Кинилэр олохторо… (Романтан быһа тардыы бүтүүтэ. Иннин “СС” хаһыат 33N-гэр уонна “ЭС” сайтка аах)
— Бу түбэлтэ мин оҕо сырыттахпына буолбута. Биһиги биир алааска, сэттэ ыал буолан, олорор этибит. Дьэ, арай биирдэ күһүн ытыс таһынар ыас хараҥаҕа, түүн биир да ыалы ордорбокко, ааннарын ким эрэ тоҥсуйан, уолуталаан уһугуннартаабыт. Маҥнай кытыыга турар Дьөгүөрүйэлээх балаҕаннарын аанын дибдийбит. Ийэлэрэ Маайыстаан хорсун-хоодуот,
кыайыгас-хотугас, туохтан да толлон турбат, сытыы-хотуу дьахтар аанын арыйа баттаабыт. Көрбүтэ ким да суоҕа үһү. Арай туох эрэ куһаҕан сыт муннугар саба биэрбит да, Маайыстаан эмискэ баҕайы сэниэтэ суох, улук буола түспүт. Аанын сабар да кыаҕа суох, оронугар нэһиилэ тиийэн сыппыт. Субу улахан наадалаах киһилии тоҥсуйааччы, төһө да аан аһаҕас буоллар, киирбэтэх-биллибэтэх.
Онтон аны дьэ, ааны тоҥсуйар биллибэт киһи, аны Дьөгүөрүйэлээх аттыларыгар олорор Тараастааҕы тоҥсуйан дапсыйбыт. Бу сырыыга аан айаҕар нэк суорҕанынан сырайын саба быраҕынан утуйар идэлээх эһэлэрэ, бэрт тэтиэнэх Сэниэ Баһылай диэн оҕонньор, суорҕанын эһэ охсоот, ойон туран, хап — сабар аанын арыйбыт. Эмиэ ким да суоҕа үһү. Оҕонньор этэ аһыйыар дылы тыбыс тымныы салгыны билбит уонна, эмиэ охто сыһан, оронун нэһиилэ булбут.
Дьэ, итинник алаас ыалын барытын бүтэрэн, хомнуо хойут биһиги ааммытын тоҥсуйбут. Дьиэҕэ бары баар этибит да, дьонум бары утуйбуттарын курдук утуйа сыппыттар. Кырдьаҕас эбэм эмээхсин “түүҥҥү ыалдьыкка хаһан да ааҥҥытын аспат буолуҥ, наадалаах кэлбит киһи хайаан да саҥарыахтаах, дьэ, оччоҕо биирдэ ааҥҥытын арыйар буолуҥ” диир үөрэҕин ылынан, улааттар улаатар тоҥсууру аахайбакка, утуйбута буола сыппыттар. Саҥаны иһиллии сатаабыттар да, ылы-чып үһү. Онтон устунан халлаан суһуктуйан барбыт. Ааны тоҥсуйааччы бүтэһигин балаҕан муннугун сүр күүскэ, туома балаҕаннара илибириэр, үрдүттэн даҥын буора саккырыар диэри охсон кибилиннэрбит да, эмискэ сүтэн хаалбыт.
Дьэ, сарсыарда алааспытыгар улахан аймалҕан буолар. Бары, бу алта ыалтан түүн ааны арыйбыттар оронноруттан өндөйөр кыахтара суох буолбут, уонна бука бары үс эрэ хонугунан быысаһан, бары өлөөхтөөбүттэр. Арай ааннарын арыйбатах сэттис ыал — мин дьонум аах эрэ чөл хаалбыттара-диэн аҕам дьикти кэпсээнин түмүктээбитэ.
-Дьэ, эйиэнэ да сүрдээх интэриэһинэй эбит. Айылҕа барахсаҥҥа баар ээ араас дьикти, биллибэт-көстүбэт эҥин-эгэлгэ, — дии-дии төбөтүн быһа илгистибитэ Петро – Оо, дьэ, аны хаһан да киһитин билэ иликпинэ, түүн ааммытын арыйбат эбиппиэт. Хата, сүбэлиир кэпсээҥҥэр махтал, Миитэрэй,— диэн Серегалаах Петро, олус сымнаҕастык аҕам диэки көрө-көрө, илиилэрин түөстэригэр тутта-тутта, махтаннылар.
