«Кириитикэ суох буолан, айымньы таһыма түстэ»

08.02.2017
Бөлөххө киир:

Александра Николаевна Кардашевская-Харыстаана, СӨ култууратын туйгуна, СӨ Суруналыыстарын уонна Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ. 25 сыл култуура эйгэтигэр үлэлээн, «Бичик» издательствоҕа корректордаан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Кини – литературнай кириитик Эрчимэн кэргэнэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

«Харыстаана хоһоонноро, аатын курдук, айылҕа уонна киһи харыстабылыгар аналлаахтар. Харыстаана лирата – Таҥара курдук, икки атаҕы иирсээнтэн, иэдээнтэн, өлүүттэн-сүтүүттэн быыһыы, абырыы, өрө тарда, өрүһүйэ туруо диэн бигэтик эрэнэрбин этэбин».

Василий Протодьяконов.

— Александра Николаевна, Харыстаана диэн ааты хаһан уонна тоҕо ылыммыккыный?

— Харыстаана диэн миигин оҕо эрдэхпиттэн ааттыыллар этэ. Тоҕо диэтэххэ, мин тулаайах үөскээбит буоламмын, атын дьону наһаа аһынар, харыстыыр, төһө кыалларынан көмөлөһөр этим. Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыгар улааппытым. Төрөөбүт төрүт тыл кэрэтигэр, айар үлэ абылаҥар миигин аан бастаан аҕам уһуйбута. Кини кыра эрдэхпиттэн хоһооҥҥо, чабырҕахха үөрэппитэ, олус үчүгэйдик остуоруйалыыра, улахан пародист талааннаах этэ. Ийэм Гликерия Афанасьевна дьүөгэлэрин үүт-үкчү үтүктэн күллэртиирэ. Үһүс кылаас оҕотугар олоҥхону аахтардаҕына, оонньуу бара охсоору чабырҕах курдук ааҕа охсорум. Ол иһин, билигин да наһаа түргэнник саҥарабын быһыылаах. Ийэбинэн эһэм Василий Борисов гражданскай сэрии дьоруойа Харачааһы быыһаабытынан биллэр. Өссө олоҥхоһут Тоҥ Суорун сыдьааннаах эбиппин. Аҕам өлбүтүн кэннэ Семен Иванович диэн атыыһыт киһи миигин оҕо гыныан наһаа баҕарбыт. 11 саастаах кыыһы ийэбиттэн көрдөөбүтүн ийэм биэрбэтэх. Кини миэхэ наһаа үчүгэйдик сыһыаннаһара, бэл оскуоланы бүтэрэр банкеппар түүппүлэ ылан биэрбитэ. Кэмпиэтинэн, бирээнньигинэн күндүлүүрэ кэпсээҥҥэ да киирбэт этэ. Итинник кыһамньылаах киһини кытары алтыһан, дьон бары үтүө санаалаах буолуо диэн санаанан салайтаран улааппытым. Дьоммут да кырдьаҕаһы харыстыырга, кыаммакка көмөлөһөргө иитэллэрэ. Киһи хайдах киһи буолан тахсара иитиллиититтэн улахан тутулуктаах.

— Эн санааҕар, айар-суруйар киһи Суруйааччылар сойуустарыгар киирэрэ булгуччулаах дуо?

— Эбэһээт наада. Сойууһа суох хайдах суруйааччы буолуоххунуй? Сойуус суруйааччылары түмэр, көҕүлүүр, хас биирдии айар киһини кытары үлэлиир аналлаах. Үс кинигэм күн сирин көрбүтүн кэннэ, 2006 с. СӨ Суруйааччыларын сойууһугар киирбитим. Сойууска киирэрбэр суруйааччылар Моисей Ефимов, Иван Федосеев-Доосо уонна Сэмэн Тумат мэктиэ сурук биэрбиттэрэ. Хоһооннорбун кэргэммэр Егор Петровичка хайаан да көрдөрөрүм. Ону: «Тыыппалаах хоһооннор» диэн хайгыыра, сирбэт этэ. Эрчимэн, уопсайынан, ким да хоһоонун быһа-хото кириитикэлээбэт этэ. Суруйар дьону харыстыыра, көннөрү «маны көннөрдөххүнэ өссө үчүгэй буолуо» диэн сүбэ-ама курдук этэрэ, төттөрүтүн, салгыы айарга-тутарга көҕүлүүрэ. Суруйар дьону ураты дьонунан ааҕара.

— «Бэл, суруйааччылар оҕолоро нууччалыы саҥараллар» диэн омнуолуур санаа баар буолааччы. Эһиги оҕолоргут сахалыы билэллэр дуо?

— Оҕолорбут да, сиэннэрбит да сахалыы саҥараллар. Үйэ чиэппэрэ иллээхтик эйэлээхтик олорбут кэргэним: «Оҕо хайаан да сахалыы саҥарыахтаах, сахатын тылын хайаан да таптыахтаах, сүрэҕэр-быарыгар иҥэриниэхтээх», – диирэ. Төрөөбүт тыл диэн син биир төрөппүт ийэҥ курдук буоллаҕа дии. Ийэтин таптыыр киһи төрөөбүт тылын таптыыр, төрөөбүт тылын таптыыр киһи ийэтин таптыыр.

— Эрчимэн кэргэнэ буоларыҥ олоххор ураты суолу-ииһи хааллардаҕа буолуо?

— Эрчимэн – мин дьолбор көрсүбүт киһим. Кэргэним саха литэрэтиирэтин таптыырбар, ийэ тыл илбиһин иҥэринэрбэр, суруйааччыга тиийэ үүнэрбэр көмөлөстөҕө дии. Дьиэ иһигэр аахпыт кинигэлэрбитин, оскуола оҕотун курдук, омсолоох уонна биһирэмнээх дьоруойдары ымпыгар-чымпыгар диэри ырытарбыт. Тылы таба туттарга, уобарастыырга үгүстүк сүбэлиирэ. «Ырытар дьоҕурдаах эбиккин. Суруйбут үлэлэргин (бэйэтин кэргэнин хайҕаабыт диэбэттэрин курдук) атын суруйааччыларга сыаналат», – диирэ. Биһиги аҕабытын кириитик эрэ быһыытынан буолбакка, аҕа, эрэллээх доҕор быһыытынан олус сыаналыырбыт, билигин ахтабыт-суохтуубут. Уопсайынан, кириитикэ баар буоллаҕына эрэ тыыппалаах суруйуу тахсар буоллаҕа. Билигин кириитикэ суоҕун кэриэтэ. Кириитикэ суох буолан, айымньы да таһыма мөлтөөтө дии саныыбын. Харчылаах буоллулар да, ким төһөнү бэчээккэ таһаарара көҥүлэ курдук. Сорохтор, баҕар, өһүргэниэхтэрэ буолуо да буоллар, кириитик кэргэнэ буолан уонна литэрэтиирэ сайдарыгар баҕарар буолан этэбин.

— Егор Петровичтыын муспут кинигэлэргитин өрөспүүбүлүкэ библиотекаларыгар биэрбиккит туһунан истибитим.

— Манна дьиэҕэ эрэ сытан хаалыаҕынааҕар дьон-норуот туһаннын диэн биэрбитим. Элбэх библиотекаҕа (ол иһигэр, Бүлүү Сыдыбылыгар, Таатта Уолбатыгар) тыһыынчаттан тахса кинигэни бэлэхтээбитим. Бары литэрэтиирэни сэҥээрээччилэргэ, саха киһитигэр наадалаах кинигэлэр. Уопсайынан, Эрчимэн библиотекаҕа сылдьыбатын кэриэтэ этэ. Наадалааҕа барыта дьиэтигэр баарын сөбүлүүрэ уонна онтон олус астынара. Саамай таптыыр сирэ кинигэ маҕаһыына этэ. Мин билигин даҕаны кинигэтэ, хаһыата, бэчээтэ суох олох сатаммаппын.

— Билиҥҥи литэрэтиирэҕэ сыһыаныҥ хайдаҕый? «Урукку суруйааччылар курдук саха тылын сүмэтин эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэ сылдьар, уу сахалыы суруйар талааннаах киһи аны суох» диэн этии эмиэ баар.

— Сөпкө этэллэр. Билиҥҥи көлүөнэ дьон литэрэтиирэ классиктарыгар тэҥнэспэттэр. Ол гынан баран, куһаҕаннык суруйаллар диэн этэр эмиэ сыыһа.

— Оччотугар билиҥҥи суруйааччылары сүүрбэччэ-отучча сылынан эмиэ улууларынан ааттыахтарын сөп буоллаҕа?

— Саарбахтыыбын. Инникитин өссө талааннаахтар тахсан иһиэхтэрэ. Эдэрдэргэ эрэл баар буолуохтаах. Дьиҥнээх талааннар тыа сириттэн, олоҕу билбит дьонтон ситимнэнэн тахсаллар дииллэригэр сөбүлэһэбин. Суруйар эйгэҥ барыта тыа сириттэн саҕаланар. Егор Петрович 21 сааһыгар холкуоска бэрэссэдээтэллээбитэ. Онон да буолуо, тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах, дьиҥнээх олохтон ылыллыбыт сюжеттардаах кэпсээннэрдээх.

«Кириитик буолар наһаа ыарахан, элбэх киһи өстөөҕө буолуоххун сөп, ол иһин кириитик буола сатааччы аҕыйах» диэн ханна эрэ ааҕан турабын. Дьиҥэр, кириитикэ хамсатар күүс буоллаҕа?

– Эрчимэн биир тиэмэҕэ наһаа өр үлэлиир этэ. Бастаан матырыйаалы, кинигэни ымпыктаан-чымпыктаан үөрэтэрэ, онтон онно сыһыаннааҕы барытын көрдөөн булан ааҕара. Арыт: «Наһаа да өр суруйаҕын, илдьэн туттаран кэбис», – диирим. «Кириитик үлэтэ ыарахан, икки өттүттэн барытын тэҥнээн, бу Эрчимэн суруйбута куһаҕан диэбэттэрин курдук үлэлиэххэ наада. Ол иһин хорутан, сиһилии ааҕан эрэ баран түмүктүүбүн. Кириитикэни киэҥник тарҕатар наада. Өй-санаа сайдыытын биир туһалаах хайысхатын быһыытынан», – диирэ. Аҕа көлүөнэ суруйааччылар Эрчимэни билигин да олус суохтууллар. Эрчимэн үөрэнээччилэрэ: «Егор Петрович оскуолатын баран, олох суолугар үктэммиппит» диэн махтал тылларын эттэхтэринэ, кэргэмминэн киэн туттарым өссө күүһүрэр. Уолбут Петя култуура, кыыспыт Сахаайа үөрэҕирии эйгэтигэр үлэлииллэр. Онон син биир иккиэммит туйаҕын хатара сылдьаллар дии саныыбын. Сиэммит Эрчимэн диэн ааттаах.

— Кэнники кэмҥэ эн тэттик, дириҥ ис хоһоонноох кэпсээннэриҥ өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэллэр, ааҕааччы сэҥээриитин ылаллар.

— Билигин аны прозаҕа көһөн эрэр курдукпун. Прозаикпын диир кыаҕым суох эрээри, дьулуһабын. Туох эрэ ураты иэйии киирэн, ис-искиттэн суруйуоххун баҕаран кэлэҕин. Прозаиктар үксүлэрэ кыра кэпсээннэртэн саҕалаабыттара буолуо дии саныыбын. Николай Габышев сүүс кэпсээннэрдээх ытыс саҕа кинигэлээх дии.

— Сюжеттаргын хантан ылаҕыный?

— Сюжеттарым дьиҥнээх олохтон кэлэллэр. Ону бэйэм эбэн-сабан, фантазиялаан, тылбын-өспүн чочуйан биэрэбин.

— Олоххор тутуһар тускулларыҥ ханныктарый?

— Дьон ханнык да ыарахан, быыһык кэмнэргэ үтүө санааларын ыһыктыбаттарыгар, дьоҥҥо үчүгэйи эрэ баҕара сылдьалларыгар баҕарабын. Биллэн турар, оҕолорум аҕаларын аатын түһэн биэрбэккэ, этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьыахтарын баҕарабын. Уопсайынан, чөл олоҕу тутуһар ыалбыт. Эрчимэн баҕата – чөл олоҕу тутуһуу уонна кыларыйан турар кырдьыгы этии этэ. Мин эмиэ сирэй көрбөх буолары сөбүлээбэппин. Көнөтүнэн сылдьарбын ордоробун, сөбүлээбэтэхпин малтаччы этэбин. Дьахтар дьоло оҕолоругар дии саныыбын. Кэргэн тахсан, оҕолорбор күн сирин бэлэхтээбиппинэн, баччааҥҥа диэри үлэлии-хамсыы сылдьарбынан дьоллоохпун. Биһиги сааспытыгар диэри чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах сылдьыы киһи аайы бэриллибэт. Ити эмиэ туһунан дьол. Куорат култуурунай олоҕор кыттабын, мусуойдарга, тыйаатырдарга, быыстапкаларга, кэнсиэрдэргэ сылдьа сатыыбын. Оттон дьиэм иһигэр дьахтар, ийэ, эбээ быһыытынан саҥаттан саҥа эрэсиэптэринэн ас астыырбын сөбүлүүбүн.

Харыстаана хоһоонноро ырыа буолан көппүттэрэ. Мелодистар: Егор Айаан түөрт ырыаны айбыта, Анатолий Семенов вальс мелодиятын суруйбута. Өлүөнэ өрүс туһунан хоһоонугар ырыаны педучилище устудьуоннара толорбуттара радио фондатыгар хараллан сытар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0