«Чолбон» сурунаал соторутааҕыта эрэ бэйэтин ааптардарын уонна саха литэрэтиирэтин сэҥээрээччилэри тоҕус «Сэмсэ» тула мунньан, туһалаах кэпсэтиини таһаарбыта. Өр-өтөр буолбата – сурунаал өссө биир сонун, ыра оҥостубут бырайыагын олоххо киллэрдэ. Ол эбэтэр, «Сахабэчээт» автономнай тэрилтэ «Литература эйгэтэ» («Литературная среда») бырайыага «Билиҥҥи саха прозата: саҥа кэм ааптардара, үгэстэрэ» диэн аһаҕас кэпсэтиини тэрийдэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2017 с. биллэриллибит Ыччат сылын чэрчитинэн Бэчээт дьиэтин «Пресс-кафетыгар» ыытыллыбыт бу түһүлгэҕэ Гуманитарнай чинчийиигэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларыгар институтун литэрэтиирэҕэ сиэктэрин үлэһиттэрэ С.Ноева, М.Кириллина сүрүн кыттыыны ыллылар. Ону сэргэ, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ, сурунаал эрэдээктэрэ Данил Макеев, эрэдээктэри солбуйааччы Гаврил Андросов, Анна Варламова-Айысхаана, Иван Осипов-Ойуур, «Саха сирин суруйааччыта» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Яна Байгожаева, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Саха сирэ» хаһыат кэрэспэндьиэнэ Надежда Егорова-Намылы кытыннылар.
Эдэр кириитиктэр Саргылана Ноева уонна Мария Кириллина, эксперт быһыытынан ыҥырыллыбыт суруналыыс Анатолий Павлов—Дабыл эдэр суруйааччылар хайдах сайдан иһэллэрин ырыттылар, саха литэрэтиирэтин классиктарын айымньыларын кытта тэҥнээн көрдүлэр уонна онно тирэҕирэн билиҥҥи саха прозатын уопсай туругун, таһымын анаардылар. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, бииртэн биир боппуруостар күөрэйэн, саха литэрэтиирэтин туһунан киэҥ хабааннаах кэпсэтии салҕанан бара туруох курдук буолла. Мөккүөртэн мөккүөр үөскүүр. Холобур, «саха оҕото кинигэни аахпат буолла» диэн санаа олус оруннааҕын, ол эрэн ааҕар оҕо да баарын туһунан үтүө холобурдар ахтылынна. Итинтэн сиэттэрэн эттэххэ, саха литэрэтиирэтин билиҥҥи туругун туһунан маннык түһүлгэ кэҥээтэр кэҥиир, дириҥээтэр дириҥиир чинчилээҕэ өтө көһүннэ.
«Чолбоннор» үгэс буолбут семинардартан, конференциялартан тэйэн, итии чэйдээх остуол тула олорон аһаҕас сэһэргэһиини тэрийбиттэрэ кэрэхсэннэ. Түһүлгэ өссө биир уратытынан бу сырыыга ааттаах-суоллаах кириитиктэр буолбакка, эдэр суруйааччылар биир саастыылаахтара, саҥалыы көрүүлээх эдэр кириитиктэр ырыппыттара буолла. Кинилэр Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ Анатолий Слепцов, Семен Маисов (кыайан кэлбэтилэр) уонна эдэр прозаиктар Ангелина Васильева, Ульяна Захарова, Аграфена Кузьмина кинигэлэрин тутан олорон, атах тэпсэн олорон ырыттылар. Кинилэр айымньыларыгар итэҕэстэри-быһаҕастары сэргэ, суруйааччы быһыытынан ураты ньымаларын, булумньуларын, соһуччу уобарастарын уо.д.а. астына бэлиэтээтилэр. Маннык аһаҕас ырытыһыы номнуо кинигэлээх ааптардарга эрэ буолбакка, айар үлэ аартыгын арыйар баҕалаах эдэр дьоҥҥо эмиэ туһалыыра саарбахтаммат. Ол да иһин, «Чолбон» сурунаал «Саҥа аат» диэн рубрикатын саҕалаабыт ааптар Василина Попова кэпсэтииттэн улахан дуоһуйууну ылбытын бэлиэтээтэ.
