Кинилэр олохторо…

Ааптар: 
08.05.2019
Бөлөххө киир:

(Романтан быһа тардыы)

…Элбэх киһини симиммит борохуот аал ууну чулум-чалым тыаһатан улам-улам биллигирээн-баллыгыраан иһэн, эмискэ баҕайы “Чэ, быраһаайдарыа-ааҥ” диэбиттии уһуннук, киһи эрэ уйулҕата хамсыахтык хаһыытаат, биэрэктэн тэйдэр тэйэн барда. Ол ону кытта тэбис-тэҥҥэ биэрэккэ хаалааччылар-атаарааччылар аймалҕаннара эмискэ бэйэлээх төлө барда. Кэм биэрэккэ ама этилэр, сотору-сотору хамаандалаан хаһыытаталыыр, кытаанах, дьиппиэн көрүҥнээх саалаах дьонтон симитиннэхтэрэ да буолаахтыа, дьэ билигин кэлэн синнэригэр түһэн, кыланыы, хаһыытыы-хаһыытыы ытаһыы кэҥээтэр-кэҥээн барда. Борохуокка да турааччылартан харахтарын ырбаахыларын сиэҕинэн соттооччу элбээтэр-элбээн барда. “Биһиги хайаан да өстөөҕү кыайаммыт төннүөхпүү-үүт, күүтээрии-ииҥ!” диэбит хаһыылара бэрт чуолкайдык дуораһыйан иһилиннэ.

Эдэркээн бэйэлээх кыргыттар сорохторо кумаҕынан, сорохторо эбэ сыырын үрдүнэн чараас сиидэс ырбаахылара такымнарыгар тэлээрэ, былааттарынан далбаатыы-далбаатыы сүүрэн муҥнаннылар да, борокуот тиһэҕин күүскэ сүр иҥсэлээхтик, киһи куйахата күүрүөхтүк кыланна да, талах арыыга мэлис гынан хаалла. Ону кытта тэбис тэҥҥэ ким оргууй олоро, ким сиргэ охтон кэлэн түстүлэр да, уйа-хайа суох ытаһан бараахтаатылар. Син өр оннук сытан баран, биир биир туран, оргууй салбыҥнаан, сэниэлэрэ бүүс бүтүннүү бүппүт дьоннуу оргууй иэҕэҥнэһэн, дьиэлэрин диэки салбыҥнаһан истилэр…

Бары да саҥардыы ыал буолан, оҕо төрөтөн, бур буруону унаарытан испиттэрэ, хара дьайдаах сэрии олохторун төрдүттэн уларыттаҕа, эчикийэ түргэнин. Күн бэҕэһээ курдуга эбээт, ким ыраах Дьокуускай куоракка үөрэнэ барыахпыт диэбит, ким саҥа дьиэ туттуохпут диэбит, ким элбэх да элбэх оҕолонуохпут диэбит. Онтулара ханна баарый, барыта күл курдук күдэҥҥэ көттөҕө дөбөҥүн…

Маайыс кыыс барахсан, саамай бүтэһигинэн туран, быыл буолбут былааччыйатыгар олох да кумаардаан көрбөккө, харыстыыр аххан былаатын сиргэ соспутунан, оргууй хааман истэ. Өйүгэр-санаатыгар, хараҕар барыта сып-сылаастык көрбүт Ньукуускатын харахтара этэ. Кыракый саастарыттан  бииргэ улаатан, бииргэ оонньоон, бииргэ үлэлээн истиҥ сылаас иэйиигэ дьэ саҥардыы ылларан испиттэрэ баара ханна баарый, кырыыстаах сэрии барытын былдьаатаҕа ити. Ньукуускатынаан аны күһүҥҥэттэн “бииргэ дьоннорбутуттан туспа олоруохпут, сүөһү-ас тутан, оҕолонон-урууланан үйэбит тухары иллээхтик-эйэлээхтик, дьоллоохтук олоруохпут”диэн ыраламмыттарын санаат, Маайыс эбии сэтэрэн, уһуутуу-уһуутуу уйа-хайа суох ытаан бараахтаата. Ньукууска уон тоҕустааҕа, онтон Маайыс саҥа уон сэттэтин туолан сылдьара.

