“Кистэлэҥ эрэллээх көрсөбүт…”

30.12.2020
Бөлөххө киир:

                                                    Хойутаана 

 

Сарбынньах хаар

Саҥа дьыл саҕана түһэр хаар

Этиэхтэн кэрэтик тэлээрэр.

Эгэлгэ ойуулаах маҥан хаар

Сарбынньах ойуутун түһэрэр.

Ол аргыый талбаарар дьиктилэр

Дьэрэкээн оһуору оонньууллар.

Дьиктитик үҥкүүлүүр «кубалар»

Оҕо саас кэриэтэ үөрдэллэр.

Кэрэтиэн, киэргэммит харыйа

Сарбынньах хаарынан сырдыыра!

Саҥа дьыл кэлэрин баттаһа

Кылбаарар маҥан хаар түһэрэ!

  1. 11. 2017

Маҥан хаар

Уйадытар ааспыт санньыар санааларбын

Маҥан хаар муннарардыы бүрүйбүт.

Умнуллубат хом санаа аргыстарбын

Мэлдьэһэрдии ырааһынан кылбаппыт.

Саҥаттан биллибэт эйгэҕэ сиэтэрдии

Ымсыырда түһэрэ сарбынньах киэргэлэ.

Сабара күн тахсар саҕаҕар тиэрдэрдии

Ыспахтыыр куба түү көбүөрүн тэлгэтэ.

Ырааһыан, чэбдигиэн ньуолах хаар кэрэтэ —

Күн уотун кытары чаҕыллар күлүмэ!

Ылланар ыраны бэлэхтиир кэриэтэ

Кыһыным аргыһа — ыраас хаар үҥкүүтэ!

Санааны саймаарда, кырпай хаар, эргичий!

Саҥа дьыл дьолунуун көрсөрдүү кылбачый!

  1. 10. 2020.

Кэтэһэбин сэгэрбиттэн

Киирэн кэлэр Саҥа дьылга,

Күлүм оонньуур киэһэҕэ

Кэтэспэппин тапталбыттан,

Күүтэр — ахтар сэгэрбиттэн

Күндү таастаах бэлэҕи,

Көмүс дуйдаах киэргэли.

Кэтэһэбин доҕорбуттан,

Кэрэхсэтэр аналбыттан

Кэрэ күҥҥэ иэйиини,

Күҥҥэ тэҥнээх мичээри,

Күүстээх таптал имэҥин

Көһүппэтэх дьиктитин.

Көрсө кэлэр дьылбытын,

Күүтүүлээх дьылҕабытын

Кэскилигэр уйдаран,

Күөгэл күннүүн арыаллатан

Куту — сүрү арчылааммыт

Кэлэр кэмниин алтыһыахпыт

  1. 12. 2020.

Эрэнэ, долгуйа күүтэбит 

Туох эрэ кэрэни, дьиктини күүппүттүү

Куоратым сүүс араас өҥүнэн күлүмнүүр.

Тырымнас лаампалар биир тэҥҥэ үөрбүттүү

Кыламнас уотунан ыал аайы дьиримниир.

Болуоссат аайытын Саҥа дьыл илдьитэ —

Киэргэммит харыйа лаглайа күндээрэр.

Бу кэлэр саҥа дьол биир күндү кэһиитэ —

Күүтүүлээх ыалдьыппыт ыраахтан сандаарар.

Сүргэни көтөҕөр маҕаһыын уоттара

Бэлэхтэ ылан бар диэбиттии угуйар.

Сүрэҕи манньытар бэлэҕин арааһа

Барыбыт дууһатын уйаннык таарыйар.

Хаар дьикти кэрэтин көөчүктүү тэлээрдэр,

Саҥаттан туланы угуйа сырдатар.

Халлааҥҥа имнэнсэр кып — кыра сулустар

Саҥа дьыл иһэрин билбиттии оонньууллар.

Хас сылын аайытын Саҥа дьыл кэлиитин

Кистэлэҥ эрэллээх кэтэһэ көрсөбүт.

Хас биирдии бэйэбит ырабыт кэрэтин

Кэлиэ диэн эрэнэ, долгуйа  күүтэбит.

  1. 12. 2020.

Дьокуускай к.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0