Кириһиэнньэ: Сэрэбиэйдэһэбит дуо?

Ааптар: 
17.01.2021
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл бырааһынньыга, Чэчиэринньик, Ороһооспо аастылар, Баһылайап күнэ буолла, аны Кириһиэнньэ кэлэн иһэр

edersaas.ru.


Икки сыл алтыһар, кыһыҥҥы күн саамай кылгаабыт кэмигэр, тохсунньу 7 күнүттэн (Ороһооспоттон) саҕалаан тохсунньу 19 күнүгэр (Кириһиэнньэҕэ) диэри нуучча итэҕэлинэн Сибээккэ кэмэ буолар. Бу күннэргэ сиэркэптэргэ сулууспалар тэриллэллэр, оттон дьоннор бу кэмҥэ анараа дойдуттан өлбүт дьон дууһалара уонна көстүбэт күүстэр кэлэннэр тыыннаахтары кытары алтыһаллар диэннэр, кэлэр өттүлэрин билгэлэнэр, бараһыайданар идэлээхтэр.

Кириһиэнньэ Иисус Христос Иордан күөл уутугар сүрэхтэммит күнүгэр ананан бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньыгы Таҥара сиргэ түһүүтэ диэн эмиэ ааттыыллар, тоҕо диэтэххэ, Иисус Христос сүрэхтэнэригэр халлаантан холууп (Сибэтиэй Тыын) түспүт уонна Айыы Тойон Таҥара Иисус Христос кини тапталлаах уола буоларын туһунан этэр саҥата иһиллибит. Сэрэбиэй ханнык баҕарар көрүҥүн хараҥа күүскэ сүгүрүйүү быһыытынан көрөн, сиэркэп кытаанахтык бобор. Ити иһин, сүрэхтэммит дьон кириэстэрин устан баран сэрэбиэйдэнэллэр итиэннэ Кириһиэнньэ күн ойбоҥҥо киирэн, аньыыларын-хараларын ыраастаналлар. Бу үгэс билигин даҕаны хаала илик. Сэрэбиэй көрүҥэ элбэх, биһиги олортон, сэрэбиэйдэниэх тустааххыт диэбэтэрбит даҕаны, быһа тардан билиһиннэрэбит.

Атах таҥаһынан сэрэбиэйдэнии

Саамай судургу уонна тарҕаммыт көрүҥ. Эдэр кыыс хаҥас атаҕын таҥаһын устан, аан модьоҕотун биитэр түннүк нөҥүө быраҕар. Атах таҥаһа төбөтүнэн дьиэ диэки сытар буоллаҕына, быйыл эргэ тахсыбат.

Биһилэҕинэн уонна туораах бурдугунан

Дьүөгэлиилэр араас биһилэхтэри дьэҥкир таас иһиккэ кутуллубут туораах бурдукка уган баран, үчүгэйдик булкуйаллар итиэннэ биһилэхтэри хостууллар. Алтан биһилэх түбэспит кыыһа дьадаҥы уолга кэргэн тахсар. Үрүҥ көмүс биһилэх үлэһит уолу, таастаах биһилэх кыанар ыал оҕотун, кыһыл көмүс биһилэх баай киһини көрдөрөллөр. Оттон бэйэтин биһилэҕин ылбыт кыыс санаабыта барыта туолар, биһилэҕи кытары туораах бурдук кэлсибэтэх түбэлтэтигэр туох да уларыйыыта суох сыл буолар.

Иһиллээһин

Түүн ортотугар атын ыал түннүгүн биитэр аанын аттыгар туруллар: айдааны-куйдааны истибит кыыс мөлтөх майгылаах киһиэхэ эргэ тахсар, ырыаны-тойугу истибит кыыс дьоллоох олохтонор.

Бит-билгэ

«Таҥара түспүт күнүгэр халлаан сиигэ арыллар» диэннэр Кириһиэнньэ иннинээҕи киэһэ сэрэбиэйдэнэри таһынан, үүммүт сыл тустаах дьиэ кэргэҥҥэ хайдах буолуоҕун быһаарар араас бит-билгэ эмиэ балачча баар.

