Кириһиэнньэ. Анаммыт сиргэ эрэ сөтүөлээҥ

18.01.2017
Бөлөххө киир:

Кириһиэнньэ – итэҕэллээхтэр 12 сүрүн бырааһынньыктарыттан биирдэстэрэ. Арассыыйаҕа тарҕаммыт былыргы үгэһинэн православнай итэҕэллээх дьон тохсунньу 19 күнэ үүнэр түүнүгэр тымныыттан толлубакка, ойбоҥҥо чомполоноллор. Ол гынан баран, эмчиттэр тымныы ууга түһүү буортулаах өрүттэрдээҕин бэлиэтииллэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Кыһын 40-50 кыраадыстаах тымныыга ыллыҥ да бэлэмэ суох сөтүөлүүр кутталлааҕын билэ-билэ, дьон-сэргэ син-биир көхтөөхтүк кыттар буолла. Кириһиэнньэ күн ойбоҥҥо чомполонор дьон сэрэхтээх буолаллара ирдэнэр. Тыбыс-тымныы ууга түһэн ылыы киһи доруобуйатыгар туох да содула суох буоларын туһугар туһааннаах быраабылалары тутуһуллуохтаах.

Тымныы ууга киирэр бобуллар:

— Быыһыыр сулууспа уонна медицинскэй үлэһиттэр суох буоллахтарына;

— оҕолору төрөппүт көрүүтэ суох сөтүөлэтии;

— итирдэр утахтары иһии, итирик туруктаах сылдьан сөтүөлээһин;

— үс киһиттэн элбэх ахсааннаах бөлөҕүнэн сөтүөлээһин.

Туһалаах сүбэлэр: 

— Сөтүөлүөх иннинэ илиини-атаҕы имитэн, эти-сиини сылытыллар;

– ойбоҥҥо биир мүнүүтэттэн ордук кэм устата сылдьыма, эт-сиин тоҥор куттала баар;

— сөтүөлээн баран көп матырыйааллаах сотторунан сотун уонна кураанах таҥаһы кэт;

— сөтүөлээн баран итии чэйдэ ис. Утах  отонтон, фрукталартан эбэтэр оттортон оҥоһуллубут буолара өссө ордук.

— Бэлэс тамаҕа (носоглотка),

-Сүрэх-тымыр,

— Ньиэрбэ ыарыылаахтарга.

— Сахарнай диабеттаахтарга.

— Оҕо күүтэр дьахталларга.

Ону таһынан, соторутааҕыта гирииптээбит эбэтэр ОРВИ-нан ыалдьыбыттар  сөтүөлүө суохтаахтар. Искэн ыарыылаахтарга көҥүллэммэт. Кылгас кэмҥэ «морж» буолан ылартан бүөр, тирии-венерическэй ыарыылаахтар эмиэ туттуналлара ордук.

Кириһиэнньэ күн анаммыт сирдэргэ эрэ сөтүөлээҥ. Доруобай буолуҥ!

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0