— Дьэ, аны Тимоха уол кэпсээнин истиэххэээ, — Серега, тыыллаҥныы-тыыллаҥныы, эҥээриттэ.
Арай киһилэрэ эппиэт суох. Өссө төгүл ыҥыран көрдүлэр, син биир хоруй суох. Дьэ онуоха эрэ, киһилэрин илиитэ-атаҕа дьиктитик босхо баран хаалбытын, уолаттар өйдөөн көрдүлэр. Серега оронуттан туран, Тимоханы тардыалаан көрбүтэ, пахай, былыыр үйэҕэ бараахтаабыт.
Бары соһуйан-өмүрэн, санитардары ыҥырдылар. Икки бөдөҥ-садаҥ саллаат таҥастаах уолаттар киирэн, Тимоха эрэйдээҕи наһыылкаҕа сытыардылар, үрдүнэн маҥан бырастыынанан бүрүйдүлэр да, илдьэ таҕыстылар.
Купеҕа уу чуумпу буолла.
— Барахсан ийэтигэр көмөлөһө охсоору тиэтэйэн аҕай да иһээхтээбитэ ээ. Хайабытынааҕар да дьиэтигэр ыксаан, сотору- сотору күнү-дьылы, чааһы
ыйыталаһа иһээхтээбитэ ээ. Ээх, Тимоха, Тимоха, – Петро ырбаахытын сиэҕинэн хараҕын уутун иэдэһиттэн сотунна.
— “Сэрииттэн, хата, тыыннаах ортубут дии, уолаттаар”, диэхтээбитэ ээ, онто ханна баарый? Сидьиҥ сиэхситтэр син биир ситэн сиэтилэр буолбаат! — Серега кыбдьырынан ылла, ордубут хаҥас илиитин күүскэ сутуруктуу туттан, салгыны дайбаамахтаата.
— Оо, кырыыстаах сэрии, — аҕам уоһун иһигэр ботугураата.
— Ити улаханнык ыалдьар киһи сотору-сотору бириэмэни ыйытарын, мин эбэм куһаҕан бит диир буолара, чугаһаабыт киһи инник гынар үһү.
Ону өйдүүр баар дуо?- диэтэ Петро олус хомойбут куолаһынан.
Саҥа-иҥэ тохтоото, үһүөн Тимохаларын аһыйан тылларыттан маттылар. Барахсаттар тугу-тугу көхсүлэрин иһигэр буһарбыттара буолла? Бары, улаҕаа хайыһан, саҥата суох сукуллан сыттылар…
Буойас биир кэм айаннаан, биһиги хамнатар курдук хачайданарыгар бигэнэн, үһүөн да нуктаабытынан бараахтаатылар…
Сарсыарда буолан, халлаан сырдаабытыгар Иркутскай куораты буллулар. Буойаһы көрсөөччү оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин буолунай эбит. Бары үөрбүт-көппүт дьүһүннэрин көрөн, аҕам иһигэр үөрэ санаата. Өр да буолбут эбит манныгы көрбөтөҕө. Оо, олус да ахтыбыт эбит дьон үөрбүт-көппүт саҥатын… Кыргыттар барахсаттар күлсүүлэрэ кулгааҕар наһаа да кэрэ муусука буолан иһилиннэ. Аҕам биллэ сэргэхсийдэ.
Көрсөөччүлэр быыстарыттан анньыһан тахсан, кытыыга туран, дьону одууласта. Ол, биир кырдьаҕас оҕонньор, түөһэ барыта мэтээл да уордьан буолбут саллаат уолу кууһан ылан, үрүт үрдүгэр иэдэһиттэн сыллаата-уураата. Арааһа хорсун быһыытын иһин уоппусканан наҕараадаламмыт киһи быһыылаах, араанньылааҕа биллибэт, сүрдээх эрчимнээхтик биир илиитигэр чымыдаанын тутан, атынынан аҕатын кууһан, сэниэлээхтик бара турбуттарын көрөн, аҕам иһигэр чахчы да улаханнык ымсыыра санаата…
Дьэ, мантан аҕам аны, уунан айаннаан Сахатын сирин буоругар, үктэниэхтээх. Оо, ахтыбыт да эбит ээ, төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин. Сүрэҕэ бэрт күүскэ тэбиэлээн, имин хаана кэйэн, иэдэһэ итий гынна, дууһата наһаа чэпчээн, бэйэтин түү мээчик тэҥэ сананан истэ.