Оҕолору сүрэхтээһин

Таҥараны итэҕэйэр дьоннор уһун уонна толору дьоллоох олоҕу баҕараннар, оҕолорун чуолаан бу күн сүрэхтэтэ сатыыллар. Ону таһынан саҥа холбоһор эдэр ыаллар сыбаайбалара хаһан буоларын эмиэ бу күн быһаарсаллар. “Кириһиэнньэҕэ илии охсуһар дьолго” дииллэр.

Тоҥмут уунан

Иһиккэ уу кутан таһырдьа таһааран хонноруллар. Сарсыарда киллэрэн көрдөххө, үллэ тоҥмут үү үчүгэйи билгэлиир, уола тоҥмут куһаҕаны түүйэр.

Куосканан

Дьиэ-кэргэн таптаан иитэр бу харамайын Кириһиэнньэ киэһэ хоско ыҥыраннар, хайдах хааман киирэрин көрөллөр. Уҥа атаҕын бастатара – табыллыыны түстээтэ диэн үөрэр, оттон хаҥас атаҕа басатан көһүннэҕинэ, ыарахаттары көрсөргө бэлэмнэнэр эбиттэр.

Бэйэҕэ кэллэххэ,

Сахаларга тохсунньу Таҥха ыйа. Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит тохсунньуга таҥха иһиллиилэрэ. Ол курдук, саха төрүт итэҕэлигэр Дьылҕа Хааны уонна Чыҥыс Хааны кытары тэҥҥэ ахтыллар айыылартан биирдэстэрэ Таҥха Хаан киһи дьылҕатыгар тугу этэрин бу кэмҥэ билгэлээн көрөр биитэр түһээн билэр эбиттэр. Саха литературатын төрүттээбит Алексей Елисеевич Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй суруйан хаалларбытынан, өбүгэлэрбитигэр билгэлэнии биир саамай тарҕаммыт көрүҥүнэн буолар эбит

Түөрэх кэбиһиитэ

Хамыйаҕы (бэргэһэни, үтүлүгү…) холобур, бултуу баран эрэ дьон: “Байанайбыт үчүгэй хараҕынан көрүөх буоллаҕына, олордьу түс!” — диэн баран быраҕаллара. Хамыйах олордьу түстэҕинэ, булт тосхойууһу диэн эрэллээх айанныыллара.

Сыҥаах ойуунунан билгэлэнии

Иккис тарҕаммыт көрүҥ. Туох эмит ыйытыыны биэрэн баран тымтык тоһоҕоһун тымтыкка туора кыбытан, көмүлүөк модьоҕотугар анньан кэбиһэллэр уонна уматан, хайа диэки ыстанарын көрөллөр. Ити курдук кыыс хаһан эргэ тахсарын, булчут сонордоһор тайаҕа хайа диэки хаампытын, ийэ уола хаһан кэлэрин уо.д.а. ыйытар эбиттэр.

Нуучча кэлиэҕиттэн Сибээккэ оонньуулара киирбиттэр, Ороһооспоҕо сүллүүкүн тахсан, таҥха саҕаланан Кириһиэнньэнэн түмүктэнэр диэн өйдөбүл үөскээбит, сэрэбиэйдэнии көрүҥэ, ньымата элбээбит: ойбоҥҥо киирэн таҥха иһиллиир, сылгылар кэпсэтэллэрин истэр, бүргэһи, бүлүүһэни сүүрдэр, остуолу хаамтарар, сиэркилэнэн көрөр, хаартынан сэрэбиэйдиир уо.д.а. буолбуттар.

Уйан киһи уйулҕатыгар охсууну оҥорор кутталлаах бүлүүһэ сүүрдүүтүн, сиэркилэнэн көрүү… курдук көрүҥнэртэн билигин дьоннор туттуналлар, ол оннугар кинигэнэн таайыыны, буосканы уулларыыны, кумааҕыны уматыыны ордук сэҥээрэллэр.

Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0