Дьэ, манна—тимир суол ыстаансыйатыгар эбит ээ, эмиэ дьулаан хартыына. Бары нэһиилэ иэҕэҥнэһэн, дьон аҥаардара буолбуттар. Дойдулаары, буойаска үтүөлэһэ-анньыалаһа сатыы сылдьаахтыыллар эбит. Ол быыһыгар — тус арҕаа сэриигэ баран иһээччилэри атаарыы аймалҕана. Кырдьаҕастар, дьахталлар, кыргыттар, оҕолор ытаһыылара-соҥоһуулара өй мэйдээх тулуйбат аймалҕана. Аҕам, олуһун хараастан, маны барытын тэйиччиттэн көрөн туран, нэһиилэ табаҕын уматтан, дириҥник, иҥсэлээхтик эҕэрийбэхтээтэ. Арыый да уоскуйбучча сананыыта, арҕаа барар буойас, киһи этэ салаһыахтык, сүр сытыытык хаһыытаата. Дьон айманара өссө күүһүрдэ. Буойас аа-дьуо хамнаатар-хамнаан, түргэтээтэр-түргэтээн, эриэн үөн курдук эриллэҥнээн иһэн, тус арҕаа туһаайыыны тутуһан, айанныы турда. Кэнниттэн оҕо-дьахтар өттө, сарылыы-сарылыы, сырса тураахтаата…
Аҕам туох баар докумуоннарын көрдөрөн, буойас биир купетыгар оннун-туойун булунан, үөһэ тыынан ылла. Түөрт миэстэлээххэ төрдүс киһинэн киирдэ. “Хата, син ама аргыстарданным” диэн, иһигэр үөрэ санаан ылла. Үс нуучча эдэркээн уолаттара: биир икки атаҕа суох, биир аҥаар илиитэ суох, онтон биир сирэйэ баас-үүт буолбут, ып-ырыган уол. Туох да саҥата-иҥэтэ суох сытан баран, буойас айаннаан киирэн барбытыгар, атаҕа суох уоллара:
– Прощай война, здравствуй жизнь!– диэтэ уонна иһигэр киҥинэйэн ыллаабыта буолла да, ырыата кыайан тахсыбата.
– Ээх, таах да сибиэ дьиэлээн иһээхтиибин. Кимиэхэ боҕуу буола? Ким миигин көрүөй-истиэй? Дьэ, бу мин тугу туһалыамый? Ээ? Дьэ, бу мин туох туһалаах киһи буолуомуй онно? Ээ? Таах сибиэ уот буурҕа ытылла турар кыргыһыытыгар тииспэр граната ытыран баран, өстөөх тааҥкатын утары сыылларым курдук кэпсэппэккэ. Акаары, киммэр ыксаан, көрдөспөтөхпүөн? Син, сөбүлэһиэхтэр этэ… Биир эмэ өстөөх тыыныгар син туруом этэ, ээх, — икки атаҕа үөһэнэн суох буолбут, сырдык куп-кугас баттахтаах, күп-күөх халлаан курдук харахтардаах эдэркээн уол хаҥас ытыһын уҥа сутуругунан күүскэ хаста да саайталанан, сирэйэ-хараҕа туран кэллэ.
– Кэбис, Петро, инньэ эрэ диэмэ. Ол сиргэ хаһан баҕарар баттаһыахпыт. Көрөөр даҕаны, дойдугар эйигин дьоруой тэҥэ тутуохтара. Остуолга олорон үлэлиир үлэни баҕас үөрэ-көтө булан биэриэхтэрэ. Эн төбөлөөх уолгун. Хата, аҕыйах сылынан холкуос бэрэссэдээтэлэ, баҕар, төрүт да райком сэкирэтээрэ буолуоҥ, – диэтэ үөһэ ороҥҥо сытар уҥа илиитэ суох саллаат бэрт сымнаҕастык.
– Суох, Серега, онно сүүрэр-көтөр, кэлэр-барар дьоннор наадалар. Эх, мин эрэйдээх мэлдьи дьиэ бөҕө буолаахтыырым буолуо! – Петро дириҥник үөһэ тыынан ылла.
– Онтон мин дьиэбэр тиийээт да, ийэбэр оһоҕун өрөмүөннүөм, сарайын саҥардыам. Курулас ардах хотор этэ эбээт. Билигин сотору, дьэ, ардах бөҕө курулатыа дии. Уонна күһүн оттук маспын бэлэмниэм этэ. Чаһыы хас буолла, уолаттаар?— диэтэ, бэрт сэниэтэ суохтук, сирэйэ баастаах уол.
-Тимоха, оруобуна уон биири уон ааста. Дьэ, оннук, биһиги бары бараат да, хаһаайыстыбабытын сөргүтүө этибит. Дьэ, онтон уопсай үлэҕэ оройбутунан түһэбит, – диэтэ Сергей, онтон аҕам диэки көрөн баран, бэрт эйэҕэстик ыйытта:
– Онтон эн ким диэҥҥиний? Хайа диэки айанныыгын? Туох инники былааннааххын?
– Мин Миитэрэй диэммин. Дьиэбэр тиийиэм билигин да ырыы-ах. Аны күһүн кыстык хаар түһүүтэ тиийэбин эрэ суох. Саха сиригэр айанныыбын ээ, — аҕам куолаһыгар дойдутунан олус киэн туттара иэйэн иһилиннэ.
– Оо, олус ыраах уонна хаар-муус, тымныы дойду. Эрдэ сылаас эрдэҕинэ дойдугун була сатаа, – үһүөн, аһыммыттыы сүбэлээтилэр-амалаатылар.
Күнүс эбиэккэ эдэркээн нуучча кыргыттара бодунуоска хааһы, биир быһыы хара килиэп, хара чэй киллэрэн абыраатылар. Бары да аһаабатахтара ырааппыт быһыылаах, начаас тимир иһиттэрин кэһээн, талыгыратан-тилигирэтэн, салаан-сыптаан, бүтэрэ оҕустулар. Арай сирэйэ баастаах Тимоха эрэйдээх, хааһытыттан биир-икки ньуосканы баһан сиэбитэ буолла, чэйин да сүрэҕэлдьээбит киһилии аа-дьуо сыпсырыйаат, “сөп буоллум” диэбиттии, улаҕаа хайыста.
– Хайа, уолаттаар, уонна тугу кэпсиигит? Суолбут билигин да уһун, кылгатыахха наада, — диэтэ Петро.
– Чаһы хас буолта буолла, – сэниэтэ суохтук Тимоха ыйытта.
– — Туох ааттаах сотору-сотору ыйытаҕын? Биири ааһан эрэр, — диэтэ Петро.
– Мин биир олоххо буолбут дьикти түгэни кэпсиим, хата, истиҥ, — диэтэ Серега уонна, өлүөр хаҥас илиитин өрө уунаат, кэтэх тардыһынна, олохтоохтук оҥостубут киһилии сананан, кэпсээнин саҕалаабытынан барда:
– Биһиги Иркутскай уобалас кыракый дэриэбинэтигэр олорбуппут. Эбэм, ийэм, аҕам уонна мин. Сүөһү, куурусса баайданан, син этэҥҥэ олорбуппут. Мин оҕолору кытта оонньуурум, сөтүөлүүрүм, тэллэйдиирим, отоннуурум. Кэлин балыктыырым, кыратык бултаабыта да буоларым. Саамай сөбүлүүрүм айылҕаҕа сылдьыы этэ. Оскуола биһигиттэн тэйиччитин иһин, кыра кылааһынан бүппүтүм. Хаһаайыстыбабар күүс-көмө буолан, үлэни да үлэлээбитим. Уон аҕыспар дьонум “ыал буол” диэн хаайаллара да, биир да кыыска сүрэҕим сыппата. Көстөр дьүһүммүнэн, уҥуохпунан-арҕаспынан арааһа ортоһуор киһиэхэ киирсэбин, онон арыт сириллэрим да буолуо, – диэн баран, Серега күлэ-күлэ, истиҥ баҕайытык көрөн ылла.
– Дьэ, арай биирдэ, арааһа, ханна да буола илик дьикти түгэн биһиэхэ буолла эбээт. Иллэрээ сыл сайына этэ. Арай сарсыарда утуйа сытабын. Түннүкпүн хаһан да сабааччым суоҕа. Дьэ, эмискэ, туох эрэ дьикти тыас тилигирээн иһилиннэ да, күүстээх салгын билиннэ. Мин, уһукта охсоот, эргийэн хайыспытым, доҕоор, арай остуолбар улаҕаккаан бэйэлээх хотой хонтоллон олорор. Хараҕа диибин диэн, эрилийэн, мунна токуруйан, киһи эрэ куттаныах. Мин кутталбыттан: “Эбээ!” – диэн хаһыытаатым. Бу санаатахха, туохха эмэ түбэстим эрэ, аан маҥнай эбэбин саныыбын ээ, онтон ол эрэ кэнниттэн ийэлээх аҕабын.
Арай өйдөөн көрбүтүм – тугу эрэ ытыра сылдьар. Эмискэ баҕайы хотойум “хулурк”, “халырк” дэбит курдук, дьикти баҕайытык, “дьэ, истиҥ эрэ” диэбиттии, түллэх-иллэх гына-гына тугу эрэ олус элбэҕи кэпсиир-ипсиир курдук, тутунна-хабынна. Сотору остуолга туох эрэ “тос” гына түстэ. Ол ыккардыгар дьонум үһүөн, ыксаан-бохсоон киирэн кэллилэр. Кинилэр киирээттэрин, хотойбут кынатын даллаппытынан, хос иһин бүтүннүү сабардаабытынан, эргийэ көтөн кэлбитигэр, дьонум куттанан, тэбис-тэҥҥэ хаптас гынан биэрбиттэригэр, үрдүлэринэн сараадыйан көтөн ааста уонна киирбит түннүгүнэн төттөрү көтөн тахсан, тус илин диэки күпсүтэ турда.
Дьонум олус айманан, биир кэм кириэс охсун да охсун буола турдулар. Онтон эбэм остуолга чугаһаан көрбүтэ, туох эрэ харааран сытара көһүннэ. Ийэм оһох айаҕыттан кус кынатын эһэ охсон киллэрбитинэн, эбэм остуолтан тарыйбыта, муостаҕа түһэн лыҥкынаата. Арай өйдөөн-дьүүллээн көрбүппүт – биһилэх. Биһилэҕи ким да илиитигэр ылыан баҕарбата. Арай туохха да барытыгар инники сылдьар эбэм, куттана-куттана да буоллар, сиэбиттэн хостообут маҥан өрбөҕүн сыыһынан, муостаттан сэрэниин-сэрэнэн, биһилэҕи ылла.
Биһиги бары олус дьиктиргээн, биһилэҕи одууластыбыт. Эбэм өрбөҕүнэн дэлби ыраастаабыта-улахан баҕайы кыһыл көмүс биһилэх буолан биэрдэ. Эр киһи биһилэҕэ. Дьонум сирэй сирэйдэрин көрсүһэн кэбистилэр уонна ханна да гыныахтарын билбэккэ тэпсэҥнэһэ турдулар. Онтон мин ойон турдум, эбэм илиититтэн биһилэҕи эһэ охсон ыллым да, тарбахпар кэтэн кээстим. Аата суох тарбахпар оруобуна буолла. Онтум бу илиим эбит, ол биһилэҕи кэтэ сылдьыбытым ээ, – диэт Серега лаппа үөһэнэн мултугур илиитин диэки кыҥнах гынна. Арааһа, илиитэ суох буоларбын биттэнэн, ол кыыл биллэн ааспыт быһыылаах. Хата, тыыннаах ортум ээ. Онон эмиэ да ол биһилэҕим көмөлөспүт курдук. Дьонум да этэҥҥэ олороллор, суруктарын соторутааҕыта туппутум. Эбэм таҥара мэтириэтин тута сылдьан, күнү быһа хоспор мэлииппэ ааҕан тахсыбыта. Баҕар, ол көмөлөспүтэ да буолуо.
– Суох, уолаттар, – аҕам тойоннооччу буолла, – арааһа, ол тойон кыыл бу уоттаах-күөстээх улахан сэрии буолуон биттэммит эбит. Биһилэх диэн дьиэ кэргэн бэлиэтэ. Бу сэриигэ төһөлөөх элбэх ыал аҕата, кэргэн ылыахтаах эдэркээн уолаттар суох буолтара буолуой? Үгүстэрэ таптал да диэни билбэтэх дьон буолуо. Онон хотой таптаһар дьон бэйэ-бэйэлэрин үйэ-саас сүтэрсэллэрин биттэммит буолуон сөп эбит.
– Ээ, кырдьык да, эн, арааһа, олус сөпкө тойонноотуҥ ээ. Мин дьиэбэр тиийдэхпинэ, эн эппиккин хайаан да дьоммор кэпсиэм. Кырдьык даҕаны, оруобуна ол сарсыардатыгар сэрии буолбут диэн биллэрбиттэрэ ээ,- Серега хараҕа уоттанан кэллэ уонна өр таайыллыбакка сылдьыбыт таабырын эппиэтин истибиттии, аҕам диэки олус махталлаахтык көрдө-иһиттэ.
– Онтон мин дэриэбинэбэр эмиэ биир дьикти түгэн буолбута, – диэн Петро кэпсиирдии оҥоһунна.
– Дьэ, эрэ, кэпсээ эрэ,- дии түстэ Серега.
– Бу түбэлтэ отут аҕыс сыллаахха буолбута. Арай биирдэ биһиги дэриэбинэҕэ элбэх оҕолоох ыал биэстээх уонна үстээх уолаттара оонньуу сылдьан сүтэн хаалбыттара. Халлааннаан да көппүттэрэ, сирдээн да тимирбиттэрэ биллибэккэ, ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбиттэрэ. Дэриэбинэ дьоно – турар-турбат бары өөр да өр көрдөөбүппүт да, булбатахпыт. Дьиктитэ диэн баар, киэҥ нэлэмэн хонууга элбэх оҕону кытта субу оонньуу сылдьыбыт оҕолор, эмискэ баҕайы сүтэн хаалбыттар. Уолаттар эдьиийдэрэ: “Кыра уолу олох да сиэтэ сылдьыбытым, биирдэ өйдөөбүтүм, арай быраатым ханна да суох”, — дии-дии ытаахтыыра.
Онтон сотору буолаат, уолаттар ийэлэрэ түүл түһээбит. Арай, дьэ, ол түһээбитигэр, уолаттара иккиэн сиэттиһэ сылдьаллар, бүтүннүү килэбэчигэс таҥастаахтар үһү. “Ийээ, биһиги бу олох эн аттыгар турабыт дии, эн тоҕо биһигини көрбөккүнүй?”-дии-дии ытыы сыһаллар үһү. “Биһигини мантан олох ыыппаттар. Сиргэ туох буолуохтааҕын наар үөрэтэн тахсабыт. Сотору улахан сэрии буолар. Биһиги дэриэбинэ уолаттара бары барыахтара. Ону биһиги барыларын көмүскээн ыллыбыт. Арай Петрону эрэ сатаан көмүскээбэтибит. Кини икки атаҕа суох хаалла. Ол оннугар биһиги, киниэхэ көмө буоллуннар, көрдүннэр-иһиттиннэр диэн, үчүгэй үлэһит, сытыы-хотуу кыыһы кэргэн бэрдэрдибит уонна көрдөһөн-ааттаһан, элбэх уол, кыыс оҕолору биэрэллэрин курдук кэпсэттибит. Онно барытыгар сөбүлэстилэр ээ-онон кини туох да кыһалҕата суохтук олоруоҕа,” — диэн, улахан киһилии дьоһумсуйа-дьоһумсуйа, ийэлэригэр былдьаһа-былдьаһа, кэпсээн-ипсээн бөҕөтө буолбуттар.
Дьэ, бу дьиктитик сүппүт уолаттар ийэлэрин түүлүн кыракый дэриэбинэ олохтооҕо, оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ, нойосуус билэллэр. Онон биһиги дэриэбинэ уолаттара, арааһа, хайа да дойду уолаттарынааҕар чахчы эрэх-турах санаалаах, үөрэ-көтө сэриигэ аттаммыттара. Дьонум суруйалларынан, кырдьык хара сурук биһиги эрэ дэриэбинэбитин тумнар үһү, дьэ, дьикти буолбат дуо, ээ, – диэт, Петро олох үөһэнэн суох буолбут атахтарын, имэрийэн ылла.
– Даа, кырдьык, дьикти эбит. Хайаан кинилэр сэрии буоларын, эн бааһыраргын биллилэр,-диэтэ Серега.
– Дьэ, аны эн ирээтиҥ, кэпсээ, — Петро аҕам диэки мүчүк гынан ылла.
– Бээрэ, биһиэхэ ол эһиэнин курдук итинник олус дьикти түгэн буолтун олох өйдөөбөппүн ээ, – аҕам, сүүһүн мыччыһыннаран, толкуйдуурун көрдөрөн, син чочумча кэтэх тардыстан сытта.
— Чэ, биир маннык түбэлтэ буолбута, эһиэннэргитинээҕэр баҕас кэм бэтэрээнэн соҕус диэххэ сөп, — диэн аҕам кэпсээнин саҕалаата…
Валентина ШОЛОГОНОВА- Суруйдаана,
Дьокуускай к.
(Бүтүүтэ бэчээттэниэ.)