Былыргы Иркутскай куорат барахсан эчи, дьоно-сэргэтэ элбэҕинэн, дьиэтэ-уота килэйэн мэндиэмэннэрэ үрдүгүнэн, массыыната элбэҕинэн аҕабын сөхтөрүөн сөхтөрдө. Уот сэриигэ баран иһэн, тугу мээнэ ымсыыра, сонургуу көрүө баарай, онно тугу көрбүтүн да бу диэн өйдөөбөт. Оччолорго биир кэм хараҥа, бүдүмүк курдуга, оттон билигин чыҥха атын хартыына!
Саллаат синиэллээх, илиитэ бэрэбээскилээх эдэркээн аҕабын уулуссаҕа дьон бөҕөтө “сынок!” дэһэ-дэһэ, төгүрүйэн кэбистилэр. Бары араас дьон аатын ааттыы-ааттыы “Кинини билэҕин дуо? Кини көрсүбүтүҥ буолаарай? Сэрии хаһан бүтүөй?- диэн ыйытыыларынан типтилэр. Сорохтор “хата төннүбүт” диэн ымсыыраллар, сорохтор уолаттара ханна хорсуннук сэриилэһэ сылдьалларын кэпсииллэр, сорохтор хаһан эмит уруккуттан билэрдии кууһан ылан, саба түһэн ытаа да ытаа буолаллар. Ол, биллэн турар, хара суругу туппут дьон этилэр…
Дьэ, онтон биир нуучча эмээхсинэ аҕабын, “дьиэбэр хайаан да сылдьан аас”, диэн, ытыы-ытыы, көрдөспүтүгэр, сүрүргээн барыста. Хара былааттаах, хатыҥыр кыра эмээхсин хатыыппайданан хаамар да хаамар, хайдах эрэ аҕабын куотан хаалыа диэбиттии, кэннинэн харахтана иһээхтээтэ. Сотору-сотору аҕам аатын ыйыталаһар да, тоҕо эрэ сороҕор Сереженька, арыт Мишенька диэн ыҥырар.
Биэс этээстээх дьиэ таһыгар оҕо-аймах ньамалаһан оонньуу сылдьара, таһырдьа чээлэй күөх хатыҥнар анныларыгар турар ыскаамыйаҕа икки эмээхсин олороллоро, туран кэллилэр. Аҕабын илиитин тута-тута, сүүһүттэн куоталаһа-куоталаһа сыллаан ыллылар. Саҥарар саҥалара эмиэ биир буолла “сынок”, “сынок”…
Эмээхсин кыбартыырата бастакы этээскэ эбит. Аанын хатаабат эбит- дьиэтин аанын арыйа баттаата, иһирдьэ киирдилэр. Тута аҕам муннугар минньигэс ас сыта саба биэрдэ. Эмээхсин, эрдэттэн кими эрэ кэтэспит курдук, остуолу хотойорунан ас тардыбыт — чугуун иһиккэ өрөһөлүү хортуоска, туустаах балык, сибиинньэ сыата, саһарчы буспут бэрэски, хампыат-бичиэнньэ арааһа… Аҕабын тута остуолга ыҥыран, бастыҥ олбоххо олорто. Остуолун утары эмээхсин барахсан, хараҕа кылахачыйан, олордо. Ол олорон, маҥан былатыагынан хараҕын сотто-сотто, манныгы кэпсээтэ:
-Мин икки уоллааҕым иккиэн арҕаа сэриигэ барбыттара. Сэрии саҥа саҕаланаатын. Онтон ый да буолбакка иккиэннэрин хара суруга кэлбитэ. Кэргэним ол кэнниттэн уһаабатаҕа уонна бараары сытан: эн соҕотох хааллым дии санаама, сэрииттэн төннөр уолаттары оҕоргоо, бэйэҥ Сережалаах Мишаҥ курдук санаталаар. Оҕолоруҥ курдук санаан, ол уолаттары кытта кэпсэтээр. Дьэ, оччоҕо эн айманар дууһаҥ чэпчиэ, уолаттарыҥ олорботохторун хайаан да эн ситэри олор! Өйдөө – сэрииттэн төннүбүттэр барыта эн уолаттарыҥ!”-диэхтээбитэ. Онто олох сөпкө эппит диэн сыаналаатым. Ол иһин бу, нэдиэлэҕэ биирдэ кэлэр буойаһы көрсөбүн уонна уолаттарым курдук дии санаабыт саллааттарбын аҕалан, тото-хана аһатабын уонна кэпсэтэбин. Оо, оччоҕо наһаа да кэҥиибин, чэпчиибин, дьоллонобун — дии-дии, былаатын уһугунан хараҕын сотто, олороохтоото.