Бу бүгүн бэрт кылгас кэмҥэ, тапталлааҕын кытта кистээн көрсүһэр алаастарын соҕуруу өттүгэр хатыҥ чараҥ быыһыгар кыракый ырааһыйа оҕотугар көрсүбүттэрэ. Ньукууска кэлэн иһэн алаас сырыынньа сириттэн, бука тиэтэйэн буолаахтыа, аҕыйах устуука номнуо тэтэрэ кыыспыт бөп-бөдөҥ дьэдьэни үргээн аҕалаахтаабытын, кыыс нарын намчы ытыһыгар куппута. Маайыс биир бөдөҥ дьэдьэни ылан айаҕар уктубута да, уруккутун курдук сүрэҕи минньитэ, сылаанньыта киирэр минньигэһи билбэтэҕэ. Бэл кытара буспут дьэдьэн туох да амтана да, сыта да суох курдук буолбут этэ. Иккиэн да бу уодаһыннаах уот сэрии кинилэр олохторун хайдах аймыан сэрэйбиттии, олус санааргаан, санньыйан, биир сири тобулу көрөн өр соҕус олоро түспүттэрэ.  Бу тиһэх көрсүһүү буоларын билбиттии, саҥаларыттан матан, утарыта көрсөн олорон, харахтарынан эрэ кэпсэппиттэрэ:

-Маайыас, мин хайаан да төннүөм. Эн бэйэҕин харыстан. Мин хайаан да төннүөм. Дьэ, оччоҕо олус үчүгэйдик олоруохпут, — дииллэрэ Ньукууска хап-хара, сып-сытыы харахтара.

— Ньукууска, эн хайаан да эргиллиэҥ. Мин хайаан да эйигин күүтүөм. Эн тускар мин хайдахтаах да ыар олоҕу тулуйуом. Уонна бэйэбин эйиэхэ эрэ анаан,  харыстыам. Мин эйигин эрэ үйэлээх сааспар таптыам, — дииллэрэ уһун кыламан быыһынан көрөр кыыс оҕо килбик харахтара.

Онтон туран эрэн ип- ибигирэс буолан хаалбыт ип-итии уостарынан даҕайсан, хайа хайалара да олохторугар аан бастакыларын уураспыттара. Уол кыыс чараас халадаай ырбаахы  нөҥүө тэрэйэ тэппит түөһүн кыратык таарыйбытыгар, иккиэн уокка оҕустарбыт киһилии дьигис гынаат, харахтарын сүр күүскэ симэн чочумча  турбуттара… Ол ыккардыгар аттаах дьон хаһыытаһар саҥалара чугаһаабытыгар, уол кыыс сирэйин халты-мүлтү сыллаат, ойуур иһиттэн ойон тахсан, тэйиччи кини атын сэтиилэнэн иһэр доҕорун диэкки ойо турбута. Кинилэр кэннилэриттэн атаара кэлэн иһэр оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин тиэтэйэ-саарайа хаамар кэккэлэрин батыһан, Маайыс биэрэк диэкки түһүммүтэ. Кып-кыһыл бөдөҥ дьэдьэннэр  күп-күөх окко “хайа, оттон биһигини тоҕо  ким да амсайбатаа?” диэбиттии кытара ыһыллан хаалбыттара…

Тулалыыр айылҕа барахсан дьон-сэргэ айманарын кытта тэҥҥэ санаарҕаһар курдуга. Бэл ыыс араҕас күн барахсан хараҕын аллараа көрөн, аһыммыттыы тыгара. Хаарыан бэйэлээх уолаттар сэриигэ баралларын ийэ сир харыһыйар, аһыйар, курутуйар курдуга. От-мас барыта тоҥхоҥноон, күөх лабааларынан далбаатаан, быраһаайдаһар курдуктара. Тула барыта курас, хобдох, киһи эрэ хараастыах түгэнэ этэ…

