Кинилэр суруйааччы билиэтин туттулар

14.04.2017
Бөлөххө киир:

СӨ норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин бэрэссэдээтэллээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын Сойууһа 13 киһинэн эбилиннэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru


Муус устар 14 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Василий Гоголев-Уйулҕан, Михаил Гоголев-Долгун, Оксана Гаврильева-Айсаана, Иван Бубякин-Чөҥөчөк, Иннокентий Елисеев—Усхан, Екатерина Кычкина, Любовь Олесова-Тапталаана, Августина Хабарова, Егор Картузов Суруйааччы сойууһугар киирбиттэрин туоһулуур билиэттэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар.

Кинилэри сойуус бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин эҕэрдэлээтэ. Иван Васильевич эҕэрдэ тылыгар сойууска норуодунай суруйааччылар Сэмэн Руфов, Моисей Ефимов, Егор Неймохов үлэлээн ааспыттарын бэлиэтээтэ.

«Маннык түмсүү биһиэхэ туох суолталааҕый? Мин бэйэм өйдөбүлбүнэн, төһөлөөх да талааннаах киһи тулалыыр эйгэтин уонна сойууһун кытта сибээстэспэт, санаатын атастаспат буоллаҕына, кини суруйар эйгэҕэ киирэрэ уустуктардаах. Эһиги сойуус ыытар дьаһалларыгар көхтөөхтүк кыттаргытыгар уонна ааҕааччыларгытын саҥаттан саҥа айымньыларынан үөрдэ тураргытыгар баҕарабын», – диэн сойуус саҥа чилиэннэрэ суруйааччы быһыытынан улахан эппиэтинэһи сүкпүттэрин санатта.

Бүгүн сойуус чилиэннэринэн буолбут айар дьон үгүстэрэ ааҕааччыларга номнуо биһирэппит, хастыы да кинигэлээх, өрөспүүбүлүкэ сурунаалларыгар бэчээттэммит, бэл нууччалыы тылбаастаммыт айымньылардаах ааптардар. Ону кинилэр бэйэлэрин билиһиннэриилэригэр кылгастык кэпсээтилэр. Саалаҕа тэриллибит кинигэлэр быыстапкалара, кинилэр хоһоонноругар айыллыбыт ырыалар ылламмыттара, слайдаҕа көрдөрүллүбүт түгэннэр суруйааччылар эргиччи талааннаахтарын кэрэһилээтилэр.

«Бүгүҥҥү күн миэхэ үс бүк үөрүүлээх буолла. Бастатан туран, бүгүн мин төрөөбүт күнүм. Иккиһинэн, быйыл айар үлэнэн дьарыктаммытым уон сыла туолла. Үсүһүнэн, бүгүн суруйааччы үрдүк аатын сүктүм.

«Санааларбын кэпсиибин» диэн хоһооннордоох бастакы кинигэбин 2008 с. «Арчы» дьиэтигэр сүрэхтээбитим. Оҕолорго аналлаах остуоруйалары суруйар буолбутум. 2016 с. «Книга добрых сказок» диэн үс тылынан суруллубут кинигэм тахсыбыта. Онон, төһө да харахпынан көрбөтүм иһин, санаабын түһэрбэппин, айа-тута сатыыбын. Көрбөттөр уопсастыбаларын тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттабын», – диэтэ Любовь Олесова-Тапталаана  уонна суруйааччылары хомус кутуллар дорҕоонунан эҕэрдэлээтэ.

Салгыы суруйааччылар национальнай култууралар галереяларыгар «Арктика литературата» көрсүһүүгэ түмүстүлэр. Истиҥ-иһирэх эйгэҕэ СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ: «Симэх» норуот искусствотын киинин салайааччы Алексанр Гоголев-Сатал Уус, «Күрүлгэн» сурунаал эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан, «Байанай» сурунаал эрэдээктэрэ Александр Постников-Сындыыс, худуоһунньук, мелодист Александр Дунаев-Туналгы, Намнааҕы «Отуу уоттара» литэрэтиирэ түмсүүтүн чилиэннэрэ Иван Бубякин—Чөҥөчөк, Иннокентий Елисеев, Анатолий Софронов-Онтуон, композитор, худуоһунньук, маастар Василий Гоголев, Арассыыйа Худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ Вера Санникова уо.д.а. бэйэлэрин хоһооннорун аахтылар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0