Олег Сидоров:
«Арассыыйаҕа саха литэрэтиирэтэ ханнык миэстэҕэ сылдьарый?»
«Саҥа ааттары эрэ буолбакка, прозаҕа, поэзияҕа туох сонун баарын билэргэ, литэрэтиирэ ньымаларын тутта үөрэнэргэ, саҥа тиэмэлэри арыйарга литэрэтииринэй сурунаал инники күөҥҥэ сылдьыахтаах. Литэрэтиирэ сайдыыта эдэр ааптардартан улахан тутулуктаах. Онон, бу кэнники сылларга «Чолбон» сурунаал саамай сөптөөх хайысханан баран иһэр дии саныыбын.
Биһиэхэ үчүгэй ырытыы, кириитикэ суох. Билиҥҥи литэрэтиирэни сырдатыыга, ырытыыга анаан дьарыктанар кириитиктэр кыттыахтарын наада. Оннук дьону үөскэтэргэ «Чолбон» сурунаал уонна сахалыы тыллаах хаһыаттар инники күөҥҥэ сылдыахтаахтар. Кириитикэ, дьүүллэһии өттүгэр улахан хамсааһын, мин санаабар, соччо суох, улаханнык кыайтарбат курдуга. Кириитикэ диэн кириитикэлээһин эрэ буолбатах. Кириитикэ – ырытыы уонна, кылаабынайа, биһиги хайдах сайдан иһэрбитин атын түүр омуктарын, Арассыыйа национальнай искусстволарын кытта тэҥнээн көрүү, Арассыыйаҕа литэрэтиирэ сайдыытыгар ханнык миэстэни ыларбытын анаарыы. Аны туран, Арассыыйа таһымыгар тахсарга тылбаас үлэтэ эмиэ уустуктардаах. Онон, бу кэпсэтии кыбаартал аайы да ыытыллара буоллар, инники сайдыыга олук ууруллуо этэ».
Гаврил Андросов:
«Сурунаалбыт инники күҥҥэ сылдьарын туһугар үлэлиэхпит»
«Быйылгы Ыччат сылынан уонна эдэр учуонайдар саҥа суруйар дьону ырытыыларын саҕалааһын курдук, аны эдэр бэйиэттэргэ анаан «төгүрүк остуолу» тэрийиэхпит. Онтон үһүс «төгүрүк остуолбут» тиэмэтэ чопчулана илик эрээри, күһүн буолара күүтүллэр. Бу тэтиммитин ыһыктыбатахпытына, эһиил да салҕанан барыа диэн былаанныыбыт. Тоҕо диэтэххэ, биһиги сурунаалбыт литэрэтиирэҕэ буола турар түгэннэри сырдатар былаһаакканан буолуохтаах, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр бары көрүҥнэригэр литэрэтиирэни сырдата сатыахпыт. Онно, биллэн турар, сурунаалбыт инники күөҥҥэ туруохтаах диэн сыаллаах-соруктаах үлэлии сылдьабыт».
Саргылана НОЕВА:
«Кэпсээнньиттэргэ уустук сорук турар»
«…Саха прозатыгар кэпсээн – саамай уустук жанр. Кини кээмэйэ кырата эбии уустуктары үөскэтэр. Кыра кээмэйдээх буолан, кини чопчу уонна чаҕылхай характердары тутан ылыан уонна сытыы кыһалҕаны таарыйыан наада. Бэрт кыра кэм иһигэр ол кыһалҕатын чыпчаалга таһаара охсон, кульминацияҕа тириэрдэ охсон, түмүктүү охсуон наада. Онон, кэпсээнньит кыргыттар, эһиэхэ уустук сыал-сорук турар…»
Мария Кириллина:
«Бэйэбин ааттатаары суруйабын дуу, дьоммор-сэргэбэр туһалаары дуу?»
«…Билиҥҥи литэрэтиирэ уруккуттан туох уратылааҕый? Бастатан туран, хааччаҕа суох көҥүл санаа баар буолла. Урут бобуулаах тиэмэлэр баар буоллахтарына, билигин саха литэрэтиирэтигэр көҥүл санаа күүскэ киирэн турар. Аһара барыы баар. Бу көҥүл санаа сайыннарыан да, урусхаллыан да сөп. Көҥүл санаа айымньы жанрыгар, ис тутулугар көстөр. Бэл, дьоруойа суох айымньылар баар буоллулар. Ис хоһоонугар бобуулаах уонна сиэргэ баппат тиэмэлэр көстөллөр. Дьон болҕомтотун тарда сатаан бобуулаах тиэмэни аһара хасыһыы, олоххо туох куһаҕан буола турарын барытын уус-уран айымньыга көрдөрүү туох да үчүгэйэ суох.
Иккиһинэн, аныгы киһи ураты толкуйдаах. Ситимэ суох бысталаныы, «клиповое сознание», дириҥэ суох, үрдүнэн көтүмэх суруйуулар көстөн ааһаллар.
Ааптар көҥүлэ литэрэтиирэ бары жанрыгар көстөр буолла. Оннооҕор дыраамаҕа ааптар позицията наһаа биллэр. Кэпсээннэргэ ааптар аатыттан «мин» диэн өйдөбүл күүскэ олохсуйда. «Литэрэтиирэ сүрүн сыала соруга тугуй, билиҥҥи кэмҥэ суруйааччы суолтата тугуй? Суруйааччы бу айымньытынан тугу этиэн баҕарарый? Бэйэтин аатын ааттатаары суруйар дуу эбэтэр дьоҥҥо норуокка туһалаары дуу?» диэн икки позиция баар. Суруйар киһиэхэ ааҕааччыга ытыктабыл, норуот иннигэр ытык иэс баар буолуохтаах».
Дабыл:
«Норуот улахан санаатын билиэххэ»
«…Сэбиэскэй кэмҥэ суруллубут барыта куһаҕан буолбатах. Саҥа суруйар дьон саха литэрэтиирэтин урукку өттүн көрүөхтэрин наада.
Билиҥҥи үгүс кэпсээннэргэ кэлэр кэм хайдах буолуоҕун ыраҥалааһын суох. Таһырдьанан баран иһэр киһини кэпсиир курдук бүтэн хаалаллар. Ол иһин, суруйар дьон норуоттарын улахан санаатын билэ үөрэниэхтэрин наада».
Данил МАКЕЕВ:
«Саҥа санаалар үөскээтилэр»
«… Ырытыллыбыт дьоммут, ол эбэтэр сурунаалбыт ааптардарын айымньыларын тула туһалаах кэпсэтии буолла. Хас биирдиилэригэр болҕомто ууран, ырыппыккытыгар махтанабын. Эһигини, кириитиктэри истэ олорон, бэйэм да элбэх саҥаны, туһалааҕы иһиттим, саҥа санаалар үөскээтилэр…».
х х х
Аныгы кэм суруйааччытын, билиҥҥи кэм литэрэтиирэтин тула сэргэх кэпсэтиигэ кыттыбыт дьон түгэҕэ биллибэт киэҥ анаарыы, ырытыы өссө да салҕана туруоҕар итэҕэйэн уонна астынан тарҕастыбыт. Чуолаан, суруйааччы айымньыта биир күннээх дэтэрэ эбэтэр үйэлэри уҥуордуур аналланара, бастатан туран, кини талааныттан, дьоҕуруттан, билиититтэн-көрүүтүттэн, норуотун туһугар үлэлиир баҕатыттан улахан тутулуктааҕын бу түһүлгэ дьэҥкэтик көрдөрдө.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru