Киргизия гражданина терроризм идиэйэлэрин тарҕатан тутулунна

Ааптар: 
10.10.2017
Бөлөххө киир:

Нерюнгрига РФ Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын (УФСБ) оперативниктара террористическай тэрилтэни тэрийиигэ кыттыгастаах Киргизияттан төрүттээх киһини туттулар. Бу туһунан управление пресс-сулууспата иһитиннэрэр.  

edersaas.ru


Барыллаан быһаарыынан, Нерюнгрига олорор бу омук киһитэ Турцияҕа религиознай үөрэҕи бүтэрэн баран, Нерюнгри мусульманнарыгар уонна онно үлэлии тиийбит миграннарга радикальнай ислам идиэйэлэрин, терроризм уонна религиознай экстремизм идеологияларын тарҕатыынан дьарыктаммыт.

Ону тэҥэ, биһиги дойдубутугар бобуулаах “Джебхат ан-Нусра” норуоттар икки ардыларынааҕы террористическай тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрин үлэлэрин өйүүрүн, биһириирин биллэрбит.

Маны таһынан, ол идиэйэлэригэр бииргэ төрөөбүт быраатын эмиэ «сутуйбут». Быраата ол дьайыытыгар киирэн, Сирияҕа бойобуой эпэрээссийэҕэ кытта барбыт.

Бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 205.5-с ыст. 2-с чааһынан холуобунай дьыала тэриллибит. Ол эбэтэр, террористическай тэрилтэ үлэтигэр кыттыы бэлиэтэ баарынан.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0