккиэбит.
Сайнаара ыйытыахтаах, этиэхтээх тыллара барыта төбөтүттэн көтөн, эр киһи абылаҥ иэйиитин аныыр тыллара кулгааҕын кычыгылатан, мэйиитэ эргийиэр диэри туймаарыйа долгуйар түүнэ түргэн баҕайытык бүтэрэ кэллэ… Бу бүтэһик көрсүһүүлэрэ буолуоҕун сэрэйбит курдук, иккиэн иһийэ чуумпуран, Харысхал илиитинэн кыра оҕолуу бигээн, Сайнааратын төбөтүн хонноҕун анныгар уктан, оргууй аҕай сүүһүн, төбөтүн имэрийэ-имэрийэ эгэлгэ тылынан таптаан ымманыйара, онтон эмиэ таптал имэҥэр таалалаан ылаллара. Хайалара даҕаны, ити ыраас, истиҥ иэҋиини үргүтэр ыйытыыны биэриэхтэрин, этиини этиэхтэрин баҕарбатахтара. Сайнаара олоҕун устата Харысхал сэбэрэтин өҋдөөн хаалыахтыы көрөн сыттаҕына:
— Һук, киһини соһуттуҥ, хараҕыҥ киэҥиттэн соһуйабын ээ. Кырааската суох хайдах курдук кэрэҕиниҋ?
Сайнаара хардатын:
— Эн сүрэххэр мин кутум баарын биллим.
— Иэйэр кутуҥ соһуҋан күрэммэтин, таптыыр сүрэҕиҥ кыбыстан саспатын… Көрдөһөбүн, эн миигин эмтээ…
— Эмтиэм тапталбынан…
— Эн миигин умнумаар…
— Умнуом суоҕа…
— Оттон эн тускар тугу да кэрэйбэт, ууга-уокка киирэр мин эрэ буолуом…
Харысхал тугу барытын кыайар күүстээх илиитэ, мэктиэтигэр, Сайнаара кутаа уотунан умайар түөһүн устун сүүрэлээтэ:
— Туллугуом, барыта кэрэ. Сытыҥ, этиҥ-сииниҥ, быһыыҥ-таһааҥ, куолаһыҥ, иэйииҥ, санааҥ, тарбахтарыҥ…. Барыта… Барыта кэрэ…кэрэ…- Харысхал сибигинэйэр тылларын долгунугар имэҥ-дьахтар самыыта биир тэҥник күөгэлдьийдэ, тыгыалыыр тымыр ырыатынан кыракый хос иһэ туолла… Кинилэр бас билиилэригэр бэриллибит биир түүн ааһа оҕуста…
Сайнаара ааспыт сымнаҕас түүнүн төһө да аймыан баҕарбатар:
— Харысхал, мин кэргэннээх киһини кытта чугасыһыахпын туттунарбын билэҕин. Таптыыбын диэхпин баҕаартым да иһин, тоҕо эрэ, туохтан эрэ толлобун, куттанабын, саатабын,—диэт, ытыһынан сирэйин саба тутунна, онтон уоскуйбуттуу—Биир табаарыһым кэргэнэ бассаап суругуттан күнүүлээн айдаан бөҕө тахсыбыта, аны эйиэхэ оннук хатыланыан баҕарбаппын.
— Ханна баарый, манна дуо?- Сайнаара тугу да быһаара барбата. Төһө да сүрэҕэ ытаатар, бу кинини тэйитээри эппитин билиммэтэ, саҥата суох көрөн кэбистэ, уураары гыммытын буолуммата…
Бу да кэнниттэн суруйсуу, кэпсэтии тохтооботоҕо. Арай, Сайнаара бэйэтин иэйиитин туттунара биллэр этэ. Биир күн, соһуччу, Харысхал аан дойдуну тилийэ сүүрбүт ыарыыга хаптарбытын суруҋбута. Хаста да эрийэ сылдьыбыта, суруга күн аайы тиһигин быспакка кэлэ турара. Арай биир түгэҥҥэ сүтэн ылбытыгар Сайнаара куттаммыта. Кимиэхэ да эппэт кистэлэҥэ арыллыан баҕарбатар даҕаны, Саргыттан табаарыспыт Харысхал хайдах үһүнүҋ диэн ыйыталаспыта. Онуоха тыынар аппараакка сытар, ол иһин кэпсэппэт үһү диэн буолла.
… Харысхал эмиэ уопсай балаатаҕа киирбитэ. Бу сытар кэмигэр элбэҕи да санаата. Орто дойду оһуордаах киэлитигэр төрөөн дьол, таптал диэни биллэ дуо? Бастакы диэн бастакы буоллаҕа, минньигэс дьэдьэн кэриэтэ уураһыы амтана сүппэт. Оҕо-дьол, оҕо үөрбүт хараҕын көрөртөн, оҕо бэбээрэр ытааһынын, оҕо чаҕаарар күлүүтүн, оҕо лэбийэр саҥатын истэртэн ордук кэрэ туох кэлиэй? Оттон таптал имэҥэ диэн букатын ураты буолар эбит. Таптал көрүҥүн уҋулҕа үөрэхтээхтэрэ төһө да үөрэттэллэр, ситэ этэ иликтэр диэн санааҕа кэллэ. Ити этэр уонтан тахса көрүҥнэрэ барыта биир дьахтарга иҥиэн сөбүн, барыта биир дьахтарга баар буоларын билэр дьолломмут санаатыттан үөрүөн да, хомойуон да билбэт. Оо, билигин ыалдьыбатаҕым буоллар Сайнаарам аттыттан араҕыам суоҕа этэ. Сайнаараа, итэҕэй дуу тапталбар… Сымнаҕас, ньуолах от буолан сотоҕун имэрийэн баарбын биллэриэм диир санаатын ситимин ыарыыта эмиэ бобо тутта. Дьэ, ыарахан ыарыы эбит. Эбиитин, туох баар ыарыыта барыта көбөн иэдэйдэ. Бу кэнники кэмҥэ Сайнаараҕа урукку курдук имэҥин этиэн, ыарыытын суруйуон баҕардар даҕаны сайаҕасчай киһитин долгутуон, утуйар уутун аймыан баҕарбат. Өлөн хааллахпына булан ааҕаннар, аны ол-бу буола сылдьыахтара, Сайнаара олоҕор күлүк түһуө диэн санааттан суруйсууларын сотторон иһэрэ. Оттон Сайнаара, урут итини истибитин санаан, эмиэ дьон көрүө диэбиттии уопсай тылынан суруйар.
… Харысхал иккиһин реанимацияҕа сытан, хаста да быраһааҋдаһар суругу суруйан иһэн, туохтан саҕалыан билбэккэ тохтоото. Суруйан иһэн сотто… Хараҕар төп-төгүрүк түөс көөчүктэммиттии бу көстөн кэллэ. Суох, суох, туолбат ыранан олорбут олохпут бүтэр уһуга кэллэ… Мин мөлтөөбүт-ахсаабыт дьүһүммүн-көрүҥмүн көрбөтүн… Ханна эрэ ыраах айаннаабыт курдук санаатын… Туох диэтэ этэй? Кэргэҥҥин санаа, харыстаа диирэ… Кэргэн өрүү инники буоларын билэр буолан биир да тылынан хомуруйбатаҕа, оннук күүскэ харыстыыр, өҋдүүр эбит барахсаным…. Оттон мин? Көтөр санаабар уҋдаран, суоҕу баар, баары суох гына сылдьыбыт муҥнаах эбиппин… Бырастыы, Сайнаара, кутум-сүрүм, кырдьыбат тапталым, ким да өҋдөөбөт, бэҋэлээх бэҋэбит эрэ өҋдүүр, кистэлэҥ тапталым сыыһа… Харысхал санаата буолуммакка, салыбырас илиитинэн төлөпүөнүн ылан эрийэн иһэн, бу бэйэлээх куоласпынан хайдах саҥарыамый, аппарааты ыла-ыла хайдах да саҥарар кыаҕым суох… Бээ-бээ биир хоһоон баара, кимиэнэ этэй?
«Арай
Алгыстаах ол күөҕү
Ала чуо кэһэн,
Ааттаһар ытыстыы күөрэҋэн,
Айаным аартыгар соҕотох
Араҕас дьүһүннээх сэбирдэх
Туллаҥныы турара тулаайах…» суруйа сытан өҋдөөтө, соторутааҕыта аахпыт кинигэтигэр баар Сайа хоһооно эбит. Аахпытын умнубатын дьон сөҕөрө бүгүн туһалаатаҕын! Арахсыы бэлиэтэ араҕас сэбирдэх… Сайнаарам котоку… Айаныҥ суолугар мин өрүү туллаҥныы туруом… Саһарбыт сэбирдэх иэдэскэр сыстан убураан ылыам… Бу сиргэ билбит дьиҥ харыстаабыт тапталым… Умнумаар… Түүлгэр көрөн ааһаар…
Бүттэ… Барыта бүттэ… Хараҕар төлөпүөҥҥэ бассаап суруктара элэҥнээн аастылар, кимиэхэ, тугу суруҋдум? Ээ, кэргэммэр кэриэс сурукпун суруйдум, кыргыттар барытын быһаарыахтара. Барахсаным, кэргэним барахсан, төһөлөөҕү тулуйан кэлбиккин бэҋэҥ да билбэккин… Оо, олох диэн баар эбит, тугу да тургуппат… Сороххо аһары биэрэр, сороххо кураанаҕы куустарар… Ол эрээри мин дьоллоохпун! Дьоллоохпун оҕолорбунан, дьоллоохпун кэргэмминэн, дьоллоохпун таптал араас дьикти таарымтатын билбиппинэн!
…Харысхал түҥ-таҥ барда… Хараҕар ытамньыйбыт кэргэнэ, ас астыыр кыргыттара, ол быыһыгар, киниэхэ тугу эрэ этиэхтии үөрэ сэгэйбит, төбөтүн өрө көтөхпүт Сайнаара киинэ лиэнтэтин курдук олус түргэнник элэҥнээн иһэн, сып-сырдык уот чаҕылыс гынна уонна ким да көрүөн иннинэ, ким да уһуктуон иннинэ диэбиттии ол күн-сырдыкка саһархай, кытархайдыҥы сандаар устун биир кут көтө тураахтаата…
… Сайнаара сүрэҕэ бу сарсыарда тугу эрэ сэрэйбиттии өрө мөхсөн турда. Үөрүйэҕинэн эмиэ төлөпүөнүн ылан көрдө, Харысхал ыыппыт хоһоонуттан санаата аймана тэһииркээтэ. Тоҕо бу хоһоону таллыҥ диэн ыйытан суруйбутун Харысхала арыйан көрбөтө, сарсыарда эрдэ баҕаҋы сибээскэ киирэ сылдьыбыт эбит. Туох буоллаҕай? Эмиэ реанимацияҕа киирдэ дуу? Хантан билэбин? Эмиэ Саргыга суруйда. Сотору кэминэн бэрт хомолтолоох сурук тиийэн кэллэ, төлөпүөн нөҥүө кимниин да санаа атастаһар кыаҕа суох Сайнаара хараҕын уута сыттыгар халыйда…
Бу кэнники күннэргэ тоҕо тарбаҕа такыччы тардан төлөпүөн кунуопкатын баттаабатаҕын, этиэн баҕарар кэрэкэ тылларын анаан ыыппатаҕын, эрийдэҕинэ биир манньытар тылы кыбыстыбыта буолан саҥарбатаҕын, тапталга билинэр тыла кэдэрги тардыбытын кэмсинэ сытаахтаата…
«Эмтиэх буолар этим, барыта хааллаҕа… Биирдэ балыыһаҕа киирбитигэр
«Саха өһөс санаата,
киэҥ көҕүстэн!
Эр киһи кылааннааҕа,
өркөн өйүҥ сытыырхайдын!
Буор кутуҥ булгуруйбатын!
Ийэ кутуҥ суон дурда,
Салгын кутуҥ халыҥ хахха
буоллуннар!
Самныма,
Буулаҕа сүрдэн!» диэн бассааптан булбут алгыс көмөтүнэн уонна ас астаан илдьэн, санаабар, эмтэспит курдугум. Онно балаататыгар соҕотоҕун сытара. Харысхал кэнники махтанара. Оттон билигин?»- диэн санаатын ситимэ тумаҥҥа иилистибиттии мунна. Санаатыгар, балаатаҕа бииргэ сытар дьон истиэ, эмискэ дьон билиэ диэн олоҕу (улахан киһи эрээри) оҕолуу көрүүтэ баһыйбыт эбит, дьон тылыттан куттаммыт эбит, иитиллибит сиэрэ мэһэй буолбут эбит…
…Кистээһиҥҥэ атаара барыан төһө да баҕардар, ол киниэхэ көҥүллэммэтин эмиэ билэр. Бүгүн күнү быһа бу сылларга тугу кэпсэппитин барытын санаата. Суруйааччы В. Маяковскай тапталлааҕар тыыннаах сибэкки ыытарын, өлбүтүн да кэнниттэн кини аатыттан сылга биирдэ Татьянаҕа тыыннаах сибэкки кэлэрин туһунан номоҕу Харысхал биирдэ олус уйадыйа кэпсээбитэ. Улуукан тапталга сүгүрүҋүү-тыыннаах сибэкки дьөрбөтө ол курдук күүскэ кини сүрэҕин кылын таарыйбыт эбит. Сайнаара, сарсыныгар Саргыга видеокэпсэтиинэн эрийэн, саамай кэрэ корзиналаах сибэккини талла… Сылаас ардах арыаллаах атаарыыга «Быраһаай, Таптал кута Харысхал … Сайнаара» диэн суруктаах лиэнтэ элбэх венок быыһыгар оргууҋ ибирдии сытара… Атын ким да билбэтэх кистэлэҥ иэҋии эмиэ дьонтон саһа сатыахтыы… Ким да, туох да үргүппэтэр диэбиттии, ол кэмҥэ, улуус киинигэр Таптал хараҕын уутун таммаҕа оргууй сиргэ түһэн иҥмитэ…
0