Аҕам барахсан нууччалыы соччо билбэт киһи, онон бу саҥа көрбүт дириҥ аһыылаах ийэ барахсан сүрэҕин-быарын сымнатар курдук тугу элбэҕи сэлэһиэ баарай, биир кэм көннөрү “да” диир, арыт төбөтүн көннөрү тоҥхох-тоҥхох гыннарар. Ол гынан баран, аҕам эмээхсин саҥарарын өйдөөн истибитэ, киһитэ били суох буолбут уолаттарын кытта кэпсэтэр курдук саҥарар эбит. Ким эрэ кэргэннэммитэ, ким эрэ оҕоломмута, ким эрэ сэрииттэн кэлбитэ, чэ араас сонуна элбэх. Айаҕа олох хам буолбат, онтун быыһыгар “Сереженька, аһаа”, “Мишенька, аһаа” диир. Аҕам хайыай, сэриигэ барыаҕыттан киһилии аһаабакка сылдьыбыт киһи, син иһэ ыларынан, солун аһы дэлби аһыы сатаата. Эмээхсин барахсан арыт күлэ-күлэ, арыт туохтан эрэ омуннуран саҥата улаата-улаата, биир кэм кэпсээбитин курдук, кэпсии-ипсии олороохтоото.
Дьэ, онтон аҕам баһыыбалаан, бакаалаһан бараары гыммытыгар, эмээхсин аны “суолга сиэр” диэн маҥан былаакка остуолтан ас бөҕөтүн суулаан, үрүксээгэр уган биэрдэ уонна олус сылаанньыйбыт көрүҥнэннэ:
—Вот мой Сереженька едет на работу, — дии-дии сүүһүттэн дэлби сыллаан ылла. Аҕам эмээхсин барахсаны аһына саныы-саныы, күүскэ да күүскэ ийэтин сыллыырыныы, сахалыы сыллаан ылла уонна:
— Ийээ, махтал! Мама, спасибо!—диэтэ. Эмээхсин барахсан эбии иэдэйдэ, аҕабын сыллыы-ууруу, биир кэм уолаттарын ааттаа да ааттаа буола хаалаахтаата…
Аҕам бу ас бөҕө астаан, бэлэмнээн түбүгүрэн, билбэт уолаттарын ыҥыран ыалдьыттатан, кэпсэтэн-ипсэтэн, күлэн-үөрэн – онон дириҥ аһыытын мүлүрүтэн олороохтуур эмээхсин эбит диэн саныы-саныы, өрүс пуордугар бараары, тохтобулу ыйыталаста. Оо, сэрии, сэрии, кырыыстаах сэрии… Төһөлөөх дьоллоохтук олоруох дьону, киһи үөйбэтэҕинэн-ахтыбатаҕынан дьылҕалаабытыҥ буолуой?!
Биир таһаҕас таһар массыына куусабыгар хас да буолан олорсон, эбэҕэ киирдилэр. Быыл бурҕайар туманын быыһынан, массыына иҥнэл-таҥнал түһэ-түһэ, иннин хоту көтүтэн истэ…
Син өр соҕус айаннаан, Элиэнэ эбэ кытылыгар тиийэн кэллилэр. Суоппар саастаах соҕус киһи, дьонтон бытархай харчы хомуйан барда. Аҕабын көрөөт, хараҕа сымнаата, “Махтал, саллаат” диэтэ уонна аҕам бытархайы ууммут илиитин төттөрү аста.
