Кириисис аан дойдуну барытын хаарыйар

Ааптар: 
11.03.2022
Бөлөххө киир:

Билигин кириисис кэмигэр “хайдах-туох буолабыт” диэн үгүс дьон долгуйар буолуохтаах. Маныаха экэниэмикэҕэ туох дьайыылар буола туралларын ис-иһиттэн биллэххэ, кириисиһи арыый чэпчэкитик аһардыахха сөп буолуо. Арассыыйаҕа олорор орто саастаах дьон хас кириисиһи туораабыттара буолуой? 90-с сыллардааҕы ыһыллыы-тоҕуллуу кэмэ, дефолт,
1998, 2008, 2014, 2020 сыллардааҕы кириисистэр…

Тас дойдулар, чуолаан АХШ, сааҥсыйалары биллэрбиттэрин кэннэ, аан бастакынан пуондабай ырыынак “сууллубута”. РТС индексэ 39% кыччаабыта. Москва, Санкт-Петербург биржалара үлэлэрин тохтоторго күһэллибиттэрэ.

Киин Баан инфляция өрө көтөрүн тохтотор, солкуобайы быыһыыр туһуттан, хат үбүлээһин ставкатын 20%-ҥа тиийэ үрдэппитэ. Онтон сылтаан бааннар ипотекаҕа уонна уурунууга бырыһыаннарын эмиэ үрдэппиттэрэ.

Mastercard Inc. уонна Visa Арассыыйа олохтоохторо тас дойдуларга каарталарынан тутталларын боппуттара. Дойду иһигэр бу каарталар үлэлииллэр.

Кулун тутар 9 күнүттэн балаҕан ыйын 9 күнүгэр диэри дьон саҥа валютнай счеттарыттан уонна уурунууларыттан 10 тыһыынча дуолларга диэри, онтон хаалбыт харчыны солкуобайынан эрэ уһулар кыахтаннылар. Бааннар валютаны кумааҕы харчынан аны биэрбэттэр. Тоҕо диэтэр, тас өттүттэн дуоллар аны киирбэт, оттон
дойду иһигэр баар кумааҕы дуоллар аҕыйах, барыларыгар тиийбэт буо­­луон сөп. Холобур, “Евросоюз” ку­­мааҕы евро харчыны Арассыыйаҕа киллэрэри, атыылаһары, атыылыыры боппута. Олунньу 1 күнүнээҕи туругунан, Арассыыйа бааннарыгар 16,8 миллиард дуоллар харалла сытар диэн аахпыттара (бу дьон харчыта).

Омук хампаанньалара бараллар

АХШ бөдөҥ хампаанньалара Арассыыйа ырыынагар атыыларын-эргиэннэрин тохтоттулар: Coca-Cola Company, PepsiCo, Macdonalds, Startbucks, Procter&Gamble (табаардара: Gillette, Oral-B, Pampers, Naturella, Ariel, Always, Head & Shoulders, Gillette, Venus, Pampers, Tide, Oral-B, Mr. Proper, Old Spice, Fairy, Lenor, «Миф», Tampax, Naturella, Ariel, Pantene, Discreet, о.д.а.), Unilever (табаардара: Cif, Domestos;

Rexona, Dove, AXE, Camay, Clear, «Чистая линия», «Лесной бальзам», «Бархатные ручки», «Черный жемчуг»), L’Oreal (Garnier, Maybelline), Estee Lauder (MAC, Clinique, Bobbi Brown, DKNY).

Ону тэҥэ, Levi’s, Adidas, Mango, H&M, Inditex (Pull&Bear, Stradivarius, Zara, Bershka, Massimo Dutti, Oysho) таҥас маҕаһыыннара, Ikea үлэлэрин тохтоттулар. Арай Япония Uniqlo хампаанньата салгыы Арассыыйаҕа хаалан, таҥаһы-сабы атыылыырын туһунан иһитиннэрбитэ.

Мантан ыла атын да хампаанньалар үлэлэрин тохтотуохтарын сөп. Бу IT-технологияларга, араас тиэхиньикэни оҥорон таһаарааччыларга эмиэ сыһыаннаах.

Ону тэҥэ, аан дойдуга бородууктаҕа сыана үрдээтэ. Украина кукурузаны, сэлиэһинэй бурдугу уонна үүнээйи арыытын тас дойдуларга атыылыырга инники күөҥҥэ сылдьара. Арассыыйа уонна Украина иккиэн холбоон аан дойду ырыынагар атыыланар сэ­­лиэһинэй бурдук 29%-нын, үүнээйи арыытын 75%-нын ылаллара. Ол иһин атын дойдуларга сыана эмиэ үрдээбитэ.

Бородуукта сыаната салгыы үрдүү турар кэриҥнээх.

