Кировскайга сэргэ туруордулар

20.11.2023
Бөлөххө киир:
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ДНӨ үлэтинэн тиийэ сылдьан  Кировскайдааҕы 2№-дээх оскуолаҕа сырытта.
Бу оскуолаҕа соторутааҕыта биһиги өрөспүүбүлүкэбит өйөбүлүнэн аныгы ИT-киин аһыллыбыта.

Киин арыллыыта үөрүүлээх быһыыга-майгыга Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр буолбута.

«Үлэ үтүө түмүктэрин көрөр олус үчүгэй, манна оҕолор астына дьарыктаналлар, үрдүк технология эйгэтигэр бастакы хардыыларын оҥороллор. Оҕолору кытта кэпсэттим, олус астыммыттар, бэйэлэрин үлэлэрин көрдөрдүлэр. Маны сэргэ, ИT-кииҥҥэ баҕалаахтар үөрэх куурустарын ааһыахтарын  уонна технологическай стартаптары тэрийиигэ көмө ылыахтарын сөп», — диэн бэйэтин ТГ-ханаалыгар Айсен Николаев суруйбут.

«ДНӨ Аҕа баһылыгын Денис Владимирович Пушилинныын саха сэргэтин туруорууга кыттыыны ыллыбыт. Бары сиэри-туому тутуһан алгыс оҥоһулунна, үрдүкү күүстэртэн кыайыыны, эйэни, бары үтүөнү көрдөстүбүт», — диир Айсен Николаев

Айсен Николаев этэринэн, бу кэм устата Кировскай куорат олохтоохторо биһиэхэ олус чугас буолбуттар. «Саха сэргэтэ доҕордоһуубут бэлиэтинэн, сомоҕолоһуутунан буоллун!», — диэн этэр Айсен Николаев.

Кировскай куораты сөргүтүү үлэтэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит уонна ДНӨ кытта сөбүлэҥ түһэрсии чэрчитинэн, былырыын ыам ыйыттан саҕаламмыта. Бу кэм устата куорат инфраструктуратын  52 эбийиэгэ сөргүтүллүбүтэ. Ону таһынан хас да оскуола, балыыһа, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр. Хас даҕаны уулусса, куорат паарката өрөмүөннэммитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0