Кирэдьииттээх дьон нолуогун харчынан төннөрүөн сөп

Бөлөххө киир:

Билигин үгүс ыал ипотека көмөтүнэн бааннартан кирэдьиит ылан, дьиэлэнэр-уоттанар. Кирэдьиит төлүү сылдьан, төннөрүллүөхтээх 13 %-ны (подоходнай нолуок) ылар бырааптаахпыт дуо?

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Манна сөптөөх эппиэти ылаары, РФ нолуокка сулууспатын Саха сиринээҕи салаатыгар тиийэн билистибит. Тустаах исписэлиистэр бу боппуруоһу маннык быһаардылар.
Дьиэни атыылаһыыга төлөммүт харчы 13 %-нын төннөрүү икки көрүҥүнэн бэриллэр.
Бастакы көрүҥ. Үлэлээн хамнас аахсан, нолуок төлүүр киһи ипотека көмөтүнэн кирэдьиит ылбыт буоллаҕына, кирэдьиитэ сабылларынн кэтэспэккэ, 13 %-нын тута ылар толору бырааптаах. 13 %-ны төннөрүү суумата 2 мөл. солк диэри. Ол аата 2 мөл. солк. сууматтан 260 тыһ. солк. төннөрүллэр. Ити харчы биирдэ чөллөй бэриллибэт, сылга биирдэ хамнас кээмэйиттэн тутулуктанан бэриллэр.
Ити харчыны ыларга Регистрациялыыр палататтан дьиэни бас билиигэ сибидиэтэлистибэ баар буолуохтаах. Оттон өлүүлээх тутууттан (долевое участие) ыллахха, дьиэ үлэҕэ киирбитин туоһулуур акт (акт приемки-передачи) уонна эмиэ бас билии сибидиэтэлистибэтэ ирдэниллэр. Холобур, 2017 сылга дьиэ атыыласпыт дьон 2018 сылга декларация (3 НДФЛ) туттараллар. Бу болдьоҕо суох, хаһан баҕарар туттарыахха сөп. Үс ый бэрэбиэркэлэнэр уонна биир ый иһинэн харчы анал счекка түһэр.

Иккис көрүҥ. 2НДФЛ декларацияны нолуогабайдарга туттарымыахха эмиэ сөп. Кыбартыыраны атыылаһыы кэнниттэн Регистрациялыыр палататтан бас билии докумуонун ылан баран, нолуогабай сулууспаҕа төннөрүү быраабыгар (заявление о праве применения вычета) сайабылыанна суруллуохтаах. Тустаах сулууспа ый иһинэн анал уведомление биэрдэҕинэ, үлэҥ бухгалтериятыгар туттарыллар. Оччоҕуна ый аайы хамнаһы кытта бииргэ 2 мөл. солк 13 %-на (260 тыһ. солк) толуйуллуор диэри толору бэриллэр. Нолуок тутуллубат буолар.
Кирэдьиит бырыһыанын эмиэ төннөрөллөр

Маны үгүс киһи билбэт. Баан кирэдьиитин бырыһыаныттан 13 %-нын төннөрөр толору быраап баар. Холобур, баантан 1 мөл. солк кирэдьиит ылан, толору төлөөн бүттэҕинэ, ол туһунан анал докумуону туттарыллар. Бу суумата 3 мөл. солк диэри хааччахтаах. Мантан үөһэ суумаҕа нолуок төннөрүллүбэт.


Үөрэххэ төлөммүт харчыны төннөрүү

Үлэлээн хамнас ылар киһи төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэннэҕинэ, төлөөбүт харчытыттан эмиэ 13 %-нын төннөрөр бырааптаах. Манна үрдүк, орто үөрэхтэр киирэллэр. Ирдэбил быһыытынан, 50 тыһ. солкуобайтан бырыһыан төннөрүллэр. Холобур, сыллааҕы үөрэх төлөбүрэ 100 тыһ. солк буоллаҕына, 50 тыһ. солкуобайтан 13 %-на бэриллэр. Итини тэҥэ, төрөппүттэр устудьуон оҕолоро 24 сааһын туола илик уонна күнүскү үөрэххэ үөрэнэр буоллаҕына, эмиэ 50 тыһ. солк. 13 %-нын төннөрөр толору бырааптаахтар.


Эмтэнии

Төлөбүрдээх медицинскэй клиникаларга эмтэниигэ төлөммүт харчыттан эмиэ 13 %-на төннөрүллэр. Төлөбүрдээх эмтэнии өҥөтүнэн туһаммытын туһунан анал ыспыраапка (хайдах ыспыраапканы биэрэллэрин медицинскэй тэрилтэ билиэхтээх) ылыллар. Манна төлөнөр суума хааччаҕа 250 000 солк. диэри. Холобур, гражданин биир сыл иһигэр кэтэхтэн үөрэммит уонна эмтэммит буолуон сөп. Оччотугар чэпчэтиилэри иккиэннэрин тэҥҥэ ылар бырааптаах. Социальнай төннөрүү (вычет) хааччаҕа 250 000 солк. диэри. Үөрэххэ уонна эмтэниигэ төлөммүт харчы 13 %-нын гражданин сыл аайы туһанар толору бырааптаах.


РФ нолуокка сулууспатын Саха сиринээҕи салаатын нолуогу төлөөччүлэри кытта үлэҕэ отдел начаалынньыга Лилия Егорова:

Дьон баай-дуол иһин төлөнөр нолуогу хайаан да төлүөхтээх. Манна кыбартыыра, учаастак уонна тимир көлө киирэллэр. Сорохтор маннык эбээһинэс, ирдэбил баарын билбэккэ, хас эмэ сыл устата нолуоктарын төлөөбөттөр уонна нолуоктарын төннөрөргө туруорсаллар. Сылга биирдэ үөһэ ааттаммыт нолуоктары хайаан да төлүүллэрин умнуо суохтаахтар.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0