Борокуот аал төһөҕө Дьокуускай диэки барарын ыйыталаһан билбитэ, хата, кини дьолугар, бүгүн киэһэ алтаҕа аттанар эбит — олуһун диэн үөрдэ, көтүөр кыната суох буолла. Өрүс буордун кыракый дьиэтигэр киирэн, кыра чуолҕан оҕотугар, докумуоннарын барытын ууммутугар, кугас баттахтаах эдэр кыыс, түргэн үлүгэрдик билиэт биэрэ оҕуста.
Сырылатан түһэн дьэ, куйаас күн буолла. Аҕам эбэ кытыытыгар талахтар күлүктэригэр олорон, табааҕын уматтан, иҥсэлээхтик эҕэрийбэхтээтэ. Күн уота сылааһыттан, көлөһүн аллан, сөрүүн ууга умсаахтыы түһүөн олуһун баҕарда. Киһи баара чугаһынан көстүбэтинэн туһанан, аҕам гимнастеркатын аа-дьуо устан, кырылас кумаҕы кэһэ түһээт, сөрүүн буолуо дии санаабыта, ыаммытынан үүт курдук сылаас ууга биирдэ “бар” гына түстэ. Оо, үчүгэйин даа!!!
Аҕам, оҕо сылдьан убайынаан Сахаардыын тапталлаах күөллэригэр- Туобуйа эбэҕэ чалбааттана сөтүөлүүллэрин, күлэ-үөрэ уунан ыһыахтаһан чаҕаара күлсэллэрин санаан, сүрэҕэ аһыс гынаатын кытта хараҕын уута субуруйан киирэн барбытын, билбэккэ да хаалла. Хата эбэ уута харах уутун, эн ытыыргын кистиир эбит, онон, киһи кыбыстыбакка, саспакка төһө баҕар ытыаҕын сөп эбит дии санаан, аҕам барахсан улаханнык саҥа таһаарбакка эрэ, хараҕын уутун босхо ыытан кэбистэ. Иэдэстэрин эбэ ыраас уутун өлүөр илиитинэн баһан ыла-ыла ыһыахтаан, ытыы турара олох да биллибэтэ. Убайын Сахаары, Иилимэн күөлгэ тимирбит хара баһаам бииргэ сылдьыбыт күндү доҕотторун, ийэтигэр тиийэн көмөлөһө охсоору ыксаабыт эдэркээн нуучча уолун саныы-саныы, дириҥник эҥсэн ыла — ыла, өр да өр ытаата… Дьэ, онтон ууттан тахсан, кумахха илийбит ис таҥаһын куурдаары, сытта. Хайдах эрэ дууһата чэпчээбит, хараҕа сырдаабыт, өйө-санаата түмүллүбүт курдук буолбут. Көхсүн сып-сылаастык күн уота сылыппытыгар, өр ытаабыт кыракый оҕо өрө сыҥарын курдук, аҕам сотору-сотору өрө сыҥа-сыҥа, халтаһалара силимнэһэн, нухарыйан киирэн бараахтаата…
Нэдиэлэ кэриҥэ борокуот аалынан көрүөхтэн кэрэ Өлүөнэ эбэ урсунунан айаннаан, аҕам дьэ, бу бүгүн ахтылҕаннаах Сахатын сиригэр, Улуу Туймаада хочотугар үктэннэ. Борохуоттан түһээт да, дьонтон кыбыстыбакка, тобуктуу түһээт, умса нөрүйэн, дойдутун буорун хаста да сыллаан ылла. Буорах, буруо, хаан-сиин сыттаах сиртэн олус ураты, минньигэс да минньигэс сыт мэйиитин эргитэ сыста…
—Что с Вами?—диэбитинэн, икки уончалаах уол эмискэ баҕайы аттыгар баар буола охсубуттарыттан, сүрүргээн, аҕам сымсатык ойон турда, гимнастеркатын тэбэннэ. Иннин диэки түһүнэн кэбистэ.
Маҥнай байыаннай учуокка тураары, Байаҥкамааты ыйдаран кэлэн, дьэ, бу саас ортолоох, атаҕынан улаханнык доҕолоҥноон хаамар, үрдүк сүүстээх, хатыҥыр нуучча киһитин иннигэр олорор.
