Кириһиэнньэ көрө көҕүлүттэн тутулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Русское раздолье» национальнай-култуурунай түмсүү тэрийиитинэн, Кириһиэнньэҕэ аналлаах бэрт сэргэх тэрээһин ыытыллыбыт. Дьоро күҥҥэ 15-с, 26-с, 30-с №-дээх оскуола үөрэнээччилэрэ ыҥырыллыбыттар. Бу туһунан СӨ норуоттарын Ассамблеятын чилиэнэ Лидия Яйлиян иһитиннэрдэ.


Ол курдук, оҕолорго анаммыт бырааһынньыгы тэрийээччилэр, «Раздолье» дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт норуодунай ырыаны толорор хор улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго бөлөҕүн кыттыылаахтара ыалдьыттарга славян норуотун сиэрин-туомун, үгэһин билиһиннэрбиттэр.

Биттэнэр-билгэлэнэр күннэр Ороһуоспаттан Кириһиэнньэҕэ диэри салҕаналларын, бу күннэргэ дьон-сэргэ астына-дуоһуйа сынньаналларын, көрдөөх ооньууларга кытталларын, тиэргэннэринэн сылдьан ыллыылларын, хас биирдии ыалга дьолу, баай-талым олоҕу баҕаралларын кэпсээтилэр. Ол кэнниттэн оҕолор ыллаатылар, үҥкүүлээтилэр, былыргы нуучча оонньууларын оонньоотулар, минньигэһинэн күндүлэннилэр-мааныланнылар. Биһиги, тэрийээччилэр, оонньууну-көрү көҕүлээччилэр, бука бары оҕолор барахсаттар ыра санаалара туоларыгар, Кириһиэнньэ тымныылара хас биирдии ыалга үөрүүнү-көтүүнү аҕаларыгар баҕара хааллыбыт, — диэтэ Лидия Яйлиян.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0