Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын, СӨ ырыа айааччыларын-мелодистарын сойуустарын итиэннэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун мелодистарын уонна ырыаһыттарын түмсүүтүн чилиэнэ Михаил Санников бүгүн үбүлүөйдээх күнэ үүннэ.
edersaas.ru
Михаил Санников поэзияны уонна ырыаны сэҥээрээччилэргэ Уол Сарсын диэн аатынан биллэр. Бастакы ырыатын «Эн бааргын, Баатара барахсан» диэн бэйэтин хоһоонугар 2005 с. айбыта. Барыта 14 ырыалаах, ырыаларын өрөспүүбүлүкэ биллиилээх артыыстара толороллор.
Уол Сарсын бэйэтин ырыаларын сэргэ, саха биллиилээх мелодистарын ырыаларын кэнсиэртэргэ, куонкурустарга толорон, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылар. Ол да иһин, ырыа өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарын хас да төгүллээх лауреата. 2011 с. Христофор Максимов дэгэрэҥ ырыаларыгар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна 2013 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар «Дьиэрэй Киристэпиэр дэгэрэҥэ» күөн күрэстэр Гран-приларын хаһаайына.
Кини хоһоонноро өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар бэчээттэнэллэр. «Дьылҕа уонна олох», «Без правды нет истории и будущего» кинигэлэр ааптардара.
Үөһээ Бүлүү Намыгар сыл аайы ыытыллар «Бүөтүр Тобуруокап көмүс күһүнүн» көхтөөх кыттыылааҕа уонна көмөлөһөөччүтэ. Быйыл түөрт строканы айыы куонкуруһугар бастакы миэстэни ылан, анал бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Уол Сарсын лиирикэтиттэн
Мэлдьэспэт инигин?
Чугастан көрдүм мин эйиигин,
Хайыһан көрбөтүҥ эн миигин,
Урукку мичийэр мичээргин
Эҕэрдэ аргыстаах биэрбэтиҥ.
Эргийбэт эдэр саас барахсан
Барбыт дии, быһыыта арахсан,
Сүһүөҕүн үрдүгэр битийбит
Томтоҕор эн түөскүн мэлдьэспит.
Хонуктар былыттыын устаннар
Сааспытын уулларан ааспыттар,
Уураһар уоспутун куурданнар
Иэйиибит уохтара уолбуттар.
Сүрэҕим ол онтон сонньуйар,
Кэм-кэрдии кимиитин ылынар,
Олохпут хаамыыта модьуйар,
Кырдьар саас күннэтэ тоһуйар.
Эн да мэлдьэспэт инигин
Олохпут түмүктүүр кирбиитин,
Тапталбыт таптаабат буолбутун,
Тайахтаах одуулуу турбутун.
Ырай дойду
Киһи аймах үөскүөҕүттэн
Үгүһү-элбэҕи үөрэтэртэн,
Үтүөнү-мөкүнү үөтэрэртэн
Үөскээн тахсыбыт быһыылаах,
Аад адьарайа – Аллараа Дойду,
Тыынар тыыннаах Орто Дойду,
Үҥэр Үрдүк Таҥаралаах
Ыйтан ыраах Ырай Дойду.
Куба-лахсыыр көлдьүн тыллаах,
Көрүнньүк күппээл кэпсээннээх,
Манньа ылар баҕалаах,
Минньигэс мэлииппэлээх
Үтүө көрдөөн үҥээччилэр
Мэлдьи куруук этэллэр:
«Дьууһаҥ сынньанар сирэ
Үрдүүк-үрдүк Ырай эрэ».
Киһи эрэ буолларгын
Мунчаарыма, доҕоччуок,
Ырай сирин сураһыма,
Аҕабыыттан ыйытыма,
Дьылҕаҥ сиэрин ситэрэн
Дьоһуннаахтык олор эн,
Маннык кэрэ Орто Дойду –
Кини буолар Ырай Дойду.
ЫСПЫРААПКА:
1952 с. Мэҥэ Хаҥалас оройуонун I Баатара нэһилиэгэр төрөөбүтэ;
1970 с. Төҥүлү орто оскуолатын бүтэрбитэ, СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэнэ киирбитэ;
1976-1987 сс. Дьоруой Попов аатынан сопхуоска биригэдьиир-зоотехнигынан, солбуйааччы дириэктэринэн, партком сэкирэтээринэн, сопхуос дириэктэринэн үлэлээбитэ;
1991 с. – «Саха Фермер» ассоциация бастакы президенэ, Арассыыйатааҕы «Аккор» ассоциация президиумун чилиэнэ;
1994-2000 сс. СӨ Судаарыстыбыннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, «АЛРОСА» АК президенин көмөлөһөөччүтэ, СӨ Президенин кылаабынай хонтуруоллуур управлениетын салайааччыта;
1992 с. Арассыыйатааҕы салалта академиятын бүтэрэн, политолог идэтин ылбыта.
1996 сылтан экономическай наука кандидата;
2003-2008 сс. СӨ Ил Түмэнин РФ Федеральнай Мунньаҕар бастайааннай бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитэ;
2008-2015 сс. – СГУ Тыа хаһаайыстыбатын академиятын доцена.
2015 сылтан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын туһаныыга үлэлиир «Манчаары» кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлин сүбэһитэ.
М.Санников – Нөөрүктээйи, Төҥүлү, Бэдьимэ, Баатара, Дьаҥхаады нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru