Киров уулуссаҕа баар «дьааманы» бэс ыйын 1 күнүттэн өрөмүөннүөхтэрэ

23.05.2017
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат уулуссаларын саҥардан оҥоруу, өрөмүөннээһин күүскэ бара турар. Ол быыһыгар гаас, уу ситимин уларытыы эмиэ ыытыллар. Былырыын алтынньы, сэтинньи ыйдарга Киров уулуссатыгар (1 №-дээх поликлиника иннигэр) уу эргэрбит ситимин уларыппыттара. Бу уулусса учаастага ыйтан ордук кэмҥэ сабыылаах турбута.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Билигин ол өрөмүөн үлэтин «чэрэ» үгүс суоппардарга баарын биллэрэр. Ол эбэтэр уулусса аспаалын 10-тан тахса миэтэрэ кэтиттээх гына алдьаппыттара, гравийынан көрөн  сытар. Манна массыыналаахтар тимир көлөлөрүн харыстаан, бытааннык «сыыллаллар». Сорохтор өйдөөбөккө хаалан, ордук намыһах тимир көлөлөөхтөр, массыыналарын аннын  бетоҥҥа оҕустараллар.

Дьон санаата

Алексей Васильев, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
Бу учаастагы үрдүнэн өтүүктээн кэбиһэллэрэ буоллар, бэрт этэ. Куораппыт хабайар хаба ортотугар маннык учаастак баара соччото суох. Дьиҥэр, күн аҥаардаах үлэ буолуо ээ.
Василий Скрыбыкин, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
— Ситэ оҥоһуллубакка сытар учаастак аттыгар светофор баар. Светофор кэнниттэн ити дьаама баара массыыналар сырыыларын бытаардар, харгыстыыр. Онон түргэнник үрдүнэн бетоннаан кэбиһиэхтэрин наада этэ.

Дьон санаатын билсэн баран, Дьокуускай куорат суолга управлениетын начаалынньыга Валерий Домотовтан ыйыппыппытыгар: «Ити учаастагы бэс ыйын 1 күнүттэн өрөмүөннүөхпүт», – диэн хоруйдаата.

Петр Алексеев уулуссаҕа гаас утаҕын уларытыы

Быйыл кулун тутартан Петр Алексеев уулуссатыгар, Пирогов уонна Лермонтов аатынан уулуссалар икки ардыларыгар баар учаастакка үрдүк баттааһыннаах гаас утаҕын саҥардан оҥоруу бара турар. Ыам ыйын бүтүүтэ түмүктэниэхтээх. Бу үлэ уулуссаны өрөмүөннүөхтээх «Дорисс» ААУо графигын кытта учуоттаан ыытыллар. Ол эбэтэр, гаас ситимэ уларытылынна даҕаны, Петр Алексеев уулуссаны оҥорбутунан, өрөмүөннээбитинэн барыахтара. Онон Киров уулуссаҕа курдук мөлтөх учаастак үөскүө суоҕа.

Манна даҕатан эттэххэ

Быйыл Чиряев (Дзержинскэй – Хабаров учаастага), Кулаковскай (Чернышевскай – Ленин учаастага), Жорницкай (С. Данилов – Объездной шоссе учаастага), Петр Алексеев (Лермонтов – Пирогов учаастага), Ломоносов (Петровскай – Октябрьскай учаастага), Чернышевскай уонна Хабаров (Кулаковскай – Чиряев учаастага), Кальвица (Дзержинскэй – Жорницкай учаастага) уулуссаларга хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыаҕа. Итини тэҥэ, Уткин аатынан уулусса саҥардыллан оҥоһуллуоҕа. Медицина киинигэр киирэр уулусса (Гимеин) Медицина киинин пуоһугар диэри өрөмүөннэниллиэҕэ. Быйыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри 6,644 км уһуннаах уулусса оҥоһуллуоҕа.
Алтынньы бүтүөр диэри Кальвица-Пирогов-Жорницкай быһа охсуһуулара, Окружной шоссе (Өктөөп 50 сыла автострада – Жорницкай учаастага), Хатыҥ Үрэх шоссе (Объездной шоссе – Курнатовскай учаастага) оҥоһуллуохтара. Итини тэҥэ, Автодорожнай, Халтурин, Билибин, Дежнев, Каландаришвили, Кузьмин, Стадухин уулуссалары саҥардан оҥоруу барыаҕа.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0