Киргизияттан төрүттээх педофил хаайыыга утаарылынна

Ааптар: 
28.04.2017
Бөлөххө киир:

Улахан айдааны таһаара сылдьыбыт өссө биир холуобунай дьыалаҕа суут бириигэбэрэ таҕыста.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Бу быһылаан былырыын саас, муус устар ыйга, Дьокуускай куоракка буолбута.

Киин куорат 202-с микрооройуонугар оскуола аттыгар баар оҕуруот аһын атыылыыр павильоҥҥа Киргизияттан төрүттээх 50-ча саастаах киһи 13 саастаах кыыска туһулаан, содур дьайыылары оҥорбута биллибитэ. Быраабы араҥаччылыыр уорганнарга оҕо ийэтэ тыллаабыта.

Ити чахчынан холуобунай дьыала тэриллэн, уорбаланааччы тута тутуллан, Силиэстийэлиир изоляторга хаайыллыбыта.

Барыллааһын силиэстийэ кэмигэр биллибитинэн, бу киһийдэх 2015 сыл ахсынньытыгар икки үөрэнээччи кыыһы ситинник атаҕастыы сылдьыбыт.

Бу содур киһийдэх 2001 сыллаахха итинник буруйу оҥорон, 8 сылга көҥүлэ быһыллыбыт, 2007 сыллаахха хаайыыттан болдьоҕун иннинэ босхолонон тахсыбыт.

Силиэстийэ кэмигэр буруйданааччыга ыытыллыбыт психолого-сексолого-психиатрическай судебнай экспертиза түмүгэр, кини тугу оҥорорун өйдүүр, психическай ыарыыта суоҕа быһаарыллыбыт.

Суут мунньаҕын кэмигэр буруйун толору билиммит.

Суут педофилы РФ Холуобунай кодексатын 135-с ыст. 2-с чааһынан буруйдааҕынан билинэн, 5 сылга уопсай режимнээх холуонньаҕа көҥүлүн быһарга уурбут.

Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0