Аҕам докумуоннарын син өр чинчийэн көрөн-истэн баран, төттөрү уунна:
—Таска итиннэ олорор кыыска суруйтаран аас. Дьэ, дойдугар эйигин уот сэрииттэн итэҕэһэ суох улахан эппиэтинэс күүтэр. Үлэ, үлэ уонна өссө төгүл үлэ. Эдэр киһи, сүүрэн-көтөн, үлэлиэҥ буоллаҕа. Хата, илииҥ эбит,— диэт, атаҕын көрүннэ уонна дириҥник үөһэ тыынан ылла.
Бу байыаннай хамыһаар эппит тыллара аҕабар олоҕун устата тутуспут дэбииһинэн буолбута. Ол курдук, уоппускаланан өрүүрүн да өйдөөбөт эбиппин. Сэттэ уончалааҕар сарсыарда үлэтигэр бараары туран, тымыра быстан сууллан кэлэн түһэн, аҕыйах сыл олорон, арай дьэ,“сынньаммыта” буолаахтыа…
Аҕам туох баар докумуонун кыыс остуолугар уурбутун, саха нарын кыыһа, сип-синньигэс тарбахтарынан илиитигэр ылан көрдө, онтон массыыҥкаҕа бэчээттээн табыгыраппытынан барда.
Дьэ, итинник аҕам саха норуотун устуоруйатыгар Ийэ дойдутун ньиэмэс халабырдьыттарыттан көмүскүүр уодаһыннаах уот сэриигэ сылдьыбыттар испииһэктэригэр киллэрилиннэ уонна ону туоһулуур кып-кыракый киниискэ оҕотун илиитигэр тутта. Аҕам бу кырачаан буолан баран, улахан суолталаах киниискэтин, хараҕын харатын курдук харыстыыра…
Таһырдьа тахсан, куорат киин уулуссатынан хааман истэҕинэ, эмиэ Иркутскайга курдук, дьон бөҕөтө төгүрүйэн кэбистэ.
— Хайа, тоойуом, хайа туһаайыынан сылдьан иһэҕин? – диэн биир хаар маҕан баттахтаах, сэргэх сэбэрэлээх саха оҕонньоро, тайах маһыгар өйөнөн, турунан кэбистэ. Ону кытта тэҥҥэ сирэйдэрэ-харахтара бэркэ туран, истээри-билээри кыһаллыбыт аҕай көрүҥнээх дьахтар — аймах онтон-мантан сырсан кэлэн, аҕабын төгүрүйэ оҕустулар.
— Иилимэн күөллээҕи кыргыһыыга кыттан баран, араанньы буоламмын, дойдубар төннөн иһэбин.
— Оо, барахсаны да, хата улахан бааттаах уол эбиккин дии!!! Оттон мин истибиппинэн, онно килэҥ мууска сырдыкка киирэн биэрбит байыастары, адьырҕа өстөөхтөр аҥардастыы кырган, кими да ордорботохтор үһү диэн кистии-саба кэпсэтэллэрин, бу соторутааҕыта истибитим ээ, — диэтэ оҕонньор.
Онтон эмискэ дьон быыһыттан, биир дьахтар таҕыста да, аҕабын кууһа-кууһа марылаччы ытаан барда:
— Ол Иилимэн күөл сэриитигэр, мин икки бииргэ төрөөбүт бырааттарым суох буолбуттара, онтон үс быраатым арҕаа туһаайыыга суох буолбуттарын туоһулуур хара суругу туттубут. Ийэбит Хобороонньо биэс уолуттан бэһиэннэриттэн ытыс соттон, олус иэдэйэн, эмискэ киһи билбэт буола кырдьан, иһиттэн саҥата тахсыбат буолан хаалла. Киһи көрбөтүгэр, хотонугар киирэн ытыыр, аһыыр-аһаабат сылдьар, оо кырыыстаах сэрии. Аҕабыт, сэрииттэн маҥнайгы хара сурук кэлээтин, аҕыйах хоноот, суох буолбута. Дьонум иккиэн, уолаттара үлэ-хамнас бөҕөтө буолалларын көрө-көрө наһаа да астыналлара — халыҥ хаххаларбыт, суон дурдаларбыт, көрүөхтэрбит-истиэхтэрбит, буорга-сыыска буккуйуохтарбыт дэһэллэрэ ээ, онтубут ханна баарыы-ыый, — дии-дии, өссө сэтэрэн, ытаата.
