Кирилл Бычков Саха сиригэр гаас хаһаайыстыбата эрэллээхтик үлэлииригэр болҕомто уураллара уолдьаспытын эттэ

Бөлөххө киир:

Санкт-Петербург куоракка алтынньы 3-8 күннэригэр  аан  дойдутааҕы  ньиэп уонна гаас Х форума буола турар.  Сарсын түмүктэнэр.   СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Кирилл Бычков  «Социальнай гаастааһыҥҥа «дорожнай карта» оруола. Кыһалҕалар, олору быһаарыы»  диэн  «төгүрүк остуолга»  кытынна. Кини дакылаатыгар Саха сирин гааһын хаһаайыстыбатыгар баар кыһалҕалары таарыйда.

Ол курдук,  Саха сиригэр 50-тан тахса сыл үлэлээбит гаас ситимин уларытар уолдьаспытын иһитиннэрдэ. Холобур, ирдэбил быһыытынан  гаас ситимэ  35 сыл туһаныллыахтаах, ол кэннэ саҥанан солбуллуохтаах. Кирилл Бычков өрөспүүбүлүкэ киин улуустара «күөх төлөнүнэн» 1967 сылтан Орто Бүлүүтээҕи гаас баайдаах сиртэн икки магистральнай утаҕынан хааччылларын санатта. Кыһыҥҥы кэмҥэ ити икки утахтан биирэ алдьаннаҕына, улахан саахал тахсыан сөбүн туһунан иһитиннэрдэ. Киин улуустарга 450 тыһ. киһи олорор уонна социальнай хабааннаах 600 кэриҥэ эбийиэк баар.

«Онон үһүс магистральнай утаҕы тутуу тардыллар түгэнигэр, саҥа холбонуу эмиэ бытаарарыгар тиийэр, ол аата РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир  Путин социальнай гаастааһын  туһунан сорудаҕа олоххо киирэригэр мэһэй үөскүөн сөп», –  диэн Кирилл Бычков саамай сөпкө эппит.

Кини дакылаатын түмүктүүрүгэр, социальнай гааһынан хааччыйар «дорожнай картаны”  олоххо киллэрэр инниттэн бастаа утаа эрэгийиэннэргэ нэһилиэнньэлээх пууннарга гааһы тиэрдии тохтоло суох барарын хааччыйар аналлаах сорук, үлэ сөптөөх болҕомтоҕо ууруллуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0