Саха сирин тустууктарыгар киэҥ аартыгы тэлбит, тустууга саха омук кыаҕын көрдөрбүт ааттаах бөҕөспүт Николай Семенович Захаров-Сахаачча 1948 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр Амма аттынааҕы Арҕаа сэлиэнньэҕэ Күн сирин көрбүтэ.
Николай Захаров-Сахаачча
Айылҕаттан дэгиттэр уол оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан спордунан үлүһүйбүтэ. Сүүрүү, баскетбол, волейбол, хайыһар, теннис күрэхтэһиилэрэ кинитэ суох барбаттара. Көҥүл тустуунан кэлин Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ буолбут Н.М. Давыдов салалтатынан дьарыктаммыта. Ахсыс кылаас кэнниттэн Чурапчытааҕы спорт интернат-оскуолатыгар Д.П. Коркиҥҥа тиийэн маастарыстыбатын чочуйбута.
1966 сыллаахха, тохсуска үөрэнэ сылдьан, ССРС тыа сирин спортсменнарын түһүлгэлэригэр чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыта. Онтон салгыы ССРС уолаттарга чөмпүйэнээтигэр, Польшаҕа ыытыллыбыт социалистическай дойдулар уолаттарын турнирыгар тэҥнээҕин булбатаҕа. 1969 сыллаахха Минскэй куоракка буолбут ССРС чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситиспитэ, улахан дьоҥҥо Европа чөмпүйэнээтигэр кыттар дойду сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэриллибитэ. Бу күрэхтэһииттэн төннөн иһэн, Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр 68 кг диэри ыйааһыҥҥа бастаан, тустууктары да, тириэньэрдэри да сөхтөрбүтэ уос номоҕо буолан сылдьар. Биллэрин курдук, Николай 57, 62 киилэлээхтэргэ тустара.
Ити сыл София куоракка буолбут Ыччаттар уонна устудьуоннар аан дойдутааҕы бэстибээллэригэр үрүҥ көмүс мэтээли ылыыта, аан дойду аччыгый чемпионатынан ааттаммыт Тбилиситээҕи уонна Дана Колов кэриэһигэр (Болгария) норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарга миэстэлэһиитэ кини тустуук быһыытынан сиппитин-хоппутун, саҥа кыайыыларга бэлэмин кэрэһилээбиттэрэ. Николай Семенович Захаров 1969 сыллаахха Күн сириттэн хомолтолоохтук туораабыта.
Роман Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалар Интэриниэттэн ылылыннылар.