(Романтан быһа тардыы. Салгыыта).
Күҥҥэ хас эмэ уонунан килэмиэтири хайыһарынан сүүрэн, киэһэ буолла да кытаанахтык утуйан хаалаллар. Арай биир сарсыарда Ньукууска арбы-сарбы көрүҥнээх уһугунна. Күнүс быыс булан кэпсэппиттэригэр, нүксүллэн олорон түүлүн аҕабар кэпсээтэ:
“Сэриигэ бэбиэскэ кэлэр күнүгэр, аҕабынаан мончуук оҥоро олорбуппут. Сэбиэт сэккэрэтээрэ кыыс Кээтии бэбиэскэбин туттарбытыгар, илиим сап-салыбырас буолла, онтон аҕам нүксүччү туттан баран, кистээн сүрэҕин тутта-тутта, дьиэтин диэки хаампыта. Кээтии миигин аралдьытаары буолуо, ону-маны кэпсиирэ да, мин онно эрэ кыһаммакка, мээнэ кыс да кыс буолабын. Билэбин илиим салыбырыырын, онтон тугу кыһарбын билбэппин. Арай биирдэ өйдөммүтүм, Кээтии куолаһа чаҕаара түстэ: “Хайаа, оҕо дии! Оруобуна эһээкий оҕо курдук дии!”-дии-дии күллэ. Мин ойон турдум, ол маспын мончууктар угуллар бэрэмэдэйдэригэр угаат, дьиэм диэкки саллаҥнаабытым. Онтон кэлин Кээтии бартын кэннэ, онтубун ылан көрбүтүм доҕоор, кырдьык-хордьук оҕоҕо олус майгынныыра. Илиибэр оргууй ылан, быһахпынан харахтарын, муннун, уоһун нарылаан кичэйэн оҥорбутум, дьэ илэ бааччы оҕо оҕонон буолан хаалла. Онтубун кэлэрбэр Маайыспар биэрбитим. Биэриэм баара дуо, кыбыстан, кууһан тураммын, кини билбэтинэн, бинсээгин сиэбигэр укпутум. Онтубун кэлин көрдө ини. Бөлүүн ол мас оҕобун түһээн көрдүм. Арай дьэ Маайыс көтөҕөн эмиийдэтэ олорор эбит. Оруобуна кини, биир ойоҕоһунан кыра хайдыылаах этэ — онто көстөн олорор. Мин диэкки чолох гынан көрдө, быыкаа айаҕыттан үүт таммалыы-таммалыы киһи курдук саҥарда:
“Аҕаа, хайа хаһан кэлэҕин? Биһиги эйигин суохтаан бөҕөбүт дии. Ийэм күн аайы эйигин саныы-саныы ытыыр, ынаҕын ыы олорон, аһыы олорон, миигин эмиийдэтэ олорон кытта ытыыр.”
Онуоха мин этэбин:
“Суох, мин эһиэхэ барар кыаҕым суох. Мин сүгэһэрбин сүкпүтүнэн, хайыһарбын кэппитинэн улахан күөл түгэҕэр сытабын. Эһиэхэ барыа эбиппин да, сүгэһэрим икки, хайыһарым икки ыыппаттар, ыараханнара бэрт. Хата эһиги иккиэн хойут миэхэ күүлэйдии кэлэ сылдьаарыҥ. Мин күүтүөм да күүтүөм иккиэҥҥитин”.
-Дьэ, итинник бөрүкүтэ суох түүлү түһээтим. Арааһа, сэгэрбэр тиийбэт киһи буоллум быһыылаах. Маайыһыам, эн эрэ ытыыр буотаххын, мин эмиэ күн аайы кистээн, кимиэхэ да көрдөрбөккөбүн ытыыбын эбээт, — диэтэ да, Ньукууска эрэйдээх ырыган санна ыгдаҥҥнаан, саҥа таһааран ытаан барда…
Аҕам аах аҕыйах хонугунан Аҕа дойду сэриитигэр дьиҥнээх сиэртибэ буолбут 19с оһуобай хайыһар биригээдэтинэн Ильмень күөл номоххо киирбит хааннаах кыргыһыытыгар киириэхтээхтэрэ. Кинилэр ортолоругар Ньукууска эмиэ баара…
Маайыс барахсан Ньукуускатын хайдахтаах курдук күүскэ ахтарын таһыгар биллэрбэккэ күлбүтэ-үөрбүтэ буоллар да, иһэ кубус кураанаҕа. Кини дууһатын, өйүн-санаатын, этин-сиинин доҕоругар Ньукуускаҕа күүстээх ахтылҕана ыардык кэрбээн, күүскэ эмэрэ. Күнүс дьүөгэлэрин кытта кэпсэтэн-ипсэтэн, үлэлээн-хамнаан син сэргэхсийэрэ. Онтон киэһэ буолуута эмиэ нуоҕайан, санньыйан барара. Маайыс уһун да кылгас да күн киэһэрэн барыгылдьыйан, онтон чох хара түүн сабардаан кэлэрин туохтааҕар да абааһы көрөр буолбута. Санаа, мэлдьи ааспат арахпат санаа кини оронугар сытта да, бу үөмэн тиийэн кэлбитэ эрэ баар буолара. Оччоҕо кини уута көтөрө, сыттыга биллэ илийэрэ, эрэйдэнэрэ. Аттыгар утуйа сытар ийэтэ, балта истиэхтэрэ диэн, кистээн ытааһын эмиэ биир эрэй буоллаҕа. Арай илдьи сылайбыт эрэ буоллаҕына, оронугар охтоот, утуйан хаалаахтыыра.
Ньукууска барахсан суругу кыайан суруйбат буолан, Маайыс киниттэн сурук кэтэспэтэ. Хата ол эмиэ да ордук курдуга. Доҕоро сатаан суруйара буоллар, ону кэтэһэн, манаан эмиэ биир эрэй буолуо этэ.
Бүгүн Маайыс тоҕо эрэ дьыбардаах, эргэрбит олунньу ый тымныынан аҥылыйар киэһэтигэр таһырдьа тахсан, халлаан диэкки хантайан, сулустары одуулаан, син өр турда. Кылбаччы халлыбыт халлаан хайдах эрэ олус намтаабыкка дылы буолан, бачымахтаспыт сулустар субу Маайыс төбөтүн үрдүнэн чаҕылыһан тураллар. Туома кыыс илиитин өрө уунна да, чыпчыҥныы имнэнэр сулустары харбаан ылыах курдуга. Кыыс сэргээн мичээрдии-мичээрдии сулустары көрө турдаҕына, эмискэ баҕайы сулустара хачыгыраһан тыаһаан ыларга дылы гыннылар да, халлаан саамай оройуттан ыксаабыт, уолуйбут, кыланар аҥардаах хаһыы иһилиннэ: “Маайыыыас, быраһаа-аай!!!”. Саҥа олус чуолкайыттан уонна чахчы бу Ньукууска хаһыыта буоларын билэн, кыыс аһара соһуйда, муҥунан көрбүт харахтарын халлаантан араарбакка эрэ, төттөрү-таары сүүрэлээмэхтээтэ, хайдах да буолуон билбэтэ. Арай тыына туох да бокуойа суох хаайтаран барбытыгар ыксаан, сонун уолугун сүөрэ сатаан илгиэлэннэ да, бытаардан-бытааран, налыйдар-налыйан чигдигэ оргууй охтон түстэ…
Маайыс эбэтэ Маарыйа сөтөллө-сөтөллө, хамсалаах табаҕын бусхата сытан, сиэнэ кыыһын таһырдьа туох ааттаах өр буолла дии санаан, дьиэлээхтэри соруйда:
-Тахсаҥҥыт кыыскытын көрүҥ эрэ. Туох ааттаах буолла,-диэтэ, эргэ нэк суорҕанын сыҥааҕын диэкки өрө тардына – тардына.
Иһиттим истибэтим диэбиттии Маайыс балта уончалаах Ааныс кыысчаан таһырдьа тилир гынна. Сотору буолаат хаһыытаабытынан, харах бөҕөлөөҕүн көрбүтүнэн, төттөрү сарымтахтанан балаҕан ортотугар биирдэ баар буола түстэ:
-Маайыс, Маа-Маайыс, он-онно сы-сытар, — диэн хаһан да кэлэҕэйдээбэт кыыс эппэт кэлэҕэй буолан, салыбырыы турда.
Маайыс ийэтэ сүрэҕин тутунна да таһырдьа ойдо, кэнниттэн Ааныс тилэх уобуста. Эмээхсин үрүт-үөһэ өрүтэ мэҥийдэ, таҥара долборугун диэкки көрөөт, ботугуруу-ботугуруу бакыр-икир тарбахтарынан кириэстэнэн далбаатанна.
Сотору Маайыһы ийэтэ уонна балта икки өттүттэн өйөөннөр, нэһиилэ соһор икки, анньар икки ардынан сыһаҕастаһан киллэрэн, тыын быһаҕаһынан тыынан оронугар илдьэн сытыардылар. Кыыһы ороҥҥо сытыарааттарын, киһилэрэ иһин түгэҕиттэн иэнигийэн ынчыктаан ылла уонна “оо, Ньукууска, суох, суох, быраһаай диэмэ” – диэтэ уонна эмиэ налыс гынан хаалла. Ийэтэ бэрт тиэтэлинэн холумтаҥҥа турар чаанньыктан, чохоолго уу кутан аҕалан, кыыһын уоһугар үҥүлүттэ. Маайыс хараҕын аһан кэллэ, онтон дэлби титирии сылдьар буолан, тиистэрэ чааскыга охсуллан лачыгыраһа-лачыгыраһа, аҕыйахта ууну ыймахтаата. Онтон арыый да уоскутуйа быһыытыйда уонна ытыы-ытыы туох буолбутун, хайдах Ньукууска “Маайыас, быраһаай!” диэбит уолуйбут, ыксаабыт хаһыытын чуп-чуолкайдык истибитин аҕылыы-аҕылыы, ытыырын быыһыгар барытын кэпсээтэ.
Чочумча уу чуумпу сатыылаата. Онтон эмээхсин суорҕанын эһэн, ыыс араҕас буолбут баттаҕа арбаллан, ороҥҥо олорон эрэн эҥээриттэ:
-Тоойуом, эн кинини наһаа саныырыҥ бэрт. Наһаа эрэйдэнэҕин, ахтаҕын. Уонна баҕар куһаҕан буолуо дии санаталыырыҥ буолуо. Ол иһин санааҕар иһиллибитэ буолуо. Кэбис, уоскуй. Оннук хаһан да буолбат. Инник диэмэ. Умун. Сотору кырыыстаах сэрии бүтүө, Ньукуускаҥ эргиллиэ.
Кыыс эбэтин сүрдээх холку, намыын, киһини хаһан баҕар мэлдьи уоскутар аптаах куолаһын, ис иһиттэн сааһыланан тахсар сөптөөх тылларын истэн, арыый да кэҥээтэ. Туран сыгынньахтанан, оронун оҥостон сытта…
Онтон оруобуна бу кэмҥэ кинилэртэн олус ыраах, Ильмень күөл килэҥ мууһугар элбэх өлүүлээх-сүтүүлээх уоттаах сэрии буола турара. Саха эдэркээн уолаттара өстөөх баһыйар күүһүн аахсыбакка, хайыһардарын кэтэн, илиилэригэр бинтиэпкэлэрин кытаанахтык тутан сэриилэһэ сылдьаллара. Сотору-сотору көтөн кэлэр ньиэмэс бомбардировщиктара буомба бөҕөтүн түһэрэн, халыҥ муустар буору-сыыһы, уу ньамаҕын кытта өрө ытыллан тахсан, элбэх дьону уу анныгар ньимси баттыыллара.
Бу алдьархайдаах уот сэриигэ мин аҕам барахсан баар. Уодаһыннаах буомбалааһынтан, ону тэҥэ күөл үрдүк эниэтиттэн өстөөх тохтообокко ытыалаан куһуйарыттан уонна буомбалаан баран, онно топпокко ситэри сиэххэ диэбиттии, аллараа намтыаҕынан намтаан көтөн кэлбит сөмөлүөт иһиттэн кытта аптамаатынан ытыалаан куһуйаллара. Ким да тыыннаах хаалар кыаҕа суох курдуга. Итиннэ ыһыы, манна хаһыы, онно ынчык. Инчэҕэй эттээх тулуйбат иэдээнэ.
Арай аҕам көрдөҕүнэ, мууска сытан ытыалыыр Ньукууска мууһа эмискэ күөрэ-лаҥкы баран эрэрэ да, тымныы ууга булумахтана сылдьан, куолаһын муҥунан: “Маайыыас, быраһаа-аай!!!” диир саҥатын, аҕам эт кулгааҕынан айдаан ортотугар чуолкайдык иһиттэ. Халыҥ муус Ньукууска эрэйдээҕи хаһан да дагдайбатын курдук, ньимси баттаабыта…
Аҕам аттыгар сыппыт грузин уола барахсан, бэйэтин омугунан тугу эрэ саҥаран баллыгырыы-баллыгырыы ытыалаан куһуйбута баара, аҕам бинтиэпкэтинэн эмиэ ытыалыы сытан кини диэкки хайыһа түһэн ылбыта -киһитэ эмиэ хайы сах ханна да суох буола охсубут– начаас муус анныгар бараахтаабыт.
Оо, төһөлөөх эдэркээн сүүрбэлэрин туола илик, саҥа сүүрбэлэриттэн тахсан эрэр араас омук уолаттара Ильмень күөлгэ умсан, үйэ-саас тухары уһун ууларын утуйар сирдэринэн- бу улуу эбэ буолбута буолуой?
Арай эмискэ баҕайы аҕам хаҥас илиитэ аһый гынаат, нукаай буолан барбыта. Элбэх хаана баран, кыһыл муус-хаар ортотугар сытан, амырыын ыарыыттан аҕам туймааран барда… Арай тулата күп-күөх сайын буолан хаалла — күөрэгэй ыллыыр, сибэкки арааһа, лыахтар сибэккиттэн сибэккигэ көтөллөр, куйаас да куйаас. Халлааны хантайан көрбүтэ-күп-күөх, чэмэлийбит күн ыһыахтана кыыһар. Биир уһун хараҥа ырбаахылаах эмээхсин кэлэн, аҕабын состо: “Оо, оҕобун даа, иэдэппиттэр дии чыычаахпын. Мин эйигин быыһыам. Уоскуй. Утуйа түс.” – дии-дии син өр соһон хатыҥ мас күлүгэр сытыарда уонна минньигэс да минньигэс ып-ыраас ууну иһэттэ. Аҕам оо утаппыт да эбит, ып-ыраас ууну син өр ыймахтаата, онтон дьэ өйдөөн көрбүтэ: айыбыын, били кини кырачаан сырыттаҕына, хатыыс хабаҕар мунньубут кэһиититтэн күндүлүүр, кып-кыһыл харахтарынан имэрийэ көрөр тапталлаах эбэтэ Түҥ Кыыһа эбит дии!!!… Төһө өр сыппыта буолла аҕам, арай биирдэ өйдөммүтэ – кырдьык ким эрэ кинини соһор. Өйдөөн көрбүтэ маҕан былааттарыгар кыһыл кириэстээх икки нуучча кыргыттара барахсаттар, аҕабын синиэлин саҕатыттан соһон сыһаҕастаһан, аҕылаһан-мэҥилэһэн иһээхтииллэр эбит. Онтон чугас турар ат тэлиэгэтигэр кыргыттар өйөөн-убаан, туруоран сытыардылар. Тэлиэгэ хайдах хамсыырынан, аҕам төбөтө уҥа-хаҥас иэҕэҥнии-куоҕаҥныы айаннаан бардылар. Аттыгар эмиэ араанньы буолбуттар сорохтор олорон, сорохтор сытан иһэллэрэ.
Сотору госпиталга тиийэн кэлэн, кими наһыылканан, кими өйөөн дьиэҕэ киллэрдилэр. Уопсай палатаҕа сытыардылар. Дьэ манна эбит ээ араас бааһы-үүтү ылан, сэймэхтэммит дьон ыар ынчыктара-хончуктара, мээнэ-мээнэ тыллаһар хаһыылара-ыһыылара. Итиннэ төбөтө бүтүннүү бэрэбээски, манна илиитэ суох, онно атаҕа суох. Аҕам аһара дьулайа санаата. Хата сотору сиэстэрэ кыыс ыҥыран, бэрэбээскигэ илтэ. Бааһын – үүтүн барытын сууйан-сотон, хаана барарын тохтотон, ылан быраҕарын быраҕан, тигэрин тигэн син өр бодьуустастылар. Бүппүтүн кэннэ, өйөөн аҕалбыт сиэстэрэ кыыһа сиэтэн, били маҥнай сыппыт дьулаан уопсай балаататыгар илпэккэ, атын түгэх балаатаҕа илтэ. Арай аҕам көрбүтэ- муус маҥан бырастыыналаах, муус маҥан бадыйаанньыктаах, муус маҥан сыттыктаах биир эрэ орон турар дьоҕус балаатата эбит. Аттыгар туус маҥан туумба.Барыта сып-сырдык. Ып-ыраас. Аҕам маннык далбарга үйэтигэр түбэспэтэх киһи дьиктиргии санаан, кыыс диэкки ыйытардыы көрдө. Онуоха сып-сырдык халлаан күөҕэ харахтаах кыыс мичээрдээн ылла уонна сүр эйэҕэстик эттэ:
-Вам, как члену Правительства, только так и полагается, -диэт тиэтэйэ-саарайа ааны аһан тахсан барда уонна ааны лаппыйан сабан кэбистэ.
Аҕам дьэ онуоха эрэ санаата, илиитин эппэрээсийэлии туран быраастар элбэхтик” член правительства” дэспиттэрин. Кини оччолорго эдэр коммунист, нэһилиэгин Сэбиэтин дьокутаата этэ. Ону туоһулуур докумуоннарын гимнастеркатын ис сиэбигэр өрүү укта сылдьар. Онтун көрөн барахсаттар маннык маанылаабыт эбиттэр.
Түүл-бит курдук утуйар утуйбат, ыарыытыттан кыайан сыппакка, олоро-тура, хаама-сиимэ түһэн ыла-ыла бастакы ыарахан түүнэ ааста. Хас утуйан бараары гыннаҕын аайы эбэтэ барахсан кэлэн суорҕанын көннөрө-көннөрө “дьонуҥ кэтэһэн бөҕөлөр-сотору барыаҥ этэ, Һахаардара аны һуох” диир, атаҕар олорон аһыммыттыы көрөр курдугун маҥнай олус соһуйан, куттанан баран, кэлин өссө “тоҕо бардыҥ?” диэбиттии, үөрэнэн барда. Аҕам Сахаар диэн ким этээй? дии санаат, убайа буоларын дьэ өйдөөн, аны толкуй бөҕөтүгэр түстэ: Ол ханна бардаҕаай?” диэн. Аанньа буолуо дуо? Элбэх хаан барыылаах ыарахан араанньы, өлүү-тиллии ыккардыгар илэ бааччы киирэн тахсыы, аҕабын өйүн-санаатын ыһан ылбыт эбит. Онтон дьэ убайа сэриигэ өлбүтүн өйдөөн, аһыйан, уйа-хайа суох ытаата. Эмиэ өй-мэй буолан ылтыгар, эбэтэ кэлэн сүүһүттэн имэрийдэ. Дууһата хайдах эрэ уратытык чэпчээн, сылаас иэйии үөскээн, тыынара чэпчээн хаалбытыттан, аҕам тапталлаах эбэтигэр иһигэр махтана саныы-саныы, оргууй нухарыйан барда…
Сарсыарда тимир тэриэлкэ түгэҕэр хааһыны, икки быһыы хара килиэби, куруускаҕа хара чэйи бодунуоска тутан аҕалан кубаҕай, ырыган, олох оҕочоос, арааһа уон биирдээх- иккилээх кыыс оҕо көҕөччү көрөн туран мичээрдээбитигэр, аҕам симиттэн ылаат, хардаран мичээрдии-мичээрдии, төбөтүн тоҥхоҥнотон, махтанна. Кыысчаан “Кушайте” диэтэ, аҕам кып-кыһыл, ибис-инчэҕэй бэрэбээскилээх илиитин диэкки куттаммыттыы, улахан күп-күөх харахтарынан көрөн ылла. Харахтарын алын өттө көҕөрбүттэрин кистиирдии, уһун хойуу кыламанын сабыччы түһэрэн, оргууй хааман тахсан барда. Аҕам аһыан адьас баҕарбатар да, очоҕос Уйбаана ааттаһан, куртаҕа курулуйан аһылыгын син сиэбитэ буолла, чэйин ыймахтаата. Оо, утаппыт да эбит. Илиитэ дьарылаан ыалдьара да сүр. Сотору сиэстэрэ кыыс киирэн, аҕам илиитин көрөн баран, сөмүйэтин токуруччу тутунна уонна “пошли” диэтэ. Аҕам маҕан халааттаах эмчит кыыһы батыһан куоҕаҥнаата.
Оо, эмиэ дьулаан хартыына хабайар хаба ортотугар буолан хаалла. Итинтэн, мантан илиитэ-атаҕа суох, сирэйэ бүтүннүү бэрэбээски буолбут дьон одуулаһа сыталларын көрөн, аҕам “миэнэ син ама эбит ээ” диэн хас биирдиилэрин аһына санаталаата…
Син балайда кэм ааста. Атахтарыгар кыанан тура сылдьааччылары, күнүс оттук мас бэлэмигэр илдьэллэр эбит. Аҕабын биир сарсыарда “бараҕын” диэннэр, аа-дьуо аалыҥнаһар дьон кэнниттэн, хаамсан истэ.Тахсар аан таһыгар саалаах, тимир курдук тыйыс сырайдаах-харахтаах саллаат уол дьону көрө-көрө таһаартыыр эбит. Аҕам, иннигэр испит дьону батыһан, таһырдьа тахсан истэҕинэ, арай ол саллаат сиэҕиттэн тарта уонна “назад!” диэтэ, аҕабын “туораа, бар” диэбиттии далбаатаата. Хайыай аҕам барахсан төннөн, балаататыгар кэлэн оронугар сытынан кэбистэ…
Соҕуруу дойду сааһа түргэнник кудурҕаччы кэлэн, уу-хаар тахсан, от-мас көҕөрөн, айылҕа тыллыбыт сытыттан, киһи туома туймааран ылыах айылааҕа буолла.
Аҕам бааһа аматыйан, аны быраастар кэмииссийэлэрин ааһар буолла. Манна дьэ ити өстөөххө сэймэктэппит саллааттар барахсаттар дьылҕалара быһаарыллар – ким салгыы уот сэриигэ төттөрү киирэрэ, ким сыыллан, дойдутугар инбэлиит буолан төннөрө. Уһун киэҥ уочарат син аҕыйаан, аҕам дьэ эмчиттэр иннилэригэр бу олорор. Илиитин тутан-хабан көрдүлэр. Туох эрэ диэн чочумча сүбэлэстилэр. Эмтэммит докумуонугар умса түһэн аахтылар. Онтон биир кырдьаҕас нуучча быраас эмээхсинин диэкки ыйдылар. Туох да наһаа сымнаҕас, эйэҕэс намыын куоластаах кырдьа барбыт быраас дьахтар, аҕам диэкки бэрт уйаҕастык көрдө, мичээрдээтэ уонна эттэ: “Скоро будешь к маме!” диэбитигэр, аҕам сүрэҕэ итий гынан ылла уонна тоҕо эрэ эбэтэ түүлүгэр “сотору дьиэҕэр барыаҥ этэ” диэбит тылларын санаан аһарда. Сып-сылаас күп-күөх халлаан өҥө харахтарынан көрөн баран, эмээхсин аҕабар сэрии инбэлиитэ буолбутун кэпсиир кумаахыны кытары, аҕам бэйэтин туох баар докумуоннарын илиитигэр туттаран кэбистэ…
Нөҥүө күнүгэр таһырдьа тахсыбыта, кэмииссийэни ааһан сэриигэ иккистээн киирэр буолбут, били бэҕэһээ кэтэ сылдьар илибирээбит-салыбыраабыт таҥастара ханан да суох, бары сабыс-саҥа гимнастеркалаах араас омук уолаттара барахсаттар дьиппиэн көрүҥнэнэн, табаах тарда дыраһан тураллар эбит. Аҕам диэкки олус ымсыырбыттыы көрө-көрө, кэпсэтэн-ипсэтэн бардылар. Оо, барахсаттар, иннигитигэр эһигини туох күүтэрэ буолаахтыай, хаскыт төннөөхтүүр, хаскыт уот сэрии уот күдэригэр сүтээхтиир, атын сир буоругар хаалаахтыыр? Ол эрэн эһиги өлөн-охтон эрэ биэримэҥ, хорсуннук-хоодуоттук мин ааппыттан эмиэ сэриилэһиҥ, кыайыы көтөллөнөн этэҥҥэ эргиллиҥ диэн аҕам уоһун иһигэр син өр алҕаата уонна бу дьон кэккэлэригэр киирсэн уот сэриигэ киирэн өстөөхтөртөн убайын Сахаары, Ньукуускатын, доҕотторун иэстэһиэн олуһун күүскэ баҕаран кэллэ…
Дьэ, бүгүн аҕам Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии биир саамай дьиҥнээх сиэртибэтэ буолбут Ильмень күөл кырыктаах кыргыһыытыгар кыттыһан баран, кыл мүччү тыыннаах ордон, дойдулаан эрэр. Үгүс өлүүнү-сүтүүнү кытта тэбис-тэҥҥэ илин-кэлин түсүһэ сылдьыбыт буолан, ол дьулаан көстүү аҕам өйүттэн-санаатыттан, сүрэҕиттэн-быарыттан өтөр-наар тахсыа суох эбээт быһыыта. Кулгааҕар билигин да илэ ол муустаах ууга былдьатан эрэр номнуо тэтэрэ охсубут номнуо тэтэрэ охсубут барахсаттар хаһыылара-ыһыылара дуорайан олорорго дылы. Хаарыан уолаттарын аһыйан, аҕам хараҕа сиигирэн, мунна аһыйан барбытыгар, хардыытын эбэн, сүүрэ былаастаан тимир суол ыстаансыйатын диэки тэбинэ турда…
Валентина Шологонова-Суруйдаана, Дьокуускай к.
Хаартыскалар: интэриниэттэн