Cаха сиригэр үлэтэ суох буолууну аҕыйатарга бырабыыталыстыба араас хайысханан былааннаах үлэни ыытар. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Кирилл Бычков ол туһунан социальнай ситимнэргэ быһа биэрии кэмигэр кэпсээтэ.
— Бу былаан чэрчитинэн, араас хайысхаларынан үлэ ыытыллар: Арктика оройуоннарыгар үлэҕэ ылыы, бэйэлэрэ дьаһанан үлэлиир дьоҥҥо көмөлөһүү, дуогабардаспакка үлэлиир дьону булуу, о.д.а.
Дуогабар түһэрсибэккэ, хамнаһы кэмбиэргэ ылыы – бу биэнсийэҕэ тахсарга бэйэҕэ кыһалҕалары үөскэтии, үлэһит бары өттүнэн көмүскэлэ суох буолуута. Онон, итинник быһаарар үлэни киэҥник ыыттахха, дьон өйдүүр, регистрацияланар. Маннык үлэни ыытар улахан суолталаах, — диэн Кирилл Бычков эттэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.