— Ол да буоллар, ийэм хара суруктарга олох итэҕэйбэт. Күн аайы кэтэһээхтиир. Нэһиилэ да сырыттар, күн аайы чаанньыгын эрэ бэрэлээхтиир. Итии чэй мэлдьи баар буоларыгар кыһаллан тахсар. Наар суол төрдүн манаһар, дьиэбит аанын түүн да күнүс да хатаппат. Аан аһылыннаҕын аайы, олох уратытык да көрөөхтүүр…
Аҕам сүрдээҕин уйадыйда, хараҕар ол сэрии иэдээнэ хаттаан субу дьиҥнээхтик көстөн кэллэ уонна ытыы турар дьахтары уоскутаары, ыга кууһан ылбыта да, тулуйбакка, тэҥҥэ ытаһан барда. Онтон дьэ, өйдөөн көрбүтэ доҕоор, тула турар дьоннор бука бары—кырдьаҕастыын-эдэрдиин, оҕолуун-уруулуун уу-хаар баһан, бары саҥата суох ытыы тураахтыыллар эбит…
Арыый уоскуйан баран, аҕам дьоҥҥо туһаайан:
— Сэрии сотору биһиги кыайыыбытынан түмүктэниэ! Онно бары буойуттар олус хорсуннук сэриилэһэллэр. Барыларын өйө-санаата, баҕарар баҕата соҕотох — өстөөҕү бэйэтин арҕаҕар үүрүү, кыайыы!!! Эһиги бука бары эмиэ кыайыы түргэнник кэлэрин туһугар үлэлээҥ-хамсааҥ, ол эрэ санаанан салайтаран олоруҥ! Ол — сэрии уотугар сылдьааччыларга улахан туһа буолуоҕа!!! – диэбитигэр, дьоно хайдах эрэ сэргэхсийэ түстүлэр, ытыстарын таһынан ыллылар уонна бары уочаратынан аҕабын иэдэһиттэн уу сахалыы сыллаан сырылаттылар…
Аҕам аны Дьокуускай куораттан дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ аттанна.
Бүлүү эбэнэн паромунан устан иһэн, иэдээҥҥэ түбэһэ сыста. Аҕыйах эр киһи уонна үксэ оҕо-дьахтар аймах эбит. Арай кытылтан лаппа тэйэн, эбэ ортотугар тиийээттэрин, паромнарын мотуора умайан таҕыста. Эр дьон биэдэрэнэн уу баһан ыла-ыла ыһыахтаабыттара, уоттара сэтэрээн, дьэ, биирдэ багдас гымматах үһү дуо! Ыһыы-хаһыы, ыксааһын-уолуйуу бөҕөтө буолан бардылар. Оҕолор ытастылар. Арай аҕам кэтэ сылдьар халыҥ синиэлин түргэн үлүгэрдик уста оҕуста да, ууга дэлби илиттэ уонна ибис инчэҕэй синиэлин саба туппутунан, кытыаста турар мотуорга баран түстэ. Дьэ, онуоха, кытарар барахсан, умулларга барда…
Уоттара дьиҥнээхтик умуллубутун кэннэ, онно баар дьон бука бары аҕабар, “өлөр өлүүттэн эн быыһаатыҥ” дии-дии, олус истиҥник кууһа-кууһа, махтаннылар…
Итинник мүччүргэннээхтик айаннаан, айбыт аҕам Миитэрэй барахсан төрөөбүт төрүт алааһыгар — Туобуйа Эбэ барахсаҥҥа күһүөрү үктэннэ. Төһөлөөх дьикти турук аҕабын кууспутун ким билиэ баарай?!
Ыалдьан нэһиилэ сылдьаахтыыр аҕата, ийэтэ, балтылара Маайалаах Лүүссүйэ, быраата Уйбаан уонна нэһилиэгин дьоно бука бары олус диэн үөрэн-көтөн, дьол хараҕын уутун хото сүүрдэн, көрүстүлэр…
Валентина ШОЛОГОНОВА – СУРУЙДААНА,
Дьокуускай к.
Хаартыскалар Интэриниэттэн.