Маайыс атаҕын нэһиилэ сыҕарытан, хааман иһэн, арай сиэбигэр туох эрэ угуллубутун биллэ да, бэрт түргэнник кэтэ сылдьар сиэрэй өҥнөөх эргэ бинсээгин сиэбиттэн тугу эрэ эһэ охсон таһаарда. Суол ортотугар тохтоон, өйдөөн көрбүтэ доҕоор – мастан үчүгэйкээн баҕайытык кыһан оҥоһуллубут кырачаан оҕо буолла. Маайыс ытыһыгар оруобуна сөп буолан оннун булан сытынан кэбиспит эһээкий оҕону санатта. Доҕоро Ньукууска барахсан кыһаллан аҕай оҥорбутун тута сэрэйдэ. Кыыс хараҕын быһа симпитигэр бөдөҥ таммахтар холбообут ытыһыгар чөкөллө сытар мас оҕотугар хойуутук таммалаан, кокуукка сиигирэн, өҥө онон-манан харааран барда. Маайыс түргэн үлүгэрдик хараҕын сотто оҕуста уонна кокууккатын былаатын дуомунан сото-сото: “саатар эн ытаама, саатар эн ытаама”- дии-дии сэрэниин-сэрэнэн, нарын тарбахтарынан имэрийэ турда…

Борокуокка араас омук симиллибитэ хайыай, кус-хаас саҥата дэлэйэ. Маҥнай бары да уку-суку эбит буоллахтарына, кэнникинэн бэйэ-бэйэлэрин кытта бодоруһан, бары биир өлүүгэ баран иһэллэригэр өйдүүн-санаалыын сөбүлэһэн, үөрэнэн арыт күлсүү-салсыы, бэйэ-бэйэни хаадьылаһыы да баара. Ол эрэн ханна баҕар буоларыныы, били эппиккэ дылы “биирэ таҥара табата, атына абааһы тайаҕа диэбиттии” хадаар, була сатыыр дьоннор да ханна барыахтарай. Итинник дьон суохтара буоллар, бэрт этэҥҥэ айаннаан иһиэхтэр эбит. Элбэх киһи ортотугар сахалыы да обургутук, холкутук кэпсэтиэн кыбыстар,  бэрт кэнэн,  кэмчиэрийэр саха уолаттарын ол баппат дьон буулаан сордообуттара. Күлүү-элэк оҥостоллоро, аһылык кэмигэр күннээн, сиэри олорор аһылыктарын кытта туура тутан ылаат, күлэ-күлэ ааһа тураллара. Нууччалыы биир тылы билбэт барахсаттар сатаан  аахсыбаттара, ханна- кимҥэ тиийэн, туох диэн үҥсүөхтэрэ, көмүскэл көрдүөхтэрэ баарай? Олус диэн абара санааталлар да, оччолооҕу тулуйан баччаҕа кэлбит күүстээх омук удьуордара абаларын-саталарын истэригэр хаайаллара. Арай уоттаах чолбон курдук сытыы харахтаах, быыппастыгас быччыҥын хаххалаппыт халыҥ таҥастаах, сахаҕа үрдүк уҥуохтаах, дараҕар саннын кистээн кумуччу туттан олорор Баһылай Мордьонноохоп диэн ааттыыр күүстээх, аатырбыт тустуук хабырынан ылара, баллаҕар улахан ытыһын сүһүөхтэрэ лычыгырыар диэри сутуруктуу туттарын, атаҕастаан аллараҥнаһааччылар өйдөөн-төйдөөн да көрбөттөрө…

Борокуот аал дьэ тиксиэхтээх сирин булан, хаста да сүр күүскэ үөгүлээт, ууну бүллүгүрэтэн-быллыгыратан биэрэги булбута. Хамаанда бөҕөнөн син сааһыланан оннуларын — тойдорун булунан, хаһаарымаҕа кэлбиттэрэ. Уһун синньигэс мас бараахха барыларын олохтоон үс ыйга байыаннай үөрэҕи бараҕыт диэн буолта. Бу атаҕастыыр-баттыыр, дьээбэлиир күөх харахтаах дьоннор өссө да уһуннук  күннүүһүлэр диэн саха уолаттара санаалара түһэн санньыйбыттара.

Киэһэ аһааһын буолбутугар бары остолубуойдара диэн туспа турар кыракый мас дьиэҕэ мустубуттара. Сулугур хаппыыста уута миин, кыра килиэп биэртэлээбиттэрэ. Ньукууска барахсан килиэбин сии да илигинэ, былдьаан ылан сиэптэригэр уктубуттара. Өссө Уйбаанчык саахардаах хара  чаайын сыпсырыйан эрдэҕинэ, саҥа аһыы киирэн иһэр баппат эрэт  былдьаан ылбыта да, итиини итии диэбэккэ иһэн киллиргэппитэ. Маны барытын көрөн олорбут Мордьонноохоп ойон турбута: били нүксүччү туттубут киһи көбүс-көнө буолан чиккэллэн, түөһүн мөтөтөн, дараҕар саннын таһааран баараҕай бухатыыр буола түспүтэ. Таҥаһа сииктэринэн субу быһа барыахтыы, уол хас биирдии быччыҥын ойуулуу тиириллибитэ. Кини сахатын уолаттарын барыларын ситэ аһаппака ыҥыртаан, батыһыннаран тахсан иһэн, маҕыйыаҕынан  маҕыйан баран хаһыыра түһээт, тахсар аан үөһээҥҥи модьоҕотун саайан кибилиннэрдээ!  Сүрдээх улахан тыас, үөгү буолбутуттан соһуйан бары кэннилэрин хайыһан көрбүттэрэ, мас аан модьу модьоҕотугар биэс тарбах суола бэчээт курдук түһэн хаалбыт этэ. Бары аһыы олорбут дьон саба сырсан кэлэн, үөмэхтэһэн бэйэ-бэйэлэрин үтүрүйсэ-үтүрүйсэ ол сүүнэ улахан баппаҕай маска дириҥник ойууланан хаалбытын, олус да соһуйа-өмүрэ, дьиктиргии, дьааххана одууласпыттара. Имэрийэн көрө-көрө, сорохтор төбөлөрүн быһа илгистибиттэрэ.

Дьэ, онтон ыла бүтүн ый устата эрэйдээбит, аны өссө үс ый муҥнуохтаах бөтөстөр тута ньыкыс гынан хаалтара, баардара-суохтара биллибэт, ньимиликээн дьон буола түспүттэрэ. Саха уолаттара бары эмискэ чэпчээн,  дьэ үрүҥ харахтарын үөһэ көрбүттэрэ, утуйар уулара уу, аһыыр астара ас буолар буолбута. Халыҥ хаххаларыттан, суон дурдаларыттан-Өлөксөйдөрүттэн манна баар араас  омук уолаттара бары сүрдээҕин толлубуттара, симиттибиттэрэ. Барахсан кини быыһаан, көмүскээн уолаттар этэҥҥэ сылдьыбыттара…

Дойдуларыгар аа-дьуо үлэлии-хамныы үөрэммит дьоҥҥо, байыаннай үөрэх сүүрдүүтэ-көтүтүүтэ, туруута-олоруута олус кытаанаҕа. Ол эрэн саха уолаттара атын омуктартан быдан кыахтаахтарын, сытыыларын, кыраҕытык ыталларын көрдөрбүттэрэ. Арай биир эрэ улахан моһуок баара-ол төрөөбүт төрүт астара этэ. Уолаттар сарсыарда аайы сиир ытык хороччу турар хойуу күөччэхтэрин, утаҕы ханнарар кымыстарын, сыалаах эттэрин, хоргуннаах мииннэрин, үүт үрдэ мип-минньигэс сүөгэйи ыймахтыылларын олус да суохтаабыттара, ахтыбыттара. Бэйэ-бэйэлэрин көрсө-көрсө били дьиэлэриттэн араҕалларыгар сирэйдэриттэн сыа-арыы таммалыах курдук килэрийбит иэдэстэрэ күннэтэ уостан, хатан иһэрин көрөн санаарҕыыллара, хараасталлара.

Арай биирдэ киэһээҥҥи аһылык кэннэ, халлаан лаппа хараҥарбытын кэннэ аҕабын икки билэр уолаттара  ыҥыран ылан, хаһаарымаларын кэннин диэкки дьалты илтилэр:

-Хайа, Миитэрээй, иэдэйэн эрэбит дии. Маннык буоллахха сэрии буола турар сиригэр тыыннаах тиийэрбит да саарбах буолла.  Хайыыбытый, уолаттар? Мин этиилээхпин-күрүөххэйиҥ!!! Саатар силбэхпит бэйэбит төрөөбүт сирбитигэр хаалыа этэ буоллаҕа дии. Онтон бардахпытына, хайа дойду халлаанын анныгар, хайа дойду буоругар охтуохпут, сүтүөхпүт, симэлийиэхпит ыт-кус, үөн-көйүүр аһылыга буолуохпут биллибэт. Сим биир төннүбэппит. Мааҕын уолаттар:  “сэрии туох да сүрдээх үһү, биһиги өттүбүтүттэн өлүү-сүтүү туох да буолунай үһү, онон сэрии ким туһатыгар түмүктэниэ биллибэт” диэн кэпсээбиттэрэ. Уонна биһиги нууччалыы “ыт” да диэни билбэт, сатаан аахсыбат дьону сим биир саамай кытаанахха,  саамай уокка анньыахтара. Ити Боотурбут куруук биһиги аттыбытыгар буолбата чуолкай, — дии-дии сибигинэйэ былаастаан Ньукулай диэн уол эттэ-тыынна,  сүүрэлэс харахтарынан “хайыыгыт?” диэбиттии чохчойон ньыкыйан олорон аҕам уонна Бүөтүр диэкки көрүтэлээтэ.

Ньукулай куттаммыта, дьааххаммыта, сүрдээх сэрэхтээх, аньыылаах  суолга бигэтик быһаарыммыта сирэйиттэн-хараҕыттан тута билиннэ.

-Хайа, хайыыгыт? Мин санаабын уларыппаппын!-диэтэ Ньукулай бигэтик. Кини кыратык салыбырас буолбут тарбахтарынан, сэҥийэтин туппахтанан ылла.

-Оо, дьэ мин хайыырым буолла, онтон барсан эрдэҕим. Сэрииттэн куттанарым бэт ээ, -дии-дии кэтэҕин тарбана-тарбана Бүөтүр, икки атаҕар тэпсэҥэлээн ылаттаата.

-Суох! Мин мантан ханна да барбаппын!!! Мин — хомуньуус баартыйа чилиэнэбин, олохтоох Сэбиэт дьокутаатабын, мин норуотум туһугар кыһаллар киһибин!!! Кинилэр үрдүк ааттарын сиргэ-буорга тэпсибэппин. Ийэ дойдубун өстөөхтөн көмүскүүр-мин ытык иэһим, кыайыы туһугар өллөхпүнэ да астык, ханна эрэ саһа сылдьан суох буолуохтааҕар, — аҕам сымнаҕастык этэ сатаата да, кэнникинэн куолаһа тыйыс, тымныы, кытаанах буолан иһилиннэ,  — эһиэхэ сүбэлиибин: ааккытын-суолгутун алдьатымаҥ, киртитимэҥ! Дьоҥҥутун-сэргэҕитин санааҥ! Уһуну-киэҥи толкуйдааҥ! Тохтооҥ, ханна да куотумаҥ, күрээмэҥ! Хойут эһигини туох диэхтэрэй? Сим биир биһиги кыайыахпыт!-аҕам өссө төгүл тылыгар киллэрэ сатаата да, истибэтилэр.

-Чэ, Миитэрэй, бырастыы. Бириэмэ кылгас. Уонна көрсөр да биллибэт. Биһигини этээйэҕин, көрдөһөбүт. Тиһэх көрдөһүү-кытаанах!- диэт уолаттар күлүк курдук күлүкүлдьүһэн, хараҥаҕа киирэн сүтэн хааллылар.

Киэһээҥҥи бэрэбиэркэҕэ икки киһи сүппүтэ биллэн, түптэ-түрүлүөн буола түстэ. Хантан эрэ эмискэ ыттаах дьон кытта баар буоллулар. Ыттар үрэн маргыһан, тулалыыр чуумпу уйгууран хаалла.

Хас да хонук ааста да, күрүөйэхтэр тутуллубут сурахтара иһиллибэтэ…

Ол дьону мин туох да диэн буруйдуур, сиилиир-сэмэлиир быраабым суох. Ол эрэн хойут лаппа улааппытым кэннэ, аҕам сэриигэ барарыгар элбэх буолан түспүт хаартыскаларыгар ол дьон сирэйдэригэр кумаахы сыһыаран баран хаттаан түһэрбиттэрэ, көрүөххэ дьулаан этэ. Сирэйэ суох дьоннор… Оччотооҕуга “дезертир” диэн ааттанан, бэйэлэрин да, чугас  дьоннорун да эрэйгэ-буруйга, сэмэҕэ-суҥхаҕа, муҥҥа-таҥҥа тэппит дьон…

Халлаан биллэ тымныйан, от-мас хагдарыйан, сытыы тымныы тыал курдары үрэрэ күнтэн күн күүһүрэн истэ. Биир сарсыарда уһуктубуттара, хаһаарымаларын иһэ сырдаан хаалбыт. Таһырдьа тахсыбыттара хаар түһэн намылыта турар эбит. Аҕам уонна саха доҕотторо маҥан хаарга наһаа үөрдүлэр, дойдуларыгар тиийбит тэҥэ сананан ылаттаатылар. Хаар барахсан сири-дойдуну таптыыр ийэ оҕотун куба маҥан суорҕанынан тоҥмотун диэн кыһаллан сабарын курдук, “чэ, сынньан, утуй” дииринии,  хаар сотору сири – уоту бүтүннүү бүрүйдэ. Тула барыта чэбдик, ыраас, бары барыта уурбут-туппут, хомуллубут курдук буола түстэ. Уолаттар уруккулара буоллар хаарынан бырахса оонньуо эбиттэр да, сэниэлэрэ суох. Күн ахсын астара өссө кырыымчытыйан иһэр. Бу сарсыарда хара чаай, хара килиэп дуома.

Күнүс массыыналаах дьон кэлэн көмө диэн мал-сал, аһылык түҥэттилэр. Аҕам ханнык эмэ баҕар аска тиксиэм диэн уочаракка анньыһан-анньыһан тиийбитигэр, биир нуучча кыыһа кыракый кытаанах суулааҕы илиитигэр куду аста. Атаҕа сири билбэт буолбут аҕам дьон быыһыттан кыбыллан-кыбыллан төлө мөҥөн тахсан, суулааҕын арыйа баттаата. Дьэ тугу биэрбиттэрэ буолуо дии саныыгыт? Мыыла! Таҥас сууйар мыыла буолан, аҕабын наһаа хомотто. Онтон тот дьоҥҥо дьиҥэр мыыла таҥас-сап суунарга олус бэрт буоллаҕа эбээт.  Ону баара билигин кинилэр өйдөрө- санаалара биир эрэ этэ-ол тото-хана аһаабыт киһии, хантан эмэ ас эрэ булбут, бэриһиннэрбит киһии эрэ диэн этэ…

(Салгыыта бэчээттэниэ)

Валентина Шологонова-Суруйдаана, Дьокуускай к.

Уруһуй:  интэриниэттэн ылылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0