Ньиэп, гаас сыаната муҥутуур үрдүк

Европа сүрүннээн Арассыыйаттан ньиэби, гааһы атыылаһан олорор. 1 тыһыынча кубометр гаас сыаната 3000 дуоллартан таҕыста. Гаас, ньиэп, уматык сыанатыттан таһаҕаһы тиэ­йии, тырааныспар, о.д.а. үрдээн, та­­баар, бородуукта сыаната эмиэ үрдүүр. Онон кириисис биһигини эрэ буолбакка, аан дойдуну барытын таарыйда. Билиҥҥи кэмҥэ дойдулар бары биир ситимнээхтэр, таарыллыбакка арыыланан хаалар дойду суоҕун кэриэтэ.

Кулун тутар 8 күнүгэр АХШ бэ­­рэсидьиэнэ Джо Байден иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа экэниэмикэтин сүрүн хорук тымырын – ньиэби, гааһы быһарга соруммут уонна Америкаҕа киллэрэртэн, туһанартан аккаастаммыт.

Бу маннык дьайыылар уонна сааҥсыйалар Арассыыйа экэниэмикэтин мөлтөтөр уонна алдьатар сыаллаахтар. Оннук гынан, бэлиитикэҕэ дьайыахтарын баҕараллар.

Оттон боростуой норуот курун ыга тардынарыгар эрэ тиийэр.

Дефолт буолбат

Александра Вальд, үп эйгэтин үлэһитэ:

— Икки нэдиэлэ анараа өттүгэр мин дефолт буолуо суохтаах диэбитим. Тоҕо диэтэр, Арассыыйа кыһыл көмүһүнэн улахан саппаастаах. Дефолт – эбэһээтэлистибэлэри кыайан толорбот буолуу.

Бэрэсидьиэн ыйааҕын чэрчитинэн, Арассыыйа иэстэрин солкуоба­йынан төлүүр кыахтаах. Сааҥсыйалары киллэрбит дойдуларга анал счетунан төлүүбүт дииллэр. Туох счет буоларын Киин Баан эрэ билэн эрдэҕэ. Маннык счету 1998 сыл­­лаахха туһаммыттара. Бу валютаны Арассыыйаттан таһаарбат туһуттан ылыллыбыт миэрэ.

Билигин балаһыанньа атын. Үп министиэристибэтэ этэр: биһиги иэспитин төлүөх этибит да, сааҥсыйалары киллэрэн, эһиги бэйэҕит төлүүр кыаҕы биэрбэккит диэн.

Оччоҕо биһиэхэ ким да иэс биэриэн баҕарыа суоҕа дуо? Оннук, ким да иэс биэриэн баҕарыа суоҕа. Омук инвестордара оннук быһаарыныылара экэниэмикэҕэ куһаҕан содуллаах.

Майя Данилова, СӨ экэниэмикэҕэ миниистирэ.

— Саха сирэ экэнэмиичэскэй өттүнэн туруктаах буоларын туһугар былаан оҥордубут. Онно бастакынан аһынан-үөлүнэн хааччыллыы, ону тиэрдии  боппуруостара киирдилэр. Иккиһинэн, ас-үөл, туттар наадалаах мал-сал сыаналара аһара барыыта кы­­таанахтык хонтуруолланыах­таах. Үсүһүнэн, импортнай оборудованиелары, бытовой тиэхиньикэлэри киллэриигэ хааччах олохтонно. Онон билигин олору солбу­йууга Арассыыйаҕа тиэхиньикэлэри оҥоруу күүскэ барыаҕа. Биисинэһи өйүүргэ, өрө тардыыга  сөптөөх болҕомто ууруллар. Урбааны са­­йыннарыы пуондатын  хапы­таалынан  хааччыйыы барыаҕа. Билиҥҥи туругунан, ­пуондаҕа көмө быһыытынан 512 мөл. солк бэриллиэҕэ. Бу үптэн урбаанньыттарга адьас кыра бырыһыаннаах со­­йуомнар, кирэдьииттэр бэриллиэхтэрэ. Кинилэр маны бородууксуйаны элбэтиигэ, эргитиигэ-урбатыыга туһаныахтаахтар.  Нолуогу аччатыыга уонна судургутук төлүүргэ болҕомто эмиэ уурулунна. Бары урбаанньыттарга  дохуоттарыттан  1-5%-нын эрэ ылар ставка киириэҕэ. Эрэгийиэннээҕи но­­луогу төлөөһүҥҥэ болдьох уһатыллан бэриллиэҕэ. Балары туһанарга тустаах урбаанньыт сайабылыанньаны биэриэхтээх. Урбаанньыттар ыллылар да сыананы үрдэтэргэ дьулуһуо суохтаахтар. Нэһилиэнньэ үлэлээх буолуутугар туспа болҕомто ууруллар».

Ангелина Васильева, «Саха сирэ»

Хаартыска